27.12.2019 | 09:04

Саҕаланыыта хайдах этэй?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл «Киин куорат» хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыта 20 сыл буола охсубут эбит.

Оччолорго Дьокуускайга нууччалыы тылынан «Эхо столицы» диэн соҕотох куорат хаһыата баара. Онтубут даҕаны саҥардыы оннун-тойун булан эрэрэ. Ол, бука, Илья Михальчук мээргэ быыбарданыаҕыттан силис-мутук тарпыта чахчы. Кини хомсомуол обкомугар пропаганда салаатыгар Өймөкөөнтөн ананан кэлбитэ, онон айар сойуустары кытары билсэр-көрсөр этэ.

Утаакы соҕуһунан Бэчээт департаменын иилээбитэ-саҕалаабыта. Куорат сахалыы эмиэ хаһыаттаах буолуохтааҕын, этитэ да барбакка, тута сөрөөн өйөөбүтэ. Итиннэ барытыгар кыттыктааҕым быһыытынан, «Киин куорат» хаһыат үлэһиттэрин сүүмэрдээһини миэхэ сүктэрбиттэрэ. «Эхо столицы» эрэдээктэрэ Андрей Петров тылын ылыммакка, эрэдээктэринэн «Кыым» кэрэспэдьиэнэ эдэр киһи Александр Яковлевы кэпсэтэригэр сүбэлээбитим. Андрей Аргунов, кэргэниттэн истэн, бэйэтэ тиийэн кэлбитэ. Ини-бии Андриан, Леонид Николаевтар, «Эхо столицы» нууччалыы хаһыакка кэрэспэдьиэннии сылдьар уолаттар, сүрүн тирэх буолбуттара. Кинилэри кытта суксуруһан Виталий Иванов-Сур күөрэс гыммыта. Марианна Тихонова, Люба Готовцева, Туяра Нутчина, Наталья Протопопова утуу-субуу кэлитэлээбиттэрэ. Инньэ гынан, олус дьоҕурдаах айар кэлэктиип үөскээбитэ.

Аны туран, «Өлүөнэ сарсыардата» литературнай хаһыаты, бэчээккэ үлэлээбит сылларым былаһын тухары бэйэбиттэн араарбакка илдьэ сылдьарбар Нам педучилищетыгар үөрэниэҕиттэн төрөппүт уолум Василий таҥан-макеттаан таһаарсыбыт буолан, «Киин куорат» тас көрүҥүн, ойуутун-дьарҕаатын бэйэтин илиитигэр ылбыта.

Андрей Васильевичтыын хара маҥнайгы күммүтүттэн уу тэстибэтинэн атастыы-доҕордуу буолбуппут. Хаһыат иирбэ-таарба ис үлэтин үйэтин устата дьарыгырбыт киһи курдук түргэнник ылынар дьоҕурун сөҕөртөн ордубат этим.

Быһата, кини сатаабатаҕа сир үрдүгэр суоҕун курдуга. Саас бастакы көҕөнү, күһүн бүтэһик куһу кини өлөрөрө. Дэлэҕэ, тойон кыыл (хотой) кини илиититтэн тотуоҕунан эт үссэнэн ааһыа дуо?

Биир кыһыҥҥы күн Полина Осипенко уулуссаны батыһа сытар көлүкэлэргэ андаатардыырыгар сылдьыспытым. Хапкаанын иитэригэр-көрөрүгэр курданарыгар диэри сонун, ырбаахытын эҥин устан баран ууну булкуйара. Уонна сонно-тута сылааһына сүлэн сылыбыратара түргэнэ диибин диэн.

«Киин куоракка» кини туһунан суруйан турабын.

