29.08.2024 | 16:00

Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?

Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Саҥа үөрэх дьыла саҕаланара аҕыйах күн хаалла. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа туох уларыйыылар киирэллэрий? Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ бэлэмнээбит тэттик матырыйаалбытын ааҕыҥ.

 

Учуутал үөрэнээччитин сэмэлиэн сөп

“Үөрэҕирии туһунан” сокуон оскуолаларга быһыы-майгы быраабылаларын уонна кылааска бэрээдэк ирдэбиллэрин олохтуурга көҥүл биэрэр. Сокуон үөрэнээччилэр бу быраабылалары тутуһалларын ирдиэҕэ, оттон учууталлар уруок кэмигэр бэрээдэги кэһэр үөрэнээччилэргэ дьиссипилиинэ миэрэтин ылар туһунан дириэктэри эбэтэр завуһу кытта кэпсэтэр бырааптаах буолуохтара.

 

Көмүскэнэр быраап

Сокуон уларыйыытыгар учуутал бэйэтин киһилии чиэһин ытыктыыр, тус бэйэтин атаҕастааһынтан, эт-хаан уонна өй-санаа өттүнэн күһэйии бары көрүҥнэриттэн көмүскэнэр бырааба олохтонуоҕа. Бу иннинэ үөрэнээччилэр эрэ маннык бырааптаах этилэр.

 

Смартфону кылааска туттар көҥүллэммэт

Бу күһүнтэн оҕолор смартфону кылааска, үөрэнэр  даҕаны соруктаах туһаналлара бобуллар. Оҕо эбэтэр учуутал олоҕор уонна доруобуйатыгар кутталы үөскэтэр ыксаллаах түгэннэргэ төлөпүөнү туттуохха сөп. Оттон кылаастан ураты сиргэ — сынньалаҥ кэмигэр эбэтэр остолобуойга үөрэнээччи смартфону туттара хааччахтаммат.

 

Саҥа уруок—“Семьеведение”

Оскуола бырагырааматыгар “Семьеведение” диэн саҥа куурус баар буолуоҕа. Нэдиэлэҕэ биирдэ “Дьоһуннааҕы кэпсэтиилэр” кэмигэр эбэтэр сүрүн үөрэх кэнниттэн ыытыллыахтара.

Саҥа куурус чэрчитинэн оҕолор дьиэ кэргэн уопсастыбаннай оруолун,  хаһаайыстыбаны тэрийэри үөрэтиэхтэрэ, дьиэ кэргэҥҥэ үөскүүр кириисистэри туоруур туһунан уонна көлүөнэлэр икки ардыларынааҕы сыһыаны ырытыахтара.

Уруогу үөрэнээччилэри кытта аһаҕас кэпсэтии көрүҥүнэн тэрийиэхтэрин баҕараллар — тургутуу, сыанабыл суох буолуоҕа. “Семьеведение” уруоктарын история уонна обществознание учууталлара, оскуола психологтара үөрэтиэхтэрин сөп.

 

Технология оннугар үлэ уруога

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн “Технология” предмети үлэ уруога солбуйуоҕа. Сүрүн уратыта диэн кыргыттар уонна уолаттар биир бырагырааманан бииргэ үөрэниэхтэрэ.

Алын кылаастарга уруок нэдиэлэҕэ биирдэ ыытыллыаҕа. Предметнэй бырагыраамаҕа хас биирдии үөрэх сылыгар анаан түөрт модуль киирэр. 5-7 кылаастарга үлэ уруоктарыгар нэдиэлэҕэ икки чаас, 8-9 кылаастарга биир чаас көрүллүөҕэ. Онно сүрүн уонна эбии модуллар киириэхтэрэ. Ирдэнэр модулларга интэриэһинэйэ диэн көмпүүтэр графиката, робототиэхиньикэ, 3D моделирование киириэхтэрэ. Эбии модулларга – автоматизированнай систиэмэлэр; кыылы-сүөлү иитии; үүнээйини үүннэрии баар буолуохтара.

 

“Основы безопасности и защита Родины”

ОБЖ оннугар “Основы безопасности и защита Родины” диэн предмет киириэҕэ. ОБЖ номнуо баар тиэмэлэригэр — экология, суол быраабылата, баһаартан сэрэхтээх буолуу, ыксаллаах быһыы-майгы туһунан уо.д.а. икки саҥа модуль эбиллиэҕэ. Кинилэр алын байыаннай бэлэмнэниигэ сыһыаннаах буолуохтара. Оскуола оҕолоругар анал байыаннай дьайыы кэмигэр бастакы көмөнү оҥорор быраабылалар, байыаннай устаап балаһыанньаларын уонна ытар сэрии сэбин туһунан кэпсиэхтэрэ.

Уруок 8-11 кылаастарга нэдиэлэҕэ биирдэ буолуоҕа. Ону оскуола учууталлара уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара ыытыахтара. Оҕолору үөрэтиэн баҕалаах байыаннай бэтэрээннэр профессиональнай бэлэмнэниини (переподготовка) ааһыахтаахтар.

10–11 кылаас үөрэнээччилэригэр тактическай, инженернэй, байыаннай мэдиссиинэ уонна тэхиньиичэскэй бэлэмнэниини баһылыырга көмөлөһөр практическай уруоктар ыытыллыахтара. Үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр маассабай суоһарыы сэбин, пилота суох көтөр ааллар, ыҥырыынан уонна хантараагынан сулууспа туһунан кэпсиэхтэрэ.

 

География уонна история саҥа учебниктара

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаларга географияҕа саҥа учебниктар уонна контурнай каарталар баар буолуохтара — кинилэргэ саҥа регионнар эбиллиэхтэрэ уонна Арассыыйа кыраныыссаларыгар территориальнай уларыйыылар бэлиэтэниэхтэрэ.

Ону тэҥэ 5–9 кылаастарга историяҕа саҥа учебниктар бэлэмнэниэхтэрэ. Анал байыаннай дьайыы саҕаламмыт төрүөттэрин, Арассыыйаҕа саҥа регионнар киириилэрин, дойду аныгы сайдыытын, элбэх эргимтэлээх дойду үөскээһинин быһаарар туспа балаһалаах буолуохтара. Ону кытта саҥа учебникка Азия, Африка уонна Латинскай Америка дойдуларын сайдыытын историятыгар болҕомто ууруллуоҕа.

 

Литература бырагырааматыгар – фантастика

Литература уруоктарыгар эбии үөрэтэргэ айымньылар испииһэктэрэ саҥардыллыаҕа. Оҕолор Арассыыйа уонна омук дойдуларын суруйааччыларын уус-уран айымньыларын үөрэтэн саҕалыахтара. Холобур, Кир Булычев (“Приключения Алисы”) уонна Джон Толкин (“Властелин колец”) айымньыларын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...