12.03.2020 | 09:16

Саҥа оскуола тутулларын эрэнэ күүтэбит

Саҥа оскуола тутулларын эрэнэ күүтэбит
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сирин кэрэ айылҕалаах дойдутунан Амма улууһун Абаҕа нэһилиэгэ буолар. Абаҕа оскуолата 1886 сыл алтынньы 26 күнүгэр тэриллиэҕиттэн үгүс сайдыы кэрдиистэрин ааһан, билигин агрохайысхалаах оскуола статустаах үлэлии-хамсыы олорор.

Кылгас ыспараапка

1993-1994 сс.- муниципальнай агрооскуола;

2003 с. - агрохайысхалаах улуус оскуолаларын бииргэ үлэлииллэрин хааччыйар ресурснай киин;

2004 с.- агротехническай оскуола;

-2010 с. - муниципальнай уопсай үөрэхтээһин тэрилтэтэ;

«А.Е.Кралин аатынан Абаҕатааҕы уопсай үөрэхтээһин орто оскуолата»;

2012 с. - СӨ «Амма улууһа (оройуона) муниципальнай оройуон «Агрохайысхалаах предметтэри эбии үөрэтиилээх А.Е. Кралин аатынан Абаҕатааҕы уопсай үөрэхтээһин орто оскуолата» муниципальнай бүддьүөттээх уопсай орто үөрэхтээһин тэрилтэтэ.

Людмила Кимовна Александрова – РФ Уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ педагогическай династия чилиэнэ, “За педагогическую доблесть” А.С. Макаренко аатынан мэтээл, “Арассыыйа бастыҥ дириэктэрэ-2017” бэлиэ, “Гордость Амги” бэлиэ хаһаайына.

– Людмила Кимовна, үтүө күнүнэн! Оскуолаҥ оччотооҕу кэмин санаан ааһыах эрэ.

Оскуола сайдыытын кэрдиис кэмигэр тохтуур буоллахха, 1992 сылтан СӨ наукаларын Академиятын академига, профессор, тыа хаһаайыстыбатын наукатын доктора А.В. Чугунов көҕүлээһининэн оччотооҕу Амма улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыга, философскай наука кандидата В.В. Фёдоров туруорсуутунан өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан, улууска бастакынан саҥа тииптээх инновационнай-агропрофилированнай оскуола буолбута. Бу кэмтэн ыла оскуола сайдыы суолугар күүскэ киирэн барбыта. Оскуола кэлэктиибэ үөрэтии-иитии хаачыстыбатын үрдэтэр саҥа суолу-ииһи көрдөөн, бэйэтин соругунан билиҥҥи олох ирдэбилигэр толору эппиэттэһэр билиилээх-көрүүлээх, үтүө үгэстэргэ иитиллэр, тыа сиригэр олорорго бары өттүнэн бэлэм хаһаайын буолар кыахтаах ыччаты иитэн таһаарыыны туруоруммута. Бу кэрдиис кэмҥэ кэлэктииби дириэктэр, РФ үөрэҕириитин туйгуна, «Гражданскай килбиэн» бэлиэлээх В.Е. Гоголев уонна дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы СӨ үөрэҕин туйгуна А.Ф. Бурнашева үгүс сыраларын биэрэн кэлбиттэрин махтана бэлиэтиибит.

– Дьэ, ханнык хайысханан үлэлии олороҕутуй?

1993 сыллаахха оскуола олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан, 5 төгүл араас хайысханан бырайыак көмүскээн, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах экспериментальнай балаһаакка буолан кэллэ. Бу кэмтэн ыла механизация, үүнээйини үүннэрии, сүөһү иитиитэ агропрофиль хайысхаларынан буолбуттара. Υлэбит сүрүн хайысхата оҕо билиигэ көрүүтүн үрдэтии, бэйэтин дьоҕурун, баҕатын учуоттаан үөрэххэ киирии, инники тус олоҕор суолун-ииһин буларга көмөлөһүү. Саамай киэн туттуубут оҕолорбут орто анал, үрдүк үөрэххэ киириилэрэ. Агрохайысхалаах оскуола буолуохпутуттан 200-чэ выпускникпыт тыа хаһаайыстыбатын араас идэлэрин талбыттара. Онтон 100-тэн тахса оҕо Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар уонна 77 оҕо тыа хаһаайыстыбатын техникумугар киирбиттэрэ. Υгүс оҕолорбут бу үөрэхтэрин бүтэрэн, идэлэринэн төрөөбүт улуустарыгар, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Уолаттарбыт оскуоланы бүтэрэллэригэр «Тракторист категории С» идэтин баһылаан тахсаллар.

– Агрооскуола быһыытынан үлэҕитин сүрдээх кэскиллээхтик саҕалаабыт эбиккит.

