26.07.2021 | 13:05

Саҥа салаа аһылынна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куоракка ыарыыны сэрэтэр көрдөрүнүү (профосмотр) саҥа салаата Автодорожнай уул., 38 аһылынна. Ол туһунан регионнааҕы доруобуйа харыстабылын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. 
Саҥа салааҕа быраастар – психиатр-наркологтар, психиатрдар, офтальмологтар, ЛОР, неврологтар уонна терапевтар үлэлэрин саҕалаатылар.
«Үрдүк хаачыстыбалаах өҥөлөрү оҥорор ыарыыны сэрэтэр көрдөрүнүү саҥа салаатын аһыллыыта – медицинскэй көмөнү оҥорор систиэмэҕэ, куорат уонна өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин олохторун хаачыстыбатын үрдэтиигэ дьоһун хардыынан буолар. Дьоҥҥо табыгастаах усулуобуйаны оҥорон, доруобай буолалларыгар көмө буолуохпут диэн эрэнэбит», - диир Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэ наркологическай диспансерын кылаабынай бырааһа Альбина Сивцева.
Саҥа салааҕа барыта дьоҥҥо табыгастаах усулуобуйаны оҥорор курдук толкуйдаммыт – кэбиниэттэр быраастарга сылдьар (обходной) лиис бэрээдэгинэн тураллар.  Маны сэргэ ыарыыны сэрэтэр көрдөрүнүүнү биир күн иһинэн ааһыллар. 
Саҥа салаа өҥөлөрүн испииһэгэр – үөрэххэ, үлэҕэ киирэргэ, автотырааныспары ыытарга, сааны ыларга ыспыраапкалары биэрии баар. Сотору кэминэн өҥө ахсаана элбэтиллэрэ былааннанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...