Саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмҥит дуо?
Оскуола боруогун атыллаабатахпыт оруобуна үс ый буолла. Онон элбэх үөрэнээччи уһун сынньалаҥ кэнниттэн саҥа үөрэх дьылыгар үктэнэригэр үгүс ыараханы көрсүөн сөп. Ол төрүөтэ араас: сайын устата көҥүл сылдьыы, ыарахан үлэ, утуйуу-туруу эрэсиимэ уларыйыыта о.д.а. Ону барытын тохтотон, өй-санаа өттүнэн уларыйдахха эрэ, үөрэх дьылын холкутук көрсүөххэ сөп.
Өй-санаа өттүнэн бэлэмнэнии
1. Былырыын үөрэппит матырыйаалгытын хатылааҥ. Маныаха чааһы-чааһынан ааҕар-суоттуур наадата суох. Былырыыҥҥы кинигэлэргитин, тэтэрээттэргитин арыйталаан көрүҥ. Маны таһынан, үөрэх бастакы нэдиэлэтигэр булгуччу уруккуну хатылааһын буолуоҕа. Үөрэппити хатылааһын саҥа билиини иҥэринэргитигэр көмөлөһүөҕэ.
Урут үөрэппиккитин өйдөөбөт буоллаххытына, хаттаан үөрэтиҥ, ол, ханныгын да иһин, чэпчэки.
Үөрэммит предметтэргит испииһэктэрин уонна тиэмэлэрин оҥоруҥ. Наада буоллаҕына, дневниккитинэн, таабылгытынан сирдэтиниҥ. Онтон хас биирдии уруокка билсибит сүрүн темаларгытын ааҕыҥ. Бары матырыйаалы ааҕаргыт уустук буолуо эрээри, үөрэппит тиэмэлэргит өйгүтүгэр түргэнник түһүөхтэрэ уонна саҥа үөрэх дьылыгар туһалыахтара.
2. Саҥа үөрэх дьылын туһунан толкуйдааҥ. Быйылгы бырагыраамаҕа ханнык предметтэр баалларын билсиҥ уонна кинилэр тустарынан уопсай өйдөбүлү ыларга кыһаллыҥ. Эрдэттэн билэр туох даҕаны куһаҕана суох, төттөрүн, саҥа тиэмэни быдан түргэнник өйдүөххүт. Саҥа үөрэх дьылыгар туох күүтэрин туһунан уопсай өйдөбүлү ыллаххытына, ситиһиигит быдан элбиэҕэ, сыанаҕыт даҕаны тупсуоҕа.
Бу сылга үөрэниэхтээх учебниктаргытын арыйталаан көрүҥ, кылгас өйдөбүлү ыларга кыһаллыҥ.
3. Чопчу сыалы-соругу туруорунуҥ. Өскөтүн сыаналаргытын былырыыҥҥытааҕар тупсарыаххытын баҕарар буоллаххытына, хас биирдии предмеккэ тус бырагыраамата оҥостуҥ. Ханнык тиэмэлэргэ болҕомто уурар наадатын быһаарыныҥ. Библиотекаҕа сылдьан, эбии үөрэххэ наадалаах кинигэлэри ылыҥ.
4. Саҥа доҕоттордонуоххутун баҕарар буоллаххытына, оскуолаҕытыгар туох кулууптар, куруһуоктар баалларын билсиҥ. Ону таһынан оскуолаҕа ханнык тэрээһиннэр ыытыллалларын сураһыҥ. Бэйэҕит эйгэҕитигэр сөп түбэһэр дьону талыҥ, доҕоттору булуҥ.
5. Үөрэнэргэ табыгастаах миэстэни булунуҥ. Хас биирдии киһиэхэ үөрэх-билии ыларыгар анал миэстэлээх буолуохтаах. Ол миэстэ сыл аайы уларыйыан сөп. Туруоруммут сыаллары ситиһэргэ сөптөөх эйгэ улахан суолталаах. Ситиһии, саҥалыы өй-санаа оччоҕо эрэ кэлиэхтэрэ. Уустук матырыйаалы библиотекаҕа үөрэтэргэ кыһаллыҥ.
6. Эһигини үөрэхтэн туох аралдьытарын быһаарыҥ. Кыаллар буоллаҕына, үөрэхтэн аралдьытар биричиинэлэри суох оҥоруҥ. Телевизор мэһэйдиир буоллаҕына, уруоккутун телевизора суох хоско олорон ааҕыҥ. Тыас-уус аралдьытар буоллаҕына, библиотекаҕа олорон ааҕыҥ эбэтэр дьиэҕэ кулгаахха айдааны-куйдааны иһитиннэрбэт наушникта кэтиҥ.
