23.06.2020 | 09:20

Саҥа кэм геройдара диэн кимнээхтэрий?

Саҥа кэм геройдара диэн кимнээхтэрий?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аан дойдуну бүтүннүү аймаабыт коронавирус дьаҥа олох атын өрүтүн көрдөрдө. Россияҕа эрэ буолбакка, киһи аймахха барытыгар, охсуулаах уонна ураты эппиэтинэстээх кэм үүннэ. Маныаха бары да араас тургутуулары аастыбыт. Бэйэҕэ, буола турар быһыыга-майгыга, уопсайынан олох бары хайысхаларыгар, тустаах толкуй, саҥалыы сыһыан олохсуйарыгар сөптөөх кэм тирээтэ. Маныаха үтүө сыһыан, тулалыыр эйгэҕэ кыһамньылаах уонна харыстабыллаах буолуу баһылыыр суолталанна.

«Кэм бэйэтэ геройдаах» диэн этэллэринии, уустук бириэмэҕэ волонтердар хорсун быһыылара, геройдуу үлэлэрэ дьон биһирэбилин, махталын ыллыан ылла. Эдэр дьон аҕам саастаахтарга уонна көмөҕө наадыйар дьоҥҥо-сэргэҕэ туһуламмыт араас аахсыйалара, дьаһаллара, тус бириэмэлэрин, сыраларын ууран туран киллэрсибит дьоһун кылааттара барыбытын үөрдэр, сүргэбитин көтөҕөр. Атын дойдуларга холоотоххо, биһиги Россиябытыгар патриоттуу санаа, түмсүүлээх буолуу уонна гражданнар тустарыгар ураты болҕомто олохсуйбута уонна халбаҥнаабат үтүө үгэскэ кубулуйбута биһирэниэх эрэ тустаах.

«Үрдүкү наҕараадаҕа тиксии, буолаары буолан Ил Дархантан бэйэтиттэн тутуу ордук суолталаах уонна инникитин элбэҕи эрэйэр», – диэн кэпсиир мин бүгүҥҥү ыалдьытым, Саха Республикатыгар волонтердары кытта үлэни сүрүнүүр киин дириэктэрэ Алена Кычкина. Киниэхэ бэс ыйын 12 чыыһылатыгар – Россия күнүгэр, үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ республика аҕа баһылыга Айсен Николаев грамота уонна өйдөбүнньүк мэтээл туттарда.

Карантин кэмигэр Саха сирин волонтердарын куорпуһун сүрүннээбит эдэр салайааччы улахан наҕараада дьон махтала буолар диэн кэпсиир. Ол эрэн салалта үлэни бэлиэтии көрөрө, бириэмэтигэр сыаналыыра үрдүккэ кынаттыырын туһунан этэр. Саха Республикатын ыччат дьыалатын уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтин көҕүлээһининэн республика улуустарын ситимниир уонна сайаапканан быһаччы көмөнү оҥорор штаб тэриллибит. Үһүс ыйын киэҥ далааһыннаах үлэ ыытыллар эбит. Ол туһунан уонна үтүө сыһыан үксүүрүгэр ханнык дьаһаллар, тэрээһиннэр ыытыллалларын туһунан сэһэргэһиибитин саҕалыыбыт.

- Волонтер (доброволец) диэн кимий? Маныаха аҥардастыы киһи хаачыстыбатын сайыннарыы эрэ ирдэнэр дуу, биитэр, государственнай таһымҥа идиэйэни тарҕатар, көҕүлүүр үлэ күүскэ ыытыллыахтаах дуу?

