Саҕахха саспыт таптал
Сайыҥҥы нуурал киэһэни мутукча дыргыл сыта, чыычаах саҥата, кэҕэ этиитэ киэргэтэннэр, дьикти көстүү сир үрдүгэр налыйда.
Пааркаҕа, сэндэҥэ мастар быыстарыгар ыскамыайкаҕа биэс уонча саастаах дьахтардаах эр киһи олороллор. Эр киһи үскүлэҥ, чанчыктара лаппа маҥхайбыттар. Дьахтар «тып» курдук. Кини эр киһини сылаастык көрө олорон: «Дьулус, көрсүбэтэхпит өр да буолла», - диэтэ. Эр киһи: «Оскуоланы бүтэрбиппит уон биэс сылыгар бүтэһигин көрсүбүппүт дии. Ол кэмтэн номнуо уон аҕыс сыл ааһа охсубут. Бириэмэ түргэнэ сүрдээх», - диэтэ уонна дьахтары тургутардыы одууласта. Дьахтарга сааһырыы бэлиэтэ өссө даҕаны сыста илик, арай хара баттаҕын хараҥа кугас өҥүнэн кырааскаламмыт. Кини бэйэтин көрүнэрэ киһи хараҕар көстөр, таҥаһа-саба уурбут-туппут курдук, косметиканан сатабыллаахтык тупсарыммыта сиппит хотун көрүҥнүүр. Дьулус сыанабылын таска таһааран: «Сардаана, бириэмэ сорохтору аһыммат буоллаҕына, эйигин, төттөрүтүн, тупсаран иһэр эбит», - диэтэ. Дьахтар сонньуйан ылла уонна эр киһини утары көрөн олорон: «Дьулус, эн мин саамай ыраас тапталым буоларгын билэҕин дуо?» - диэн ыйытта. Маны истэн эр киһи сэргии түстэ уонна: «Суох, билбэппин»,- диэтэ. Дьахтар чочумча саҥата суох олорбохтоот: «Эн өйдүүрүҥ дуу, суоҕа дуу? Төрдүс кылааска үөрэнэ сылдьан Эдьигээн тыатыттан Ытык Күөлгэ көһөн кэлбиппит. Мин төрөөбүт кыра дэриэбинэбэр тэҥнээтэххэ, Ытык Күөл тигинээн-таҕынаан олох куорат курдук көстүбүтэ. Оскуолаҕа оҕото элбэҕэ, оскуола икки этээстээҕэ тыа муҥкук кыыһыгар улахан сонун буолан көстүбүтэ. Аны туран, уолаттар мэниккит сөхтөрбүтэ. Биримиэнэ аайы саабылалаһан, паарта үрдүнэн сүүрэ сылдьан киирсэргит. Мин дойдубар уолаттар итинник мэниктээбэт этилэр. Баҕар, оскуолабыт кыараҕаһыттан, оҕо аҕыйаҕыттан буолуо. Үөрэммитим бастакы күнүгэр араас сонуну көрөн алааран турдахпына, эн сүүрүүнэн ааһан иһэҥҥин: “Этэрбэстээх кыыс”,- диэт суумкаҕынан күүскэ баҕайы төбөҕө охсон ааспытыҥ. Ону олох умнубаппын», - диэтэ. Дьулус мэник оҕо сааһын санаан мүчүйдэ. «Мин эйигин охсубуппун өйдөөбөппүн. Онтон унтуулааххын үчүгэйдик өйдүүбүн. Тоҕо диэтэххэ, оскуолаҕа соҕотох эн эрэ унтуулаах этиҥ, өссө онтукаҥ муус маҕан этэ», - диэтэ.
