14.04.2023 | 18:00

Саҥа наҕараада баар буолла

Муус устар 5 күнүгэр буолан ааспыт Дьокуускай куорат Дууматын уочараттаах 47-с сессиятыгар дьокутааттар тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин өйүүр наҕарааданы олохтоотулар.
Саҥа наҕараада баар буолла
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Куорат Дууматын дьокутааттара 2022 сыл ахсынньы 21 күнүгэр ылыллыбыт «2023 сылга уонна былааннаах 2024-2025 сылларга «Дьокуускай куорат» Куорат уокуругун бүддьүөтүн туһунан» сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэн баран, наҕараадалааһын боппуруостарын көрдүлэр. 

Ол курдук, куорат иһигэр «Дьокуускай куорат» куорат уокуругун тыатын хаһаайыстыбатыгар кылаатын иһин» саҥа анал бэлиэни олохтуур туһунан быһаарыыны ылыннылар. Саҥа наҕараада тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылары, тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин исписэлиистэрин, агропромышленнай комплекс үөрэҕин кыһаларын уонна научнай тэрилтэлэр үлэһиттэрин, судаарыстыбаннай, гражданскай сулууспалаахтары өйүүр, Дьокуускай куорат агропромышленнай комплексыгар уонна агропояһыгар кылааттарын билинэр, сыаналыыр сыаллаах.

Куорат Дуумата маны сэргэ “Кангалаас» ТОС (Уопсастыбаннай бэйэни салайыныы территорията) кыраныыссатын бигэргэттэ, «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук муниципальнай сулууспалаахтарыгар бастакы уонна уочараттааах чыыннары иҥэрии туһунан быһаарыыны ылынна, «Дьокуускай куорат үп-экономическай эйгэтигэр үтүөлэрин иһин», «Дьокуускай куорат доруобуйатын харыстабылыгар үтүөлэрин иһин», «Киин куорат үөрэхтээһинин сайыннарыыга кылаатын иһин» анал бэлиэлэринэн наҕараадалааһын туһунан боппуруостары көрдө. Бу туһунан Дьокуускай куорат Дууматын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....