- Биһиги «доброволец» диэн нууччалыы этиини ордук ылынабыт. Баҕа санаа баһыйан, үтүө санааттан көмөнү, туһаны оҥорор киһи диэн сахалыы судургутук быһаарыахха сөп. Юридическай тиэрмин быһыытынан тэҥ суолталаахтар. Онон сурукка икки араастык суруйуу киирэ сылдьар. Онтон ис хоһоонун туһунан этэр буоллахха, «добровольчество» олох истиилэ буолан эрэр дии саныыбын. Үгүс дьон хобби курдук ылынар. «Үтүөнү оҥордоххо атын эйгэҕэ ситиһиилэниэхпит», «Уопсай хамсааһынтан матымаары, оҕолортон хаалсымаары», «Сааһырдахха бириэмэ да дэлэйэр, интэриэс да уларыйар» диэн санааттан волонтер буолбуттар эмиэ бааллар эбит. Урукку өттүгэр, бастаан бу хамсааһыны Россияҕа киэҥ эйгэҕэ систиэмэ быһыытынан тэрийии саҕана, уулуссаҕа бөх-сыыс хомуйар оҕолору «волонтер» диэн ааттаан, кылгас болдьоххо дьарыктаах буолар, хамнас аахсар ньыма курдук ылынар этилэр. Ити алҕас өйдөбүл диэн өссө төгүл быһаарыахпын баҕарабын. 2011 сыллаахха биһиги кииммит тэриллиэҕиттэн бу хайысхаҕа былааннаах үлэ ыытыллар. Эһиил номнуо 10 сылбытын бэлиэтиэхпит. Кииммит үлэтэ, бастатан туран, волонтер (доброволец) харчыга үлэлээбэт диэн нэһилиэнньэҕэ көннөрөн, саҥа уобараһы олохтооһунтан саҕаламмыта. Иккиһинэн, маҥнай утаа араас тэрээһиннэргэ көмө буолар волонтердар эрэ баар буоллахтарына, билигин араас хайысхалаах волонтердары тэҥинэн тутан сайыннарабыт. Холобур, медик волонтердар, медиа волонтердар, эколог волонтердар, культура волонтердара, социальнай эйгэ волонтердара о.д.а. Кэлиҥҥи кэмҥэ биирдиилээн суолталаах тэрээһиннэргэ тематическай волонтердар эмиэ баар буоллулар. Кыайыы волонтердара, Конституция волонтердара диэн дойдубутугар сүдү суолталаах событиеларга баҕа өттүнэн кыттыһар дьон хамсааһына тэрилиннэ. Маны таһынан бүтүн тэрилтэлэр, кэллэктииптэр үтүө дьыалаҕа кыттыһар үгэстэннилэр. Бу хайысха корпоративнай волонтерство диэн ааттанна, туспа бырайыак быһыытынан улахан тэрилтэлэргэ үөдүйэн эрэрэ киһини үөрдэр. Аҕа саастаах дьон ортотугар серебрянай волонтерство олоҕуран биир санааҕа сылдьар дьону түмтэ. Кинилэр наставник быһыытынан көмөлөрө эдэр дьоҥҥо ордук суолталаах диэн бэлиэтиэм этэ.

- Коронавирус өрө турбут кэмигэр волонтердар дьоһун үлэни тэрийдигит. Барыбытыгар куттал суоһаабыт бириэмэтигэр эһиги толлон турбакка, кырдьык, хорсун уонна геройдуу быһыыны оҥордугут диэн көрөбүн.

- Куһаҕан үчүгэйдээҕин курдук, добровольчество бары кыаҕын көрдөрөрүгэр уонна сүрүн миссиятын ситэригэр, онно сөптөөх күннэр-дьыллар тирээбиттэрэ. Уустук кэмҥэ дьон сомоҕолоһор, түмсэр диэн этэллэрэ кырдьык эбит. Биһиги кииммит үлэлэһэр бары хайысхалара кыттыстылар. Ким да туора туран хаалбата. Министиэристибэлэргэ сыһыарыллыбыт волонтердары сүрүннүүр тустаах үлэһиттэр, спорт уонна айар эйгэ бэрэстэбиитэллэрэ бэйэлэрин массыыналарынан тиийэн кэлбиттэрэ. Ким хайдах бириэмэлээҕинэн көмөлөстө. Сорохтор түүннэри-күнүстэри биһигини кытта тэҥҥэ сылдьыстылар. Устудьуоннар үөрэх кэннэ, улахан дьон үлэ кэннэ. Туспа махталбытын Саха сирин патриоттуу санаалаах предпринимателлэригэр тиэрдэбит. Коронавирус кэмигэр бизнес эйгэтэ улаханнык эмсэҕэлээтэ. Ону ол диэбэккэ штаб бары волонтердарыгар харыстанар сириэстибэлэри босхо биэртэлээбиттэрэ, сорохтор аһылыгынан хааччыйбыттара. Ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибит кэмигэр түөрт улахан аахсыйаны иилээн-саҕалаан ыыттыбыт. Бу сомоҕолоһуубут, биир кыһалҕаҕа эн-мин дэһэн ыкса алтыһыыбыт, бодоруһуубут дьаҥ ааспытын да кэннэ үлэбит саҥа таһымҥа сайдарыгар, хамаандабыт кэҥииригэр олук буолуо диэн улахан эрэллээхпин.

