01.12.2022 | 13:00

Саҥа сулууспаҕа эрэл улахан

Саҥа сулууспаҕа эрэл улахан
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар саҥа структура эбилиннэ –  Гражданскай оборона уонна ыксаллаах быһыы-майгы управлениетын иһинэн аварийнай быыһыыр сулууспа.

Дьаһалтаҕа маннык салаа саҥа баар буолла. Сулууспа муус устар ыйга тэриллибит, онтон сэтинньигэ аварийнай быыһыыр үлэни ыытарга быраабы ылар сүрүн докумуонун – сибидиэтэлистибэ туппут.

Евгений Григорьев кэпсээбитинэн, кылгас кэм иһигэр сулууспа тиэхиньикэнэн хааччылынна, 15 киһилээх састаап сүүмэрдэннэ, салайааччынан Роман Крутихин ананна.

Байыастар баазалара куорат киинигэр – Орджоникидзе болуоссатыгар турар. Онон, ыксаллаах быһыы-майгы тахсар түгэнигэр, куорат хайа баҕарар муннугар суһаллык тиийэр кыахтаахтар.

Баһылык кэпсээбитинэн, сулууспа муус устарга тэриллиэҕиттэн быыһааччылар хайыы үйэ ЫБММ эриэйдэлэригэр көхтөөхтүк кытталлар, халаан кэмигэр дьону, кыыллары эвакуациялыырга көмөлөспүттэр, быстах кэмҥэ олорор пууннары тэрийсибиттэр, ойуурга, олорор секторга тахсыбыт баһаардары умуруорууга үлэлээбиттэр, тыаҕа муммут дьону көрдүүргэ күүс-көмө буолбуттар.

Евгений Григорьев сулууспаҕа эрэлэ улаханын биллэрдэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...