Υөрэх хаачыстыбатын үрдэтэр, үөрэнээччи инники олоҕун тобуларыгар көмөлөһөр сыаллаах оскуола иһинэн маркетинговай сулууспа тэриллэн үлэлиир. Бу кэмҥэ үгүс оҕо ДьТХА, ЯГИТИ, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэ киирбиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Бэрэсидьиэн, Бырабыыталыстыба өйөөһүнүнэн  агрооскуолалар суолталарын үрдэтэр сорук туруоруллубута, агрохайысхалаах оскуолалар Сойуустара тэриллибитэ. Биһиги оскуолабыт 5 оскуоланы (Абаҕа, Мээндиги, Майскай, Сулҕаччы, Бөтүҥ) хабар Ресурснай киин буолбута. Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан улуустааҕы агроааҕыылары, үлэ лааҕырдарын слёттарын ыытыы саҕаламмыта. Оскуолабыт улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ сыллата ыытыллар ас-үөл быыстапка-дьаарбаҥкатыгар, агрохайысхалаах оскуолалар ыһыахтарыгар ситиһиилээхтик кыттар. Ону хас да төгүл Амма улууһун баһылыгын Граннара уонна СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин дипломнара туоһулууллар.

2013 сыллаахха оскуолабыт Москваҕа ыытыллыбыт А.С. Макаренко аатынан ХI-с Аан дойдутааҕы күрэххэ 1 миэстэ буолбутун, 2017 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ бастыҥ үөрэх тэрилтэтэ аатыран, 1 мөлүйүөннээх СӨ баһылыгын Гранын ылбыппытын, «Арассыыйа 100 бастыҥ оскуолата» күрэххэ Кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыппытын,  2018 сылга сыллата ыытыллар күһүҥҥү өрөспүүбүлүкэтээҕи агропромышленнай быыстапка-дьаарбаҥкаҕа өрөспүүбүлүкэ «Бастыҥ агрооскуолата» дипломунан наҕараадаламмыппытын, XII Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Интеллектуальный потенциал молодежи – селу XXI века» научнай конференция ыытыллыытыгар көмөбүт иһин, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын чинчийэр институтун дириэктэрин махтал суругун ылбыппытын  улахан ситиһиилэрбитинэн ааҕабыт. Маны таһынан, былырыын оскуолаҕа үөрэнээччилэргэ профориентационнай үлэни тэрийиигэ «Күндүл» ыччат уопсастыбатын уонна Амма улууһугар ыытыллыбыт СӨ норуоттарын VII-с Спортивнай оонньууларын тэрийиигэ көмөбүт иһин Махтал суруктары туппуппут биһиэхэ улахан чиэс буолар.

– Сайыҥҥы сынньалаҥҥа оҕолоргут дохуот ылалларын биһирии иһиттим.

Сайыҥҥы сынньалаҥы үлэни кытта дьүөрэлээн тэрийии биһиги оскуолабыт биир бастыҥ көрдөрүүтүнэн буолар. 1999 сыллаахха оскуола учуутала Николай Спартакович Кайдалов көҕүлээһининэн 14 лааҕыры холбоон «Кэскил» оҕо сайыҥҥы сынньалаҥ уонна үлэ  Киинэ тэриллибитэ. Бу бырайыак 1999 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэ Гранынан “УАЗ” массыынанан наҕараадаламмыта. «Кэскил» киин үлэтэ 2006 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ күрэҕэр 1-кы миэстэни ылан, Υѳрэх министиэристибэтин 100 тыһыынчалаах музыкальнай аппаратуранан, 2008, 2009 сылларга улууспут баһылыгын Гранынан наҕараадаламмыппыт.

Амма улууһун агрохайысхалаах оскуолаларын Ресурснай киинэ буоларбыт быһыытынан үлэ уонна сынньалаҥ лааҕырдарын слетун сыллата тэрийсэн ыытабыт. Бу слет сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһалаахтык атааран, үлэлээн-хамсаан кэлбит оҕолору чиэстээһин уонна үлэни өрө тутан иитиигэ туһуланар. Сайыҥҥы үлэ кэмигэр араас тэрилтэлэри кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиибит. Ол курдук, Амматааҕы дьарыктаах буолуу киинин кытта сыл аайы дуогабар түһэрсэн, «Саастарын ситэ илик оҕолору быстах кэмҥэ үлэнэн хааччыйыы» анал бырагырааманан үлэлээн, оҕолор эбии дохуот аахсаллар. Олохтоох Строд аатынан коллективнай хаһаайыстыба сыллата сайыҥҥы үлэнэн оҕолору хабан үлэлэтэр, хамнастыыр. 2011 сыллаахха СӨ судаарыстыбаннай дьарыктаах буолуу сулууспатын «Бастыҥ үлэ биэрээччи» номинаннара буолбуппут. Оскуола пришкольнай учаастагар «Незабудка» лааҕыр элбэх оҕону хабан үлэлэтэр. Сыл аайы улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Атыы-эргиэн” дьаарбаҥката, «Идэһэ», «Үүнүү» күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттабыт.

