Саҥа сылы ох курдук оҥостон көрсөбүт
Үгэс быһыытынан, сыл хаһаайына Дракон – илиҥҥи халандаар биир саамай модун күүстээх, ытыктанар харамайа. Гороскоп этэринэн, биһигини олус дьикти, интэриэһинэй сыл күүтэр. Дракон тойон санаатын табар курдук саҥа сылы хайдах көрсөбүт? Саас-сааһынан сүбэлэри көрүөҕүҥ, бэлэмнэниэҕиҥ.
Кытай астрологиятыгар олоҕуран, хас биирдии сыл бэйэтэ хаһаайыннаах, онтубут чопчу хаачыстыбалардаах, үтүөлээх-мөкүлээх буолар. Бастатан туран, сылбыт бэлиэтин майгытын-сигилитин үөрэтиэҕиҥ. Дракон – олус муударай, дьоҥҥо үтүөнү, үгүс үөрүүнү-көтүүнү бэлэхтиирин сөбүлүүр. Ол эрэн кини бэйэтигэр ытыктабыллаах сыһыаны эрэйэр, кыйахыылларын сөбүлээбэт эбит.
Дьиэҕэ-уокка табыллыыны тардабыт, үтүөнү үксэтэбит
Астрологтар сүбэлииллэринэн, хас биирдии сылы ураты бэлэмнээх көрсөбүт. Мас Дракону, өссө от күөх өҥнөөҕү, туох үөрдэрий? Үүнэр 2024 сыл сүдү күүһүн, эйгэтин бэлиэтэ мас эбит. Бу бэйэтэ дириҥ философскай ис хоһоонноох. Бу сыл биһиги, силигилии үүнэн турар мас курдук, балысханнык сайдыахпытын сөп. Дракон сыла биһиэхэ итинник сүдү кыаҕы биэрэр, ону мүччү тутумуохха наада. Саамай сүрүнэ – сөптөөх хайысханан хардыылааһын. Арай көрүүтэ-истиитэ суох мас кыайан үүммэтин, хатарын-куурарын умнуо суохтаахпыт.
Кэлэн иһэр сылы бэлэмнээх көрсөр, ситиһиини, табыллыыны тардар курдук, «дьоллоох» малы булан ылабыт. Бастатан туран, мас ойуута наада. Манна хас даҕаны варианы толкуйдуохха сөп: дьиэбитин кыракый бонсай мастарынан киэргэтэбит эбэтэр остуолга, тумбочкаҕа, долбуурга «сэбирдэх-фоторамкалары» туруорабыт, итиннэ таптыыр, күндү дьоммут, дьиэ кэргэммит хаартыскаларын угабыт.
Өссө биир, дьахталларга да, эр дьоҥҥо да барсар «аксессуар» – мас лабаатын курдук дьүһүннээх кулон, брелок. Силигилии үүнэн турар мас лабаата – чэгиэн доруобуйа, үүнүү-сайдыы бэлиэтэ.
Сатанар буоллаҕына, дьиэбитигэр кэлэн иһэр сыл тойоно Дракон баара өссө үчүгэй. Сымнаҕас оонньуурдар, дракон ойуулаах сыттыктар, халандаардар, пледтар, бакааллар, салфеткалар, иһит-хомуос уо.д.а. кими баҕарар үөрдүөхтэрэ.
Саҥа сылы ханна көрсөр ордугуй?
Дракон – сүдү, үтүө, көстөрүн-биллэрин, болҕомтону тардарын сөбүлүүр харамай. Ол иһин кини бэлиэтинэн салайтарар саҥа сылы эмиэ уратытык көрсүллүөхтээх. Хааппыла да чуҥкуйуу суох буолуохтаах: бырааһынньык көхтөөх, бэһиэлэй, үөрүүлээх-көтүүлээх, тыастаах-уустаах ааһыахтаах. Урукку сыллары дьиэҕэ, булгуччу дьиэ кэргэни кытта көрсүллүөхтээх эбит буоллаҕына, бу сылы олох атыннык, уопсастыбаннай миэстэҕэ көрсөр ордук эбит: кафеҕа, рестораҥҥа, эбэтэр ханна эмэ ыалдьыттыы баран. Биллэн турар, дьиэҕэ-уокка көрсөрү Дракон боппот, кини дьоҥҥо үтүө сыһыаннааҕын, муударайын умнубаппыт. Саамай сүрүнэ – бырааһынньыгы көрсөргө сөпкө бэлэмнэнии.
Тугу кэтэбит?
Бу боппуруос дьахтар аймаҕы өрүү долгутар, ордук саҥа дьылга. Дракон фейерверк курдук араас дьэрэкээн өҥнөрү сөбүлүүрүнэн биллэр. Онон таҥас-сап өҥө эмиэ чаҕылхай буолуон наада. Сиэрэй, бороҥ өҥнөөхтөрү кистиибит, кэнникигэ хаһаанабыт.
Дракон саамай сөбүлүүрэ – кыһыл көмүс өҥнөөх уонна кытархай таҥастар. Төһөнөн чаҕылхай, кылабачыгас – оччонон үчүгэй. Аны, таҥас матырыйаала күндү, сыаналаах буолуохтаах эбит: атлаас, баархат, солко, шифон. Былаачыйа да, бүрүүкэлээх көстүүм да кэтиэххэ сөп.
Эр дьон таҥаһын туһунан этэр буоллахха, биллэн турар, үгүстэрэ наһаа кып-кыһыл бинсээги, бүрүүкэни, көстүүмү кэппэттэрэ чахчы. Ол эрэн таҥастарыгар туох эрэ уот кыһыл, кыһыл көмүс өҥнөөх баара ордук. Холобур, хаалтыс, запонка, наскы. Дракон ойуулаах ырбаахыны да кэттиннэр. Кыһалыннахха, дьээбэлэнэн даҕаны, биирдэ кэтэргэ тугу баҕарар толкуйдуохха сөп. Ити таҥаскытын кэнники күннээҕи олоххо булгуччу кэтэ сылдьыҥ диэн ким да күһэйбэт.
Арай кыһыл көмүс уонна кыһыл өҥнөрү отой сөбүлээбэт, эбэтэр эһиэхэ букатын барсыбат дии саныыр буоллаххытына, баһаалыста – өссө от күөҕэ өҥ баар (саҥа сылбыт хаһаайына от күөх өҥнөөх буоларын умнубаппыт). Дьэ, манна фантазиябыт ыыра кэҥиир, от күөҕэ өҥ дьүһүнэ баай: малахитовай, аспарагус, лайм, шартрез, нефрит, хаки, мята, муора күөҕэ, камуфляж, оливковай уо.д.а. Эчи, үчүгэйин, элбэҕин, барытын харахпар ойуулаан көрдүм.
Аны, аксессуардар наадалар: запонкалар, подвескалар, кэрэ уонна дьикти дьүһүннээх ытарҕалар, баттах туттарар заколкалар – бу барыта кыһыл көмүс өҥнөөҕө ордук диэн астрологтар уонна дизайнердар сүбэлииллэр.
Дьиэбитин сөптөөхтүк киэргэтэбит
Кэлэн иһэр 2024 сылбыт харыйатын, дьиэбитин туох баар баҕа санаабытын, фантазиябытын холбоон туран киэргэтэбит. Холобур, дьиэҕитин уруккуттан наһаа элбэх уоттаах-күөстээх гирляндаларынан симиэххитин баҕарар этигит дуо? Отой туттунумаҥ, саҥа дьыл хаһаайынын санаатын табар курдук, быйыл дьэ турунан туран киэргэтиҥ. Гирляндаҕыт төһөнөн элбэх да, оччонон үчүгэй. Аны, булгуччу электрическэйдэри ыйаталааҥ диэн буолбатах, кумааҕынан, оҕуруонан уо.д.а. матырыйаалтан оҥоһуллубут буолуон сөп. Саамай сүрүнэ, дьиэҕитин үчүгэй настырыанньалаах, үөрэ-көтө симээҥ, дьиэ кэргэҥҥитин кыттыһыннарыҥ. Уонна, этэргэ дылы, «хаһыытыы» сылдьар чаҕылхай өҥнөртөн толлумаҥ, бу сылы көрсөргө итинник буолуохтаах. Итинник экстравагантнай өҥнөрү сөбүлээбэт буоллаххытына, бырааһынньык кэнниттэн хомуйан ууруоххут буоллаҕа.
Настарыанньаҕытын кыһыл көмүс уонна кыһыл суорҕаннар, пледтар, сыттыктар, остуол уонна түннүк сабыылара, чүмэчилэр булгуччу көтөҕүөхтэрэ. Итиннэ өссө от күөҕэ өҥү эбэн биэрэбит – тыыннаах эбэтэр оҥоһуу сибэккилэри, араас үүнээйини. Туох эрэ эбии наада диир буоллахха, саҥа сылбыт хаһаайына быһыылаах, ойуулаах статуэткалары, шкатулкалары, лаампалары ылыахха сөп.
Эксперименнээн көрөртөн куттаммаппыт. Силигин ситэрэн, саатар бырааһынньыгы көрсөр хоспутун илиҥҥи истиилинэн киэргэтиэхпитин сөп. Саҥа дьылы көрсөргө буолбакка уонна хаһан?
Саҥа дьыллааҕы сандалыбыт
Саҥа дьыллааҕы сандалыбыт – бырааһынньыкпыт саамай маанылаах миэстэтэ. Остуолбут сабыытын маҥан эбэтэр кыһыл өҥнөөҕү талабыт. Булгуччу чүмэчилэри уонна киэргэл элеменнэрин туһанабыт: лиэнтэлэри, кэрэ дьүһүннээх салфеткалары. Барыта умсугутар, киһи хараҕын сымнатар буолуохтаах.
Быйыл аспыт-үөлбүт хаһааҥҥытааҕар даҕаны баай, эгэлгэтэ элбэх уонна минньигэс буолуохтаах. Ол курдук, уон иккиттэн итэҕэһэ суох араас бүлүүдэ баар буолара ордук үһү, тоҕо диэтэр, саҥа дьылбыт ыалдьыта дьоһун – тойон Дракон. Элбэх араастаан, ол эрэн кыра-кыра астыахха сөп.
Бырааһынньыктааҕы остуолга булгуччу ристээх бүлүүдэ уонна күөх чэй баар буолара ирдэнэр. Итиэннэ, саһархай өҥнөөх фрукталар баар буолуохтаахтар: апельсин, мандарин, хурма.
Дракон сылынан тугу бэлэхтэһэбит?
Күннээҕи олоххо туттуллар, наадалаах, «бытовой» бэлэҕи оҥорор туһунан... умнуҥ! Дракон сылын бэлэхтэрэ ураты, сөхтөрөр аналлаах буолуохтаахтар. Дьэ, мэйиибит сиэрэй килиэккэлэрин үлэлэтэбит уонна туох эмит сонун, дьикти бэлэҕи толкуйдуубут.
Интерьергэ барсар сөҕүмэр тэриллэри, дьикти малы-салы, кэрэ таҥаһы-сабы, дьэрэкээн киэргэллэри бэлэхтиир ордук. Итини сэргэ, дьахтарыттан, эр киһититтэн тутулуга суох спа-салоҥҥа, массааска, спортивнай (фитнес) саалаҕа, бассейҥҥа абонеменнары бэлэхтиэххэ сөп. Айар дьоҕурдаах дьону уруһуйга, ырыаҕа-үҥкүүгэ, хомуска, флористикаҕа, бисергэ уо.д.а. маастар-кылаастарга суруйтарыҥ. Дьиҥэр, үчүгэйдик толкуйдаатахха, вариант эрэ элбэх.
Баҕар, ким эмэ экстрими сөбүлүүрэ буолуо, кинилэргэ парашютунан ыстаныы курдук бэлэҕи оҥоруохха сөп. Оҕолорго лазертаг (хамаанданан байыаннай-тактическай оонньуу) эбэтэр пейнтбол, тиир эбэтэр атынан хатааһылааһын сеанстарын бэлэхтиир икки өттүттэн үөрүүлээх буолуоҕа.
Дракон сылыттан тугу күүтэбит?
Саамай долгутуулаах пууҥҥа кэллибит – Дракон сыла биһиэхэ тугу бэлэхтиэй? Астрологтар этэллэринэн, үүнэр сыл арыый да сымнаҕас, налыччы буолуоҕа, ситиһиини, табыллыыны, барҕарыыны, инникигэ үтүө хардыылары түстүөҕэ. Бэйэлэрин күүстэригэр эрэллээх, сыалларын-соруктарын чопчу билэр дьону булгуччу ситиһии күүтэр. Онон саарбахтааһыны, кутталы, долгуйууну, ыгылыйыыны киэр илгэбит. Ол эрэн барыта санаа хоту табылларын курдук, эрдэттэн чопчу былааммытын торумнуубут, сыалбытын чуолкайдыыбыт. Бастатан туран, иһийэн олорон, бэйэбититтэн саҥа сылга тугу баҕарарбытын ыйытыаҕыҥ.
Аан дойду култууратыгар от күөх өҥ наҕыл буолуу, өрүттүү, үүнүү бэлиэтэ буоларын умнумуоҕуҥ. Онон саҥа сылга биһигини карьера үктэллэринэн дабайыы, оҕо төрөөһүнэ, өр кыыһырса сылдьыбыт буоллахха, эйэлэһии, экономическай өттүнэн үүнүү-сайдыы күүтэр. Астрологтар этэллэринэн, саамай сүрүнэ – саҥа сылга урут толлон, саллан ылсыбакка сылдьыбыт дьыалабытын саҕалыахпытын сөп.
Барыта этэҥҥэ буоллун! Барыгытын кэлэн иһэр Дракон сылынан!