27.01.2023 | 16:00

Саҥа остуол оонньуута

ХИФУ Педагогическай институтугар национальнай дидактическай “Таай” оонньууну оҥорон таһаардылар. Оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо аналлаах оонньуу толкуйдуур дьоҕуру, өйгө оҥорон көрөр кыаҕы, моториканы сайыннарар. Манна 8 араас сценарийынан оонньуохха сөп.
Саҥа остуол оонньуута
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

“Таай” оонньууга 16 карточка киирэр, бары сахалыы тиэмэлээхтэр: дьыл кэмнэрэ, булт-алт, дьиэ-уот, киэргэл-симэх о.д.а. Маны таһынан 3D-бэчээтинэн оҥоһуллубут 28 устуука хаптаҕай фигуралар бааллар. Хас биирдии карточкаҕа 1-3 өҥө суох фигуралар ойууламмыттар.

Бу оонньуу сүрүн сыала – бэриллибит бириэмэ иһигэр илии иминэн, биир эрэ илиини туһанан, карточкаларга баар фигуралары булан, моһуоннарын сабыахтааххын – биир сценарийа итинник буолуон сөп, – диэн кэпсээтэ ХИФУ Педагогическай институтун информатикаҕа уонна ааҕар-суоттуур техникаҕа кафедратын доцена Юрий Корнилов. – Бырайыактыырбытыгар өйгө оҥорон көрөр толкуйу, оҕо саҥатын сайдыытын кытта ыкса ситимнээх тутар-хабар моторикатын сайыннарыыга болҕомто уурдубут. Итиэннэ билэр-көрөр баҕаны көҕүтэр сыаллаахпыт – бу ордук оскуола иннинээҕи саастаах уонна алын кылаас  оҕолоругар наада”.

Сорох карточкалар уонна фигуралар пааралаһаллар, ис хоһооннорунан холбоһоллор эбит. “Холобур, дьыл кэмин көрдөрөр фигуралар бааллар. Атыттары кыыллар, айылҕа, тутар сэп-сэбиргэл, таҥас-сап уо.д.а. бөлөхтөргө холбуохха сөп. Фигуралар уратытык толкуйданан оҥоһуллубуттара. Бары ис хоһоонноохтор: таба уонна ыт – кыыллар; собо уонна сордоҥ – балыктар. Быһаччы эттэххэ, биир оонньуу 8 араас сценарийынан оонньонуон сөп,” – диэн тоһоҕолоон бэлиэтиир Юрий Корнилов.

Оҕо маны барытын тутан-хабан, убахтаан, эргитэн-урбатан көрөн, тулалыыр эйгэни ылынарыгар, араас предмети биир тиһиликкэ өйдүүрүгэр (ассоциативные связи) көмөлөһөр бэртээхэй оҥоһук буолбут эбит. “Карточкалар ааптарыскай иллюстрациялаахтар, саха төрүт дьарыгын көрдөрөр матыыптаахтар: таҥас-сап, сэп-сэбиргэл, национальнай бырааһынньык өйдөбүллэрэ, өбүгэ олоҕун укулаата – барыта оҕо бу өйдөбүллэри ситимнии тутарыгар төһүү буолуохтаах. Оонньуу улахан да дьоҥҥо, олох кыра оҕолорго да сөп түбэһэр буолан, дьиэ кэргэнинэн дьарыкка табыгастаах”,  – диир Пединститут технологияҕа кафедратын преподавателэ Ольга Лыткина.

Ааптардар тоһоҕолоон бэлиэтээбиттэринэн, инникитин оонньуу сценарийдарын кэҥэтэн, фигуралары мастан лазерынан быһан тупсаран биэриэхтэрин сөп. Педагогическай институт үлэһиттэрэ устудьуоннары кытта бииргэ үлэлэһэн, өбүгэр төрүт дьарыгар, култууратыгар, үгэстэригэр олоҕуран, арааһы айар киэҥ былааннаахтар.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....