24.05.2021 | 18:54

Саҥа оскуола-саад – сайдыы төрдө

Аҕыйах хонуктааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев Кангалаас микрооройуонугар тутулла турар П.С. Хромов аатынан оскуола-саады көрдө-иһиттэ, үлэ хаамыытын билистэ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тэрээһиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Кирилл Бычков, тутуу миниистирэ Павел Кылатчанов, куорат баһылыга Евгений Григорьев, о.д.а. кытыннылар.    

5 тыһыынча кв. миэтэрэ иэннээх икки этээстээх оскуола-саад тутуута 2020 сыллаахха саҕаламмыта. Эбийиэк 2021 сыл ахсынньытыгар үлэҕэ киирэрэ былааннанар.

Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, тутуу федеральнай, өрөспүүбүлүкэ уонна муниципальнай бүддьүөттэн үбүлэнэр. Билиҥҥи туругунан үлэ график быһыытынан барар, эбийиэк 57 % бэлэм.  

380 миэстэлээх Кангалаас оскуолата хаарбах туруктааҕынан биллэриллибитэ. Онон оҕолор икки эбийиэккэ үөрэнэргэ күһэллибиттэрэ. Микрооройуон дьаһалтатын салайааччыта Виктория Жилина саҥа оскуола-саад тутуллан бүтэрин нэһилиэнньэ долгуйа күүтэрин биллэрдэ.  

П.С. Хромов аатынан Кангалаас орто оскуолатын дириэктэрэ Савелий Адамов билигин оскуолаҕа 189 оҕо үөрэнэрин, уһуйааҥҥа 90 кырачаан сылдьарын кэпсээтэ.

«Саҥа оскуола 220 миэстэлээх, оттон уһуйаан 100 оҕоҕо аналлаах. Ол да буоллар, оскуола эргэ дьиэтин хаалларар сорук турар. Биһиги оскуолабытыгар эдэр учууталлар, спортсменнар кэлэллэр. Саҥа уопсайы тутан, олорор дьиэ кыһалҕатын быһаарыахпыт этэ», – диэтэ оскуола дириэктэрэ.  

Ил Дархан Айсен Николаев эбийиэк тутуутун тэтимин ыһыктыбаттарыгар соруйда. Ону таһынан «Шахтер» спорт саалатын дьиэтин чөлүгэр түһэрэр тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...