Сардаана мичээрдиирин быыһыгар: «Эн мэнигиҥ сүрдээх этэ. Ити биир охсуунан бүппэтэҕиҥ, оройгунан көрөн ааһан иһэҥҥин куруук «Этэрбэстээх кыыс, этэрбэстээх кыыс» диэн суустуу-суустуу баттахпыттан тардарыҥ, атаххынан хатыйарыҥ. Инньэ гынан, ыксааммын, ытаан туран дьоммунан унтуум оннугар хаатыҥка ылларан кэппитим. Эйигин наһаа куһаҕан уол диэн абааһы көрбүтүм. Онтон сэттис кылааска, кыыс уол диэн өйдөбүл төбөбүтүгэр киирэр кэмигэр, эн кэккэлэһэ эрээккэ мин иннибэр олорбутуҥ. Мөкү өттүнэн болҕомтобун тардыбыт киһиэхэ, үөрэнэн хаалбычча, элбэхтик харахпын хатыырым. Үөрэххэр үчүгэйгинэн уонна ону-маны сатаан ыпсаран кэпсиир дьоҕургунан санаабын сүүйэн барбытыҥ. Устунан оҕотук бастакы иэйии үөскээбитэ. Эйигин идеал оҥостон, куруук саныы сылдьар буолбутум. Соҕотох кэммэр өйбөр иккиэн сиэттиһэн сылдьарбытын оҥорон көрөрүм. Биир кэмҥэ эн эмиэ мин диэки сылаастык көрүтэлиир буолбуккун билбитим. Оо, онно наһаа даҕаны дьолломмутум. Тула өттүм барыта сырдаан хаалбыта. Үөрүүбүттэн хааман иһэн үҥкүүлүөхпүн баҕарарым. Онтон соһуччу баҕайы эн миигин олох аахайбат буолбутуҥ. Тулам барыта хараҥара түспүтэ. Туох сыыһаны оҥордохпунуй диэн муунтуйбутум. Ол гынан баран эйиэхэ тардыһарым өссө күүһүрбүтэ. Эн ыҥырдыҥ даҕаны, ханна баҕарар сүүрүүнэн тиийэр туруктааҕым. Ити ахсыс кылааска этэ», - диэн кэпсии олордо.
Маны истэн Дьулус: «Кырдьык, мин эн сылаас көрүүгүн таайбытым уонна эйиэхэ чугаһыахпын санаабытым. Ону баара биир субуотаҕа үҥкүүгэ тиийбитим, эн Симчиктыын вальстыы сылдьарыҥ. Үҥкүү тохтообутугар уолаттар кылааска киирэн олордохпутуна, Симчик: «Сардаана мин кыыһым, кинилиин доҕордоспуппут ыраатта, үҥкүү кэнниттэн дьиэтигэр атаарыах буоллум», - диэн өҥнөммүтэ. Мин уоска бэрдэрбит курдук буолан, эрдэ дьиэлээбитим. Эйиэхэ, уоллаах кыыска хайдах чугаһыахпыный диэн, тохтоон хаалбытым», - диэн оччотооҕу хомолтотун эттэ.
Сардаана: «Хайыы, Сима эмиэ сымыйалаабыт. Миигин кини үҥкүүгэ ыҥырбытыгар кииримээри гыммытым, ону дьүөгэм Лариса «сүрэ бэрт, сатаатар биир үҥкүүнү үҥкүүлээ” диэбитин быһа гыммакка, тапталбын куоттарбыт эбиппин. Мин ону хантан билиэм баарай», - дии түстэ. «Тохсуска икки оскуола оҕолорун холбоон үс кылааһы аттаралларыгар эйигин атын кэккэлэһэ кылааска көһөрбүттэригэр, тулаайахсыйа түспүтүм. Күн аайы көрүдүөргэ тахсан, эн ааһан иһэргин көрөн дьоллонорум. Аны эн Дашаны кытта сылдьар буолбуккар, хомойон, күнүүлээн муҥнаммытым. Ол гынан баран эйигин сөбүлүүр санаам уостубакка, төттөрүтүн, өссө күүһүрбүтэ. Саатар ансаамбыл тэринэҥҥит, «сулус» буолаҥҥыт, оскуола кыргыттара үксүлэрэ эйигинэн «ыалдьыбыттара». «Умнуллубат онус кылааһы» гитараҕа оонньуу-онньуу наһаа даҕаны үчүгэйдик ыллыырыҥ. Мин иһиттэхпинэ, эйигиттэн ордук оонньуур, ыллыыр атын ырыаһыт сир үрдүгэр суоҕа», - оргууй кэпсиир Сардаана.