– Үөрэххэ ситиһии учуутал киэн туттуута буоллаҕа. Кэлэктиип туһунан кылгастык сырдат эрэ.

Кэлэктиип үлэтин сүрүн соругунан айылҕаттан дьоҕурдаах оҕолорго үүнэр, сайдар усулуобуйаларын тэрийэн, үгүс билиилээх-көрүүлээх, киһилии сиэрдээх дьон буолан тахсалларыгар кыах биэрии буолар. Күн бүгүн оскуолаҕа оҕо личность быһыытынан сайдан, олоҕун  быһаарар киһи буолан тахсарын туһугар бэйэлэрин кыахтарын, сатабылларын бүтүннүү биэрэн үлэлии сылдьар учууталлар аҕыйаҕа суохтар. Υөрэх хаачыстыбатын үрдэтии, түмүктүүр аттестациялары, эксээмэннэри ситиһиилээхтик туттарыыга бэлэмнэнии сыаллаах предметнэйдэри таһынан, хайысхаларынан үгүс элективнэй уонна анал куурустар ыытыллаллар. Биһиги оҕолорбут чинчийэр үлэнэн утумнаахтык дьарыктаналлар, араас таһымнаах научнай-практическай конференцияларга, бэстибээллэргэ, күрэхтэргэ кыайаннар, лауреат, дипломант ааттарын ылаллар. Ол курдук, Вова Александров Иркутскай куоракка ыытыллыбыт Евразийскай научнай үлэлэр бэстибээллэригэр кыайан 1 истиэпэннээх дипломунан бэлиэтэммитин, өрөспүүбүлүкүтээҕи айар үлэлэр куонкурустарыгар Надя Новикова Геленджик куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээлгэ үрдүк таһымнаахтык кыттан кэлбитин улахан ситиһиибитинэн ааҕабыт. Оскуола медалистара Шура Захарова, Марина Осипова, Сима Карпова, Аня Белолюбская, Нюргуйана Прокопьева, Маша Федорова агрооскуола буолуоҕуттан иитиллэн тахсыбыттарын киэн тутта бэлиэтиибит.

– Меценаттар сүрдээҕин көмөлөһөллөр эбит.

Υөрэнээччилэр  үөрэххэ, билиигэ үрдүк көрдөрүүлэрин учуоттаан, оскуола меценаттара (биирдиилээн дьон, нэһилиэк тэрилтэлэрэ) сыллата бастыҥ үѳрэнээччилэргэ, уопсастыбанньыктарга, спортсменнарга, талааннаах оҕолорго истипиэндьийэ, анал номинация аныыллар. Бу оҕоҕо инники өттүгэр үөрэххэ-билиигэ тардыһарыгар төһүү буолара саарбаҕа суох.

– Олох ирдэбилинэн, 21-с үйэ учуутала үөрэтэр таһыма олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыахтаах диэн буолар.

Сүрүн болҕомто учууталлар идэлэрин таһымын үрдэтиигэ ууруллар. Ол курдук учууталлар араас таһымнаах семинардарга, конференцияларга, курстарга сылдьан, үөрэнэн, саҥа технологиялары баһылыыллар, ону тус үлэлэригэр утумнаахтык туһаналлар. Маны таһынан бэйэ уопутун тарҕатыыга семинардары ыыталлар, аһаҕас уруоктары, маастар кылаастары көрдөрөллөр. Үгэскэ кубулуйбут «Сыл учуутала», «Эдэр педагог», «Бастыҥ кылаас салайааччы» күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кытталлар. Сыллата үөрэнээччилэр оскуола иһинэн ыытыллар улуустааҕы, региональнай, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах олимпиадаларга ситиһиилээхтик кытталлар.  Бу учуутал уонна үөрэнээччи түмсүүлээх, сыралаах үлэтин үтүө түмүгэ буолар.

– Саҥа оскуолаҕыт хаһан тутуллара былааннанарый?

Билигин үөрэнэ олорор оскуолабыт дьиэтэ 1971 сыллаахха тутуллубута. Күн бүгүн хаарбах туруктаах буолан аҥаар өттө сабыллан турар, онон олус кыараҕастык икки сменанан үөрэнэбит. Физкультура уруога нэһилиэк спортивнай саалатыгар ыытыллар. Былаан быһыытынан оскуола-сад диэн холбоһон биир тэрилтэ буолуохтаахпыт. Онно саҥа 2 этээстээх 150 миэстэлээх таас оскуола, 70 миэстэлээх оҕо уһуйаанын таас дьиэтэ бырайыактанан, күн бүгүн экспертиза буола турар. Онтон аукцион биллэриллэн, бэдэрээтчит билиннэҕинэ, бу саас оскуолабыт сыбаайата түһэрин эрэнэ күүтэбит. – Людмила Кимовна, үөрэх-билии суолунан умсулҕаннаах айаҥҥыт аартыга арылла турдун диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...