- Дьээрэ, ити туһунан сиһилии кэпсэтиэххэ эрэ. Тэриллибит үлэни ырытан көрдөххө, хас киһиэхэ көмө оҥоһулунна, аахсыйа кэмигэр туох ыарахаттары көрүстүгүт?

- Республикатааҕы волонтер куорпуһа кулун тутар 18 күнүттэн үлэлиир. #МыВместе диэн ааттаах Россиятааҕы дьаһал быһыытынан тэриллибитэ. Бу федеральнай тэрээһини бары регионнар өйөөтүлэр. Дойду үрдүнэн далааһыннах үлэ ыытылынна диэххэ наада. Онтон регион таһымыгар үлэни көҕүлээччинэн Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев буолар. Тэрийээччинэн уонна сүрүннээччинэн Саха Распубликатын ыччат дьыалатын уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтэ. Карантин кэмигэр түөрт улахан аахсыйаны тэрийэн ыыттыбыт. Бастакы аахсыйабыт 60-тан үөһээ саастаах кырдьаҕастарга уонна доруобуйатынан хааччахтаах дьоҥҥо анаммыта. Маныаха волонтердар маҕыһыынтан, аптекаттан бородууктаны уонна эми-тому атыылаһан босхо аадырыска тиэрдэн биэрбиттэрэ. Уопсайа 19 835 киһиэхэ көмө оҥоһулунна. Иккис аахсыйабыт «Продуктовая помощь» диэн 65 саастарыттан үөһээ аҕым дьоҥҥо 500 солк. суумалаах ас атыылаһан, набор оҥорон, сайаапканан түҥэттибит. Уопсайа 20 000 кэриҥэ киһиэхэ болҕомто уурдубут. Спонсор быһыытынан «Альфа-групп» консорциум кыттыспыта, бу аахсыйаҕа диэн тэрилтэ 1 млрд. солкуобайы тыырбыт. Маны таһынан Росгвардия көҕүлээһининэн инбэлиит оҕолоох 100 эдэр ыалга көмөлөстүбүт. Ыам ыйын 9 күнүгэр, кыайыы бырааһынньыгынан сибээстээн, «Вам родные» аахсыйаны ыыппыппыт. Сэрии уонна тыыл бэтэрээннэригэр бэлэх быһыытынан бородуукталаах бакыаттары туттарбыппыт. Бородуукталары «Волонтеры медики» федеральнай хамсааһын биэрбитэ. Билигин «Тележка добра» диэн аахсыйаны тэрийэ сылдьабыт. Бу аахсыйаҕа ким баҕарар кыттыһыан сөп. Кырдьаҕастарга анаан биирдиилээн дьоннортон, тэрилтэлэртэн бородуукта хомуйан, набор оҥорон сайаапканан түҥэтэбит. Бу үтүө хамсааһыҥҥа республика үрдүнэн уопсайа 2 тыһ. 500 волонтер үлэлээтэ. Күҥҥэ ортотунан: Дьокуускай куоракка 150-чэкэ, республика үрдүнэн 500-чэкэ сайаапка киирэр этэ. Билигин да штаб быһыытынан үлэлии олоробут, сайаапкалар киирэллэр. Карантин тохтуор диэри аахсыйабыт салҕаныаҕа. Күннэтэ 30-туу, 150-нии сайаапканан көмө оҥоһуллар. Кырдьаҕас дьон карантин бүтүөр диэри дьиэҕэ олороллоро ирдэнэр.

- Онтон инникитин да маннык көмө кырдьаҕас дьон ортотугар оҥоһуллар буолуо дуо? Эбэтэр аны үөрэнэн хаалан, үлэни барытын эһиэхэ салайан иһэр майгы үөскүө дуу?

