31.12.2020 | 18:44

САҤА СЫЛГА БАСТЫҤ БЭЛЭХТЭР

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саҥа дьыллааҕы бэлэх киһи майгытын уонна кини тугу сэргиирин, умсугуйуутун, сөбүлүүр дьарыгын учуоттаан, үчүгэйдик толкуйдаммыт буолуохтаах.

Астрологтар этэллэринэн, Үрүҥ Оҕус сылыгар күннээҕи олоххо чахчы туһалаах бэлэхтэри бэриллиэхтээх эбит.

«Киин куорат» судургу уонна аныгы дьоҥҥо наадалаах бэлэхтэри испииһэктээтэ.

Кинигэ

Үгүс дьоҥҥо саамай күндү бэлэх буолуоҕа. Холобура, кэрэ аҥааргытыгар, кэллиэгэҕитигэр, эдьиийдэргитигэр Наталья Оконешникова ырысыаптардаах саҥа кинигэтин бэлэхтээтэххитинэ, олус үөрүөхтэрэ. Ону таһынан киһини мотивациялыыр, элбэххэ үөрэтэр, сирдиир кинигэлэри бэлэхтээҥ. Холобур, Арсен Томскай «InDriver: От Якутска до Кремниевой долины» уонна Роберт Кийосаки «Богатый папа, бедный папа» кинигэтин бэлэх уунуоххутун сөп.

Туһалаах бэлэх

Саҥа дьылга саарпык эбэтэр палантин биэрдэххитинэ, дьахталлар олус үөрэллэр. Палантины кэрэ аҥаардар хаһан баҕарар кэтэллэр. Сыаната удамыр буолар уонна туһалаах бэлэхтэргэ киирсэр.

Косметика

Ханнык баҕарар саҥа арамаат саҥа дьыллааҕы бэртээхэй бэлэх буолар. Косметиканы ордук эдэр кыргыттарга бэлэхтээҥ. Холобура, “MAC Cosmetics”, “NYX”, “Estee Lauder” курдук бренд бородууксуйалара атыыга хамаҕатык бараллар, дьоҥҥо биһирэнэллэр.

Киэргэл

Ювелирнай оҥоһуктары, симэх арааһын, киэргэл эгэлгэтин дьахталлар саастарыттан, социальнай статустарыттан тутулуга суох, бары таптыыллар. Саҥа дьылга үрүҥ, кыһыл көмүс хаһан баҕарар күндү бэлэх буолар. Көмүс киэргэл бэлэхтиир киһигит имиджигэр сөп түбэһэр буолуохтаах.

Гаджет арааһа

Гаджет барыта буортулаах диир сыыһа. Аныгы технология сайдан турар кэмигэр маннык бэлэхтэр бастакы миэстэҕэ тураллар. Холобура: Powerbank зарядник, кулгаахха кэтиллэр боруобата суох наушник, флешка-сувенир, смарт-чаһы, экшен‑камера, портативнай колонка, электроннай кинигэ, робот-пылесос, дрон,  о.д.а. күндүтүк саныыр дьоҥҥут сүргэлэрин көтөҕүөхтэрэ. Ону таһынан виртуальнай бэлэхтэри утары уунуоххутун сөп. Холобура: Netflix, ivi курдук ханаалларга сыллааҕы сурутуу доҕотторгутун олус үөрдүөхтэрэ.

«Удаленкаҕа» үлэлиир дьоҥҥо

Аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт коронавирус үгүс киһини тэйиччиттэн олорон үлэлииргэ күһэйдэ. Онно сөптөөх уонна тустаах инструмент наада буолла. Тэрилтэ үлэһиттэрэ zoom, skyre курдук балаһааккаларга үлэлииллэр. Ол иһин штатив, монопод, кулгаахха кэтиллэр наушник абыраллаах тэрил буоллулар. Г

Остуол оонньуулара

Релакс-пазл, кубик Рубик, психологическай каарталар, «Монополия», «Дженга», наарда, лото, о.д.а. Сыаната да удамыр уонна уһун өрөбүллэргэ сынньалаҥы сэргэхтик атаарарга ааттаах үчүгэй буолуоҕа.