Оскуола тэрилэ
Чопчу наадалаах малы-салы атыылаһыҥ. Сорох оскуолаларга үөрэх дьылыгар наада буолар тээбириннэр испииһэктэрин ылыахха сөп. Өскөтүн маннык информация бэриллибэт буоллаҕына, бэйэ наадыйар тээбириннэрин испииһэктээҥ.
Оскуола мала үөрэх дьыла саҕаланыан иннинэ атыылаһыллара ордук, сорох тээбирини атын да кэмҥэ атыылаһыахха сөп. Холобур, кэнсэлээрийэ табаарын эрдэттэн атыылаһыахха, онтон таҥаһы-сабы күһүөрү ылыахха сөп.
Үрүсээккитин бэрэбиэркэлээҥ. Оскуола эрэ тээбиринин илдьэ сылдьар үөрүйэхтэ оҥостуҥ. Икки төгүл бэрэбиэркэлээҥ, наада буолуохтааҕы барытын сыымайдааҥ. Уруучука, харандаас сотору-сотору сүтэллэр, ону учуоттааҥ. Атын наадалаах маллары туспа кыра суумкаҕа эбэтэр үрүсээк ойоҕоһугар уктуҥ. Онно киирсиэхтэрин сөп: айах сытын суох оҥорор спрей эбэтэр жвачка, атах таҥаһын сотор губка, лейкопластырь, салфетка, антибактериальнай гель, дьоҕус сиэркилэ о.д.а. Бу маллары укта сылдьаргытын атыттарга кэпсии сатаамаҥ. Сорох үөлээннээхтэргит эһигини туһаныахтарын, куруук көрдүүр идэлэниэхтэрин сөп.
Сиэпкитигэр тугу укта сылдьыахтааххытын быһаарыныҥ. Холобура, төлөпүөн, наушник уонна тырааныспар каартата чугас сылдьыахтаахтар.
Күннээҕи эрэсиим туһунан
1. Утуйуу эрэсиимин тутуһуҥ. Үчүгэйдик үөрэнэргэ, оскуолаҕа сынньанан кэлиэххэ наада. Сайыны быһа хойут утуйа сылдьыбыт буоллаххытына, саҥа эрэсиимҥэ киирэр, уларытар уустуктардаах буолуоҕа. Ол эрээри үөрэх туһугар эрэсиими көннөрүү олус наадалаах.
Уруок ааҕар бириэмэҕитин быһаарыныҥ. Дьиэтээҕи сорудахтары куруук биир кэмҥэ толорорго кыһаллыҥ. Оннук бэрээдэк бириэмэҕитин көдьүүстээхтик туһанарга көмөлөһүөҕэ. Холобура, спордунан дьарыктаныы, араас кулууптарга, куруһуоктарга сылдьыы барыта бириэмэлээх, онно сөп түбэһиннэрэн дьиэтээҕи сорудаҕы эмиэ чопчу биир бириэмэҕэ ааҕарга кыһаллыҥ.
2. Сарсыардааҥҥы бэлэмнэниигэ бириэмэтэ анааҥ. «Оскуолаҕа хойутаабатах эрэ киһи” диэн ыксал-бохсол хас сарсыарда аайы суох буолуохтаах. Төһө бириэмэнэн оскуолаҕа тиийэргитин ааҕан көрүҥ. Ону учуоттаан сөпкө туруҥ, наҕылыччы аһааҥ, таҥныҥ, айаннааҥ. Бириэмэ киһиэхэ барытыгар тиийбэт, ол эрээри сыаллаах-соруктаах киһи барытын ситиһэр.
3. Бырааска сылдьыыны, баттаҕы кырыйтарыыны эрдэттэн кэпсэтиҥ. Үөрэх саҕаланна даҕаны, бириэмэ кырыымчык буолуоҕа. Онон бырааска, парикмахерга сылдьыыны эрдэттэн былааннааҥ уонна суруйтарбыт кэмҥитигэр хайаан да сылдьыҥ.
Тэттик сүбэлэр
Төлөпүөҥҥүтүн уруок бириэмэтигэр тыаһа суох эрэсиимҥэ туруоруҥ эбэтэр араарыҥ.
Сарсыҥҥы күҥҥэ киэһэттэн бэлэмнэниҥ. Оччоҕуна сарсыардаҕыт чэпчэкитик ааһыаҕа.
Оскуолаҕыт дресс-кодун тутуһуҥ. Өскөтүн талбыккытынан таҥнар буоллаххытына, бу аата эһиги учууталлары, оскуола дьаһалтатын кытта сөбүлэспэккитин көрдөрөҕүт.
Саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан!
Күндү үөрэнээччилэр, быйылгы үөрэх дьыла элбэх ситиһиини, кэрэхсибиллээх уларыйыылары, сонун идиэйэлэри, умнуллубат түгэннэри, ыстаал доруобуйаны, саҥа доҕоттору аҕаллын! Үөрэххитигэр кытаатыҥ