Прокопий ЧУУКААР

Ити курдук, 1999 сыл атырдьах ыйын 7 күнүгэр «Киин куорат» хаһыат 1 №-рэ тахсыбыт. Баара-суоҕа 12 балаһалаах дьоҕус нүөмэри эрэдээктэр Александр Яковлев, кэрэспэдьиэннэр Андрей Аргунов, Александр Бурцев, Виталий Иванов, Андриан уонна Леонид Николаевтар бэлэмнээбиттэр. Бастакы рубрикаларынан «Биһиги ыалдьыппыт», “Экономика уонна политика”, “Былыргы дьылларга”, «Литературнай балаһа”, “Кус быһыйдар, ат бөҕөлөр”, “Сиэр-майгы”, «Дьиэ хаһаайкаларыгар сүбэлэр» буолбуттар. Хаһыаты дизайнер Василий Андросов таҥмыт. Хаһыат 5000 ахсаанынан тахсыбыт.

Куорат баһылыга Илья Михальчук «Саҥа хаһыатынан, саха дьоно!» диэн эҕэрдэлээбит: «Биллэрин курдук, Дьокуускай куорат администрацията уонна кини баһылыга бу дьыл саҥатыгар «Эхо столицы» хаһыат сахалыы сыһыарыылаах тахсыа диэн эрэннэрэн тураллар. Дьэ, ону олоххо киллэрэн, күндү ааҕааччылар, эһиги «Киин куорат» диэн ааттаах сахалыы тахсар хаһыат бастакы нүөмэрин ылан көрө-истэ олороҕут. Биһиги, нууччалар, саҥа улахан, уустук дьыала бастакы түмүгүн «первый блин комом» диэн күлэн-үөрэн этээччибит. Онтубут бу сырыыга сатаныа суох курдук буолсу. Андрей Петров салалтатынан эдэр, эрчимнээх, элбэх саҥа идеялардаах редакция үлэһиттэрэ начаас ыккардыгар тутан-хабан, бастакы нүөмэрдэрин элэҥнэтэн таһаардылар... Хомойуох иһин, билигин куорат иһинэн тахсар хаһыаттар сүтэ-сүтэ күөрэйэр буоланнар, сахалыы ааҕар араҥа ардыгар илиитин соттон хаалар. Ону өйдүүр буолан, куорат дьаһалтата төрүт норуот бэйэтин тылынан тахсар хаһыатын таһаарар туһунан үлэни ыытта... «Киин куорат» хаһыат уһун сылларга чэчирии сайда турдун, саха дьонун өйүн-санаатын, кутун-сүрүн туттун диэн сахалыы алгыс тылларбын тиэрдэрбин көҥүллээҥ», - диэн үтүө-мааны тыллары эппит.

Ил Түмэн дьокутаата Василий Филиппов эрэдээктэр Александр Яковлевка биэрбит интервьютугар: «Өрөспүүбүлүкэбит олоҕор киин куорат суолтата олус улахан. Онон сахалыы туспа хаһыаттанара наада. Ааҕар аудиторията – куоракка олорор сахалар буолуохтара. Аны туран, бу ааҕааччыларбыт саха дьонун, саха интеллигенциятын чөмчөкөлөрө буолаллар. Кинилэр саха омук национальнай идеятын иилиир-саҕалыыр, оҥорор дьон буолаллар. Онон сахалыы тыллаах хаһыат үчүгэй дьайыылаах буолуо этэ дии саныыбын», - диэн бэлиэтиир. Маны сэргэ саҥа хаһыаты Куорат бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Петр Упхолов, Дьокуускай куорат Бочуоттаах гражданина Нина Протопопова, саха норуодунай поэта Моисей Ефимов уруйдуу көрсүбүттэрин биллэрбиттэр.

