08.07.2022 | 11:38

Саҥа тиэхиньикэ үлэлии таҕыста

Дьокуускай суолларын ыраастык тутарга туһуламмыт саҥа тиэхиньикэ кэллэ.
Саҥа тиэхиньикэ үлэлии таҕыста
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үс Zauberg M1250 (урут туһаныллар «Бобкэт» курдук) мини-погрузчик уонна икки «Бродвей» массыына киин куорат суолларыгар түүҥҥү симиэнэҕэ тахсаллар диэн “Якутдорстой” иһитиннэрэр.

“Бродвей” сиппийэр-сууйар тиэхиньикэ суол устатын түргэнник ыраастыырга туттуллар. Үс суоккатынан харбаабыт бөҕүн тута иннигэр сылдьар самосвалга сүөкүүр. Массыынаҕа иилиллэн 12 чааска диэри тохтоло суох үлэлиир үрдүк кыамталаах. Быылы хаптатар систиэмэлээх буолан үлэтин кэмигэр буору бурҕаппакка хомуйар. Бордюрдар кытыыларын хомуйарга анал гидравликалаах. 25 км/ч түргэннээхтик сүүрэр кыахтаах.

Zauberg M1250 мини-погрузчик саамай сыаналанара – дьоҕус кээмэйэ. Дьоҕус тыраахтар курдук буолан онно-манна батымтыа, эргим-ургум туттара сыыдам. Биһиги тымныы кыһыммытыгар өссө биир табыгастаах өрүтэ – салонун иһин ититэр систиэмэлээх. Хаары, бөҕү баһан ылар хомуоһа атын погрузчиктартан төһө эмэ улахан.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...