Дьулус маны истэн улаханнык долгуйда: «Сардаана, онтон тоҕо таптыыргын миэхэ биллэрбэтэххиний?». Дьахтар үөһэ тыынна уонна: «Биллэрбитим. Эйиэхэ сурук суруйан Ларисанан ыыппыппын, тиксэрдим диэбитэ. Дьиҥинэн, тиксэрбэтэх эбит, ону уонча сыл буолан баран билиммитэ. Тоҕо биэрбэтэххиний диэн ыйыппыппар: «Мин ити кэмҥэ эмиэ Дьулуһунан «ыалдьа» сылдьыбытым», - диэн билиммитэ. Мин ону билээхтээбэккэ, эн хоруйгун кэтэс да кэтэс. Хоруйдаабатаҕыҥ иһин, аккаастаата диэн, хомойбутум аҕай. Ити килбик кыыска улахан охсуу этэ. Шекспир «Ромео уонна Джульетта» айымньытын олохтон суруллубут диибин. Мин трагедиям хайа эрэ өттүнэн эмиэ итиниэхэ маарынныыр, тапталбын олоҕум устата ымыы оҥостон илдьэ сылдьабын», - диэтэ уонна иэдэһинэн түһэр хараҕын уутун былатыагынан сотунна.
Дьулус Сардаана уостубат ыраас тапталын сөҕөн, дьахтары улаханнык ытыктаата уонна итинник таптыыр киһи баарыттан үөрдэ. Сардаана уоскуйа түспүтүн кэннэ: «Эн Сималыын хайдах олорбуккутуй?» - диэн ыйытта. Сардаана дириҥник үөһэ тыынна уонна былатыагын мускуйа-мускуйа: «Эн университет кэнниттэн Мииринэйгэ үлэлии сылдьаҥҥын сыбаайбаҕар ыҥырыы ыыппыккын бииргэ үөрэммит оҕолор бары туппуппут. Мин ол түүн ытаан хоммутум. Бэл, сыбаайбаҕа тиийэн эйигин таптыырбын эппит киһи диэн баламат санаа кииртэлээн ылбыта. Сарсыныгар харса суохпар түһэн, Симаҕа кэргэн тахсарга сөбүлэҥмин биэрбитим. Баҕар, бииргэ олордохпутуна сөбүлүөм дии санаабытым. Ханна баарый? Киһим сымыйаччыта, киһиргэһэ өссө ырылхайдык көстөн кэлбитэ. Онно эбии аны күнүүһүтэ диэн биир сор. Кэлин күүскэ арыгылыыр буолбута. Ол аайы эн мөссүөнүҥ өссө күндүркэйбитэ. Хата, таҥара биэрэн икки оҕоломмутум. Олохпор эйигин кытта үллэстибэтэх тапталбын барытын кинилэргэ биэрдим. Сима арыгылыы сылдьан ууга түһэн өлбүтэ», - диэтэ. Сардаана сүрэҕин кистэлин киһитигэр кэпсээн, улаханнык чэпчээтэ.
Дьулуһу имэрийэ көрө олорон: «Саҕахха саспыт тапталбын дьэ көрсөн дьоллоннум. Билигин мин көҥүл дьахтарбын. Дьулус: «Миэхэ дьиэбэр барыах, олоҕум устата иэйбит иэйиибин дуоһуйа, биир да таммаҕы хаалларбакка ыймахтыам», - диэтэ. Эр киһи дьахтар нарын тарбахтарын илиитигэр ылбытыгар, Сардаана кини илиитин имэҥнээхтик ыбылы тутта. Дьулус тугу эрэ ыараҥнатан саҥата суох олорбохтоот: «Сардаана, мин урукку эн таптаабыт Ромео Дьулуһуҥ буолбатахпын, олох атын киһибин. Онон эн ыраас, чап-чараас иэйиигин кэҕиннэрэн хомотуом диэн дьиксинэбин. Эн Дьулуһуҥ эн сүрэххэр куруук тыыннаах сылдьара ордук буолуо. Миигин олус нарыннык, ыраастык таптаабытыҥ иһин сүгүрүйэбин. Биһиги олохпут биир ыллыгынан барбатаҕа дьылҕа Тойон ыйааҕа быһыылаах», - диэтэ. Сардаана итини истэн, умса көрөн олорбохтоото, онтон төбөтүн көтөҕөн: «Арааһа, эн сөпкө эттиҥ. Мин Дьулуһум хаһан даҕаны сөҕүөрүйбэт өйдөбүл буолан олоҕум устата арыаллаатын», - диэтэ. Ити кэнниттэн сэргэхсийэн, дьээбэлээхтик көрөөт: «Ол гынан баран оҕо сылдьан бастакы көрсүһүүбүтүгэр төбөҕө охсубуккун хайаан да иэстэһэбин», - диэн баран Дьулус тоһуйан биэрбит төбөтүн кырачаан суумкатынан «топ» гына оҕуста.
Егор Борисов - Буор Булгунньах