Кэрэспэдьиэн Андрей Аргунов оччолорго 4 тыһыынча кэриҥэ нэһилиэнньэлээх Хатас бөһүөлэгэр тахсан, үүнүү, от үлэтин, сибиинньэ иитэр комплекс, атын даҕаны хаһаайыстыбалар дьылы аһатар түбүктэрин сырдатар бэртээхэй репортаһы оҥорон кэлбит. Кэрэспэдьиэн Виталий Иванов «Мэҥэ халлаантан күүс-күдэх көрдөһөн» диэн итэҕэлгэ сыһыаннаах, Арсан диэн ааптар «Айаал сайына» диэн политиканы оҕо хараҕынан кэпсиир сонун сэһэни бэчээттэппиттэр, эдэркээн Люба Готовцева куорат пааркатыгар ыччакка аналлаах мустар сир арыллыбытын үөрэн-көтөн туран иһитиннэрбит.

Бүтэһик балаһаҕа баһылык Илья Михайльчук нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар хомунаалынай төлөбүргэ ночооттоох сокуон тахсыбытын туһунан хом санаатын үллэстибитэ эмиэ хаһыат биир сонун, 20 сыл ааспытын кэннэ аахтахха, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыырын ырылыччы туоһулуур түгэнэ:

«Эһиги билэргит курдук, бу дьыл от ыйыгар куорат дьаһалтата нэһилиэнньэ кыаммат уонна орто араҥатын көмүскүүр сыаллаах олорор дьиэ уонна коммунальнай өҥөлөр иһин саҥа төлөбүрдэри олохтообута. Бу саҥа дьаһалынан куорат олохтоохторо олох-дьаһах иһин төлөбүрдэри дьиҥ тахсыбыт ороскуотунан төлүөхтээх этилэр. Нэһилиэнньэ кыаммат араҥата ыйга 41 солкуобайы төлүөхтээҕэ. Нэһилиэнньэ кыанар араҥаларыгар эмиэ сөптөөх чэпчэтиилэр көрүллүбүттэрэ. Орто дохуоттан үөһэ хамнастаахтар өҥө бэйэтин сыанатынан, ол эрээри ыал уопсай дохуотун 15 % үрдүгэ суох төлөбүрү төлүөхтээҕэ. Маннык дьаһалынан федеральнай төлөбүр нуорматыттан 4% намыһах буолуохтааҕа.

Бу дьыл атырдьах ыйын 1 күнүттэн Саха Республикатын Правительствотын дьаһалынан Дьокуускай куорат олох-дьаһах иһин бэйэтэ төлөбүр кээмэйин олохтуур бырааба быһылынна. Саха Республикатын правительствота Саха сиринээҕи олох-дьаһах уонна коммунальнай хаһаайыстыба министерствотын этии кэллэриитинэн саҥа төлөбүрү олохтоото. Онон саҥа төлөбүр уруккутааҕар 50-60 % үрдээтэ.

Дьокуускай куорат дьаһалтата Правительство модьуйуутун ылынарыгар күһэлиннэ. Онон бу дьыл атырдьаз ыйын 1 күнүттэн олох-дьаһах төлөбүрэ саҥа көрүҥүнэн олоххо киирдэ.

Мин куорат нэһилиэнньэтин кыаммат уонна орто араҥатыгар чэпчэтиилэр оҥоһуллалларын Правительство өйөөбөтөҕүттэн улаханнык хомойобун.

Саха Республикатын Правительствотын нэһилиэнньэ кыаммат уонна орто араҥата социальнай өттүнэн көмүскэллээх буолууларыгар туһаайыллыбыт докумуоннара оҥоһуллан олоххо киллэриллэ охсоллоругар Саха Республикатын президенэ Михаил Николаев быһаччы орооһуо диэн эрэнэбин. Дьокуускай куорат дьаһалтата ити докумуоннары олоххо киллэрэр комиссия үлэтигэр быһаччы орооһон, куорат олохтоохторун интэриэстэрин туруулаһан көмүскүүргэ мэлдьи бэлэм», - диэн мэр санаатын үллэстибит.

Ити курдук, бастакы нүөмэр Дьокуускай куорат олоҕун-дьаһаҕын бары эйгэтин – үтүө-мөкү өрүттэрин барытын хабан сырдаппыт. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...