Эр дьоҥҥо

Эр киһи айылҕаттан боростуой уонна судургу бэлэҕи ордорор дииллэр. Туһата суох бэлэҕи киниэхэ бэлэхтиир табыллыбат. Ол оннугар күн аайы кэтэригэр саҥа ыстаан, сибиитэрэ, ырбаахы биэрдэххитинэ олус астыныа. Кумааһынньыкка, уруучукаҕа, планнерга эр дьон соччо наадыйбат, бэлэҕинэн да ааҕыа суоҕа.

Сертификаттар

Бэлэх оҥорорго туспа иэйии наада дииллэр. Чугас киһиҥ, тапталлааҕыҥ ардыгар тугу сөбүлүүрүн, ханнык дьүһүнү таптыырын, ханнык фирманы ордорорун билбэккин. Ол иһин кини олох сөбүлээбэт, этэргэ дылы, «сүрүнэ баар эрэ буоллун» диэн ылар буоллаххына, тугу да ылбатаҕыҥ уонна биэрбэтэҕиҥ ордук.

Өскөтүн туһата суох бэлэхтэн туттунар буоллаххына, сертификатта ылан биэр. Холобур, фотосессияҕа сертификат буолуон сөп.

Элбэхтэ туттуллар мааскалар

Ааһан эрэр сыл хас биирдии киһиэхэ доруобуйа сүрүн баай буоларын өйдөттө. Мааската суох аны ханна даҕаны быгыалаабаппыт, тахсыбаппыт. Аны кэлэн «Вирус суох буолла! Мааскаҕытын устуҥ» дииллэрэ саарбах. Ол иһин чугас дьоҥҥутугар, кэллиэгэлэргитигэр, дьүөгэлэргитигэр араас дьэрэкээн ойуулаах мааскалары бэлэхтээҥ. Билигин маҕаһыыннарга ураты ойуулаах-бичиктээх дизайнерскай мааскалар атыыланаллар. Арааһы талыахха сөп.

Төрөппүттэргэ

Харчыҥ эппиэттиир буоллаҕына, чугас дьоҥҥор муораҕа путевката бэлэхтээ. Уһун кыһын кэннэ сылаас дойдуга тиийэн сынньаныахтара, абыраныахтара. Ол кыаллыбат буоллаҕына, массааска эбэтэр санаторийга сырыттыннар.

МАНЫ УЧУОТТАА

• Бэйэҥ сөбүлээбит буоллаххына чугас киһиҥ эмиэ сөбүлүүр диэн буолбатах.

• Соччо-бачча билбэт киһигин бэлэх оҥорон үөрдүөххүн баҕарар буоллаххына, харчынан биэрбитиҥ ордук. Баҕар, эн бэлэхтээбиккин кини сөбүлүө суоҕа дии?

Ураты уонна эриэккэс бэлэҕи киһи эрэ барыта өйдөөбөт, ылыммат. «Креативнай” бэлэҕи олох үчүгэйдик билэр эрэ киһигэр биэр, атыттар эйигин өйдөөмүөхтэрин сөп.

• Тапталлааххар, кэргэҥҥэр бэлэххин үчүгэйдик толкуйдаа. Кинини хайдах курдук күүскэ таптыыргын “романтикалаан” биллэриэххин сөп.

• Саҥа дьылга төһөнөн сыаналаах бэлэҕи бэлэхтиибин да, ол аата үчүгэй диэн буолбатах.

• Оҕо хаһан баҕарар оонньуурга ордук үөрэр. Таҥас, мал-сал оннугар оонньуурда ылан бэлэхтээ.

Эһиги чугас дьоҥҥутугар бэлэх оҥорон, истиҥ иэйиигитин, болҕомтоҕутун уонна тапталгытын биллэрэҕит. Бу сир үрдүгэр дьону үөрдэртэн, дьоллууртан ордук туох баар буолуой? 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....