21.06.2020 | 18:10

Саҥа ыстырааптар киирдилэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Коронавирус инфекцията тарҕаныытын утарар уонна бохсор сыалтан ылыллар нуорма-быраап акталарын тутуһууга эппиэтинэһи сүгүүгэ Регионнааҕы КоАП-ка саҥа ыстатыйа эбилиннэ. Коронавирус инфекциятын кэмигэр ирдэбиллэри тутуспатахтарга боротокуол оҥоруутун бырааба муниципальнай административнай хамыыһыйаларга сүктэрилиннэ.

Административнай дьыала оройуоннар уонна куораттар административнай хамыыһыйаларынан биирдиилээн уонна юридическай сирэйдэргэ толоруллар. Өскөтүн кинилэр дьайыылара холуобунай накаастабылы сүкпэт буоллахтарына эрэ олоххо киирэр.

Сокуонунан ыстараап олохтонор:

  • Биирдиилээн дьоҥҥо: 1000-4000 солк;
  • Дуоһунастаах сирэйгэ: 15000-40000 солк;
  • Юридическай сирэйгэ: 200 тыһ. солк. – 300 тыһ. солк.

Иккистээн буруйу кэһэр түгэҥҥэ:

  • Биирдиилээн дьоҥҥо: 4000-5000 солк;
  • Дуоһунастаах сирэйгэ: 40000- 50000 солк;
  • Юридическай сирэйгэ: 300 тыһ. солк. -500 тыһ. солк.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...