12.07.2022 | 15:16

Саҥа суол бэлиэлэрэ туруохтара

Статистика сыыппаралара көрдөрөллөрүнэн, бэлисипиэттээх дьон кыттыыллаах суол саахаллара үксүн суол быһа охсуһууларыгар тахсаллар. Бэлисипиэттээхтэр көлөлөрүттэн түспэккэ, түргэнник айаннаан иһэн, улахан массыыналарга көстүбэт зонаҕа киирэн биэрэн суорума суолланаллара сыл аайы тахсар буолла.
Саҥа суол бэлиэлэрэ туруохтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

От ыйын 11 күнүгэр буолан ааспыт үгэс буолбут нэдиэлэтээҕи планеркаҕа куорат баһылыгын солбуйааччы Алексей Корнилов суоллар быһа охсуһууларыгар бэлисипиэттээх дьоҥҥо ананар суол бэлиэлэрин туруорарга сорук туруорда – суолу туорааһыҥҥа бэлиспиэттээх киһи көлөтүн анньан сатыы хаамыахтааҕын туһунан бэлиэлэр биһиги куораппытыгар билиҥҥитэ ханна да суохтар.

 “Маныаха атын куораттар уопуттарын үөрэтиэххэ, төһө туһалааҕын билэн, Дьокуускайга киллэриэххэ, бэлисипиэттээхтэр түмсүүлэрин көхтөөх дьонун кыттыһыаннарыахха”, - диэтэ Алексей Корнилов. Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын управлениетыгар бу боппуруоһу быһаарарга сорудахтаата.

Дьокуускайга сыл аайы биэлиспиэттээхтэргэ анаммыт суоллар эбиллэн иһэллэрин бэлиэтиэх тустаахпыт. Урут олох суох эбит буоллахтарына, билигин уопсастыбаннай эйгэлэри тупсарарга хайаан да бэлисипиэт суоллара тэлгэнэр буоллулар.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

«Кэлиэм, эргиллиэм буоллаҕа дии» ...
Дьон | 12.04.2025 | 10:00
«Кэлиэм, эргиллиэм буоллаҕа дии» ...
Ийэ барахсан... Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан төһөлөөх ийэ утуйар уута көппүтэ, аймаммыта, хараҕын уутунан сууммута буолуой? Уол оҕону төрөтөн, иитэн, үөрэттэрэн баран эдэр сааһыгар илиитин соттуута ийэҕэ, аҕаҕа, чугас дьонугар олус абалаах, кыһыылаах. Бүгүн кэпсэтэр ийэм Евдокия Андреевна Баишева оҕотун, сүрэҕин чопчутун туһунан кэпсиири олус ыарырҕаттар да, сөбүлэҥин биэрбитигэр улаханнык...
Оҕурсу ыам ыйын  5 күнүттэн ыһыллар
Дьон | 11.04.2025 | 16:00
Оҕурсу ыам ыйын 5 күнүттэн ыһыллар
Билигин ханна да тиий, хаһаайкалар биир сүрүн түбүктэрэ – оҕуруот аһын олордуута. Социальнай ситимнэргэ анал бөлөхтөргө мустан, кэпсэтии эрэ барыта арассаада, сибэкки тула. Оттон олох сатабыллаахтар түннүккэ олордубут оҕурсуларын амсайан эрэллэр, клубникалара хайыы-үйэ сибэккилээн ыраатта.  Бүгүн биһиэхэ Мэҥэ Хаҥалас Ороссолуода сэлиэнньэтин олохтооҕо, анал идэлээх оҕуруотчут Тамара Михайловна Степанова ыалдьыттыыр.   –...
Хабырылла Хаабыһап албаһа
Сынньалаңңа | 17.04.2025 | 10:00
Хабырылла Хаабыһап албаһа
Хабырылла Хаабыһап бу манна, айан суолун айаҕар, төрүт уус өбүгэлэрин сиригэр, Харыйа үрэҕин үрдүгэр олохсуйан олорор. Аҕата кини сүүрбэлээҕэр сэбиргэхтэтэн бу сиртэн барбыта, ийэтэ эмээхсин суох буолбута уонча сыл буолла. Бииргэ төрөөбүттэрэ бэһиэлэр, киниттэн ураты бары кыргыттар. Онон кинилэр кэргэн тахса-тахса эрдэрин дойдуларыгар баран, инньэ Сунтаарынан, Бүлүүчээнинэн, олохсуйбуттара. Бастаан утаа...
Айыына: «Бэйэбитин ситэрсэн-хоторсон биэрэбит»
Дьон | 10.04.2025 | 10:00
Айыына: «Бэйэбитин ситэрсэн-хоторсон биэрэбит»
Бүгүҥҥү дьоруойум – «Алаҕаркаан» дьабака ааптара, этэргэ дылы, ааттыын амарах, санаалыын сайаҕас талааннаах дизайнер, үс оҕо күн күбэй ийэтэ, эрэллээх кэргэн, көхтөөх дьүөгэ, СВО кэмигэр саха волонтёрдарын хамсааһынын саҕаласпыт саппаас рядовойа Айыына Иевлева-Храмова.   Айыына оҕо сылдьан аҕата Виссарион Дмитриевич төрөөбүт-үөскээбит сиригэр – олоҥхо дойдута Сунтаарга олорбут. Ийэтэ Марианна Алексеевна  –...