04.09.2024 | 15:43

Саҥа оскуолаҕа билии аартыга арылынна

Саҥа оскуолаҕа билии аартыга арылынна
Ааптар: Светлана Самсонова, Мукучу
Бөлөххө киир

Балаҕан ыйын 2 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгэр саҥа тутуллубут икки этээстээх таас оскуола аанын тэлэччи аһар  кэрэ бэлиэ түгэнэ үүннэ. Үөрэнэр кыһабыт «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак чэрчитинэн, дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, ону сэргэ СӨ Бырабыыталыстыбатын өйөбүллэринэн тутулунна.

Биллэрин курдук, Танара орто оскуолата – баай, дириҥ историялаах, үүнэр көлүөнэ ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ тус кылаатын киллэрсэн, айымньылаахтык, таһаарыылаахтык үлэлиир өрөспүүбүлүкэ биир кырдьаҕас оскуолата. Манна Новиковтар уонна Спиридоновтар учуутал династиялара үтүө үгэһи салҕаан, оҕону иитэр-такайар үлэ үөһүгэр сылдьалларын бэлиэтиир тоҕоостоох. Кэнчээри ыччат киэҥ билиилээх, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, олоххо бэлэмнээх киһи буолан, үүнүү-сайдыы аартыгар үктэнэригэр оскуола кэлэктиибэ кыһамньытын уурар. Ол курдук, быйыл сайын “Азия оҕолоро” оонньууларга спорт оскуола иитиллээччилэрэ Марк Антонов уонна Олег Кононов хапсаҕайга (тренер Иванов М. В.) чаҕылхай ситиһиилэнэн, төрөөбүт дойдуларын, бүтүн Саха сирин чиэһин көмүскээтилэр. Үөрэнээччилэрбит үрдүктэн үрдүк чыпчаалга дабайан, суоллара арыллан иһэриттэн нэһилиэк дьоно-сэргэтэ, үөрэппит учууталлара үөрэллэр, киэн тутталлар.

Мукучу нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ, оҕо аймах уһун сылларга кэтэспит ыра санаабыт туолан, икки этээстээх таас оскуолабыт арыллар үөрүүлээх күнэ тосхойбутуттан долгуйабыт, бар дьоммутугар махтанабыт. Саҥа оскуолабыт билиҥҥи кэм ирдэбилигэр эппиэттиир үөрэнэр кабинеттардаах, лабораториялардаах, мастарыскыайдаах, көмпүүтэргэ дьарыктанар кылаастардаах, киэҥ-куоҥ, сырдык аактабай, спорт саалалардаах, оҕо доруобуйатын көрөр-истэр медкабинеттаах, библиотекалаах, парниктаах, о.д.а. тыа сирин усулуобуйатыгар сөп түбэһэр толору хааччыллыылаах.

Сайдыылаах үйэ тэтиминэн саҥа оскуолабыт тутуллан, алгыстаах  ыллыгынан, алтан чуораан тыаһынан ыраахтан-чугастан ыччаттарын ыҥыртаата. Үөрэх, билии аартыга үрдүккэ, сырдыкка угуйар ураты эйгэтэ арылынна! Бүтүн көлүөнэни иитэн-такайан таһаарбыт оскуолабыт барахсан үтүө үгэһэ салҕанан, үйэлэргэ аата-суола ааттана, үүнэ-сайда туруохтун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....