- Бу эйгэҕэ үлэ хайысхата хайаан да салҕаныаҕа, систиэмэлэниэҕэ уонна сааһыланыаҕа. Быйылгы сылга бары да уустук балаһыанньаҕа киирэн хаалан, туох үлэ-көрдөһүү баарынан сырыттыбыт. Үлэни тупсарар сыалтан, маҥнайгы хардыынан, сайаапкалары ылар уонна ол туолуутун хонтуруоллуур сайт оҥоһулунна. Кэлин приложение быһыытынан ситэриллиэҕэ. Оччоҕо нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар көмө арааһа сылы эргиччи оҥоһуллар кыахтаныа. Холобура, бу күннэргэ хортуоска олордуутугар кытта тахсан үлэлээтибит. Хомойуох иһин дьонноох, атын көмөлөһөөччүлэрдээх эрээри волонтердары ыҥырар дьон баар буолла... Биллэн турар, сайаапка киирдэҕинэ аккаастаабаппыт эрээри, бу бириэмэҕэ дьиҥнээхтик биһиги көмөбүтүгэр наадыйар дьоммутугар болҕомтобут тиийимиэн сөп. Ону атыттар эмиэ өйүөх тустаахтар. Аны туран сороҕор социальнай үлэһит эппиэтинэһэ эмиэ биһиэхэ утаарыллар түгэннэрэ бааллар. Сорох табаарыстар бэйэлэрин хамнастаах үлэлэрин волонтердарынан толоттороллоро бэлиэтэннэ… Ити волонтердар соцүлэһитэри кытта ыкса сибээспит суоҕуттан таҕыста. Онон бу боппуруоһу эмиэ хонтуруолга ылан үөрэтиэхпит. Инникитин улам үөрэнэн хаалан, сайаапка элбиэн сөп диэн кутал эмиэ баар. Биһиги кииммит ону барытын хааччыйар таһымҥа тахсыахтаах. Күннэтэ сайаапканы ылар, ол туолуутун кэтиир оператордар, сайт админнара баар буолаллара ирдэнэр.

- Россия таһымыгар добровольчество хамсааһынын эйгэтин кэҥэтэргэ, далааһыннаах бырайыактары сүрүннүүргэ балайда болҕомто ууруллар буолла. Дойду Президенэ Владимир Путин ити туһунан хаста да этэн турар.

- Дойду таһымыгар Волонтердар кииннэрин ассоциацията диэн Россия регионнарын сүрүннүүр тэрилтэлээхпит. Саха сириттэн онно партнер быһыытынан икки тэрилтэ киирэр. Биһигини тэҥэ Чурапчытааҕы государственнай физическэй культура уонна успуорт институтун иһинэн үлэлиир киин. Билигин хас биирдии региоҥҥа добровольчество сайдарыгар тирэх буолар кииннэр диэннэри арыйан эрэллэр. Бу ассоциация үлэһиттэрэ миэстэтигэр волонтер тэрилтэлэрин, кииннэрин хайдах тэрийэри былаанныыллар, методическай уонна информационнай көмөнү оҥороллор. Туохтан саҕалаан ханнык үлэни тэрийэри, хайдах сайыннарары, бырайыактары сүрүннүүрү сиһилии сүбэлииллэр, араас үөрэх куурустарын, сэминээрдэри тэрийэллэр. Билиҥҥи кэмҥэ үгүс дьаһал Добро.рф сайт нөҥүө ыытыллар. Федеральнай таһымнаах араас аахсыйалары, үтүө дьыалалары, тэрээһиннэри көҕүлүүллэр. Маны таһынан ассоциацияҕа киирбэт атын волонтердар тэрилтэлэрэ эмиэ бааллар. Уопсайынан добровольчество эйгэтигэр үлэлиир тэрилтэлэри барыларын дойдуга Ыччат федеральнай агенствота сүрүннүүр. Ыччат государственнай политикатын олоххо киллэрии сүнньүнэн араас хабааннаах көмө механизмнара бааллар. Холобур, федеральнай үөрэх форумнарыгар анал симиэнэлэр, эдэр дьоҥҥо аналлаах грант куонкурсугар туспа хайысхалар бааллар. Россия таһымнаах тэрээһиннэргэ АИС «Молодежь России» портал нөҥүө волонтердары сүүмэрдииллэр. Тургутууну ааһан, тэрээһин волонтердарын куорпуһугар киирдэххинэ айаҥҥын, хонуккун уонна аһылыккын төлөөн туран ыҥыраллар. Анал форма биэрэллэр, үөрэх ыыталлар, култуурунай тэрээһиннэргэ сырытыннараллар. Онтон бастыҥ барыйыактары, кииннэри, лиидэрдэри, биирдиилээн үтүө быһыыны-майгыны быһаарар, бэлиэтиир уонна киэҥ эйгэҕэ сырдатар аналлаах «Добровольцы России» диэн сылын аайы ыытыллар куонкурустаахпыт. Быйылгы куонкурус сүүмэрдиир түһүмэҕэ соторутааҕыта эрэ түмүктэммитэ. Бу күннэргэ регион таһымнаах этабын тэрийиэхпит. Бастыҥнар салгыы уокуруктар, онтон дойду таһымыгар киирсиэхтэрэ. Финал ахсынньы ыйга сылы түмүктүүр форумҥа ыытыллыаҕа.

- Волонтердарга хамнас, харчы төлөммөт. Ол эрэн маннык көхтөөх уонна үтүө санаалаах гражданскай позиция сыаналаныахтаах уонна киэҥ биһирэбили ылыахтаах буоллаҕа. Атыттарга холобур быһыытынан…

- Оннук бөҕө буоллаҕа дии. Уопсай интэриэскэ бэйэтин тус баҕатынан сылдьар, үлэлиир киһиэхэ биһирэбил, сэҥээрии ирдэнэр да диэххэ сөп. Киһиэхэ кыра да наада дииллэр дии. Син ол кэриэтэ! Саҕалааһыннар, үтүө хардыылар салҕанан бара туралларыгар хайҕал, махтал ураты суолталаахтар. Дойдубут Президенэ Владимир Путин аҕыйах хонуктааҕыта анал укааһынан волонтерство сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах үлэни тэрийбит, үтүө санаа уонна кыһамньылаах сыһыан үксүүрүгэр сыраларын биэрбит дьону бэлиэтиир санааттан «За благодеяние» диэн бэлиэни олохтоото. Онтон коронавируһу утары охсуһуу кэмигэр ыытыллыбыт #МыВместе диэн үтүө дьаһалга көхтөөхтүк уонна үтүө суобастаахтык кыттыспыт бастыҥ волонтердары өйдөбүнньүк бэлиэнэн наҕараадалыахтара. Бириэмэтигэр маннык дьаһаллар кэлбиттэрэ кэрэхсэбиллээх. Билигин дьоммутун үөрдээри докумуоннары бэлэмниибит. Онтон бэйэбит республикабыт таһымыгар «Добровольчество сайдыытыгар кылаатын иһин» диэн түөскэ кэтиллэр бэлиэ олохтоммута быданнаата. Сылын аайы туттарабыт. Маны сэргэ сылы түмүктүүр ыччат баалыгар бастыҥнары чиэстээһиҥҥэ «Доброволец года» диэн анал аат эмиэ киирэ сылдьар.

- Хас биирдии улууска кэриэтэ волонтердар бааллар. Дьэ кинилэр үлэлэрин хайдах учуоттуугут, хонтуруоллуугут?

- Республика үрдүнэн үлэбитин ыччат отделларын (специалистарын) кытта сүрүннүүбүт. Миэстэтигэр улахан көмөнү улуус дьаһалтата оҥорор. Бу эйгэҕэ сокуон быһыытынан оҕо 8 сааһыттыан кыттыһыан сөп. Ол эрэн үксүгэр орто уонна улахан кылаас оҕолоро ордук көхтөөхтөр. Биһиги республикабытыгар оҕо общественнай тэрилтэтэ олус сайдыбыт буолан, кинилэргэ хайысха быһыытынан волонтердар этэрээттэрэ диэннэр тэриллэн үлэлииллэр. Биллэн турар, хамаандаҕа үлэлиир, туспа тэрилтэлээх буолар быдан көхтөөх. Ол иһин сэргэх ыччаттарга, баай уопуттаах улахан да дьