Саҥа киин айар куттаахтары, талба талааннаахтары ыҥырар
Ю.А. Гагарин аатынан Култуура уонна аныгы искусство киинин (дириэктэр Е.П. Винокурова) саҥа дьиэтин бастакы сыбаайата 2017 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр түһэриллибитэ. Онтон ыла тутуу хаһан дьэндэйэн тахсарын бары да күүппүппүт. Саҥа киин Дьокуускай куорат төрөөбүт күнүгэр аанын тэлэччи аста, куорат олохтоохторугар, чахчы даҕаны, дьоһун бэлэх буолла.
Саҥа киин хайысхата киэҥ, былаана баһаам. Эдэр-эмэн, оҕо аймах тоҕуоруһар, сайдар, айар кута уһуктар ураты түһүлгэтигэр кубулуйуоҕа. Манна талба талааннаахтар түмсүөхтэрэ, кэскиллээх бырайыактар олоххо киириэхтэрэ, култуура уонна искусство ураты эйгэтэ тэриллиэҕэ.
Бүгүн ааҕааччыларбытыгар саҥа киин үлэтин сүрүн хайысхаларын билиһиннэрэбит.
Сырдатар үлэ
Кииҥҥэ аһаҕас уруоктар, лекциялар, work-shop, конференциялар, айар көрсүһүүлэр, култуура, искусство, үөрэх, наука кэрэхсэбиллээх киэһэлэрэ, мультимедийнай быыстапкалар ыытыллыахтара. Бу үлэҕэ эдэр учуонайдар, наука бас-көс дьоно кыттыһыахтара. Ону таһынан кэлбит дьон Авиация музейын сэргии көрүөхтэрэ.
Култуура тэбэр сүрэҕэ
Киин Дьокуускай куорат, өрөспүүбүлүкэ, тас дойду айар күүстэрин түмэ тардыаҕа. Билигин култуура уонна социальнай тэрилтэлэри кытта дуогабар түһэрсии ыытыллар.
Онон сотору кэминэн манна култуура уонна искусство деятеллэрэ кыттыылаах ааптарыскай, музыка, литература, үҥкүү, ырыа киэһэлэрэ тэриллиэхтэрэ.
Кииҥҥэ уус-уран самодеятельность сайдарыгар саҥа саҕахтар арыллыахтара, улахан болҕомто ууруллуоҕа. Билигин “Оникс”, «Забавушка» (сал. Свешников Н.А.), «Синегорье» ырыа ансаамбыла (сал. Бомбина Т.В.) уонна 17 түмсүү баар.
Сүрүн сорук – ыччат театрын тэрийии. Бэйэтэ туспа репертуардаах, видеонан бородууксуйалаах буолуоҕа (видеоарт, мультимедийнай иллюзион).
Эбии үөрэхтээһин
Киин оҕолору уонна улахан дьону дьарыктыыр эбии үөрэхтээһиҥҥэ көҥүл ылар былааннаах. Гагаринскай уокурукка уонна чугас эргин Оҕо искусствотын оскуолата суох. Онон Култуура уонна аныгыс искусство киинэ оҕо аймах, улахан дьон үүнэригэр-сайдарыгар, талаанын таба тайанарыгар күүс-көмө буолуоҕа. Ол курдук, гитара, ырыа, охсор инструменнар кылаастара арыллыаҕа, хор кэлэктииптэрэ элбиэхтэрэ. Ону таһынан баҕалаахтар графическай дизайны, информационнай технологиялары баһылыахтара.
Сынньалаҥ
Нэһилиэнньэ иллэҥ кэмин туһалаахтык атаарарыгар сүрүн болҕомто ууруллуоҕа. Араас маастар-кылаастар уран тарбахтаахтары ыҥырыахтара, угуйуохтара. Өркөн өйдөөхтөр, тобуллаҕас толкуйдаахтар дуобаттыахтара, саахыматтыахтара, quiz, го, о.д.а. остуол оонньууларыгар күрэхтэһиэхтэрэ. Анимационнай бырагыраамаларга кыралыын-улаханныын, эдэрдиин-эмэнниин сылдьыахтара. Тэрилтэлэргэ, кэлэктииптэргэ туһалаах трениннэр, бырааһынньыктааҕы бырагыраамалар ыытыллыахтара, куруһуоктар, араас түмсүүлэр тэриллиэхтэрэ, кэрэ аҥаардарга коворкинг киин үлэлиэҕэ.
Куруһуоктарга, устуудьуйаларга суруйтар!
Ю.А. Гагарин аатынан Култуура уонна аныгы искусство киинэ куруһуоктарга уонна айар устуудьуйаларга эрдэттэн суруйтараргытыгар ыҥырар: - Ойуулуур-дьүһүннүүр искусство; - үҥкүү куруһуога; - фортепиано уонна синтезатор кылаастара; - “Октавика”, “Синегорье”, “Горизонт” ырыа кэлэктииптэрэ; - оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо хор устуудьуйата; - Corel Draw бырагырааманан анал массыынанан быысапка; - иис куруһуога; - коворкинг-киин (иискэ аналлаах маастар-кылаастары ыытыахтара); - “Ыытааччылар оскуолалара” устуудьуйа; - театр устуудьуйата; - Аниматордар оскуолалара; - “Оригами” куруһуок; - “Квиллинг” куруһуок; - «Бумажная пластика» куруһуок; - «Макетирование» куруһуок; - «Стильные штучки» (декоративнай-прикладной искусство); - эстраднай гитара куруһуога; - "Breeze" муода театра; - "Видеотворчество"; - "Основы звукорежиссуры". |
Куруһуоктары иилээн-саҕалаан ыытыахтара:
- Еремеева Анна Анатольевна – киин куоракка ыытыллар тэрээһиннэр худуоһунньуга, Култуура уонна духуобунай сайдыы управлениета.
- Вера Ксенофонтовна Семенова – куорат тэрээһиннэрин сүрүн декоратора, Култуура уонна духуобунай сайдыы управлениета.
- Бочкарева Сардана Викторовна – өрөспүүбүлүкэтээҕи, Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээллэр лауреата, култуура уонна искусство сайдыытыгар кылаатын иһин академик В.П. Ларионов аатынан кыһыл көмүс мэтээл хаһаайката.
- Максутов Ренат Витальевич – World Skills «Звукорежиссура» компетенцияҕа эксперэ.
- Михайлов Иннокентий Иннокентьевич –World Skills техническэй эксперэ.
- Санина Екатерина Дмитриевна – «Мандарин» сынньалаҥ киинин арт-дириэктэрэ.
- Тимкина Евгения Ивановна – «Мисс Якутия-2017» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус «II Вице мисс» аат хаһаайката, «Мисс Дальний Восток-2018» куонкурус финалиһа, «Снежная краса Якутии-2020» куонкурус кыайыылааҕа, о.д.а.
Кытаат, сөбүлүүр дьарыккар суруйтар! Эйигини үрдүк таһымнаах педагогтар, интэриэһинэй бырагыраама күүтэр. Инстаграмҥа @gagarin_culturecenter диреккэ сиһилии билис.