Саҥа оскуолалары тутарга учаастактары бэлэмнииллэр
Дьокуускай куоракка оскуола ахсаанын элбэтээри, куорат баһылыга Евгений Григорьев сорудаҕынан сир учаастактарын ыраастааһын үлэтэ салҕанар. Бэлэмнэммит учаастактарга саҥа оскуолалар тутуллуохтара.
Куораты тутууга уонна тырааныспарга департамент иһитиннэрбитинэн, билиҥҥи туругунан «Якутдорстрой» АУо Пирогов уул. 2, Чайковскай уул. 113 уонна уонна Сэргэлээх суолун 12-с килэмиэтиригэр үлэ ыытар.
Пирогов уул., 2, 10 тиэхиньикэ уонна 5 оробуочай үлэлиир. Манна 180 миэстэлээх 4 №-дээх анал коррекционнай оскуола тутуллуоҕа.
Чайковскай уул., 113, учаастактан 2 погрузчик уонна экскаватор көмөтүнэн 6 массыынанан 18 куб.миэтэрэ улахан кээмэйдээх бөҕү таспыттар. Бу учаастакка 360 миэстэлээх оскуола дьэндэйиэҕэ.
Оттон Сэргэлээх суолун 12-с килэмиэтиригэр 350/120 миэстэлээх 34 №-дээх анал коррекционнай оскуола дьиэтэ тутуллуоҕа. Бу оскуола учаастагар 2000 миэстэлээх саҥа оскуола дьэндэйиэ. Саҥа эбийиэктэр ВЭБ.РФ. сайдыы судаарыстыбаннай корпорацията кыттыылаах барыаҕа.
Инникитин куорат салалтата Марха, Севернай уонна ДСК микрооройуоннарыгар, ону сэргэ Чайковскай, Новопортовской, Билибин уулуссаларыгар уонна Хатас, Табаҕа, Маҕан, Тулагы сэлиэнньэлэригэр саҥа оскуолалары тутар былааннаах.
«Прометей» микрооройуоҥҥа саҥа оскуола, оттон 5 уонна 12 №-дээх оскуолаларга самалык тутулларыгар бэлэмнэнии үлэтэ барар. Итини сэргэ 26-с, 29-с уонна 17-с оскуолаларга эмиэ салҕааһын тутуута былааннанан, бырайыактыыр-сметалыыр докумуон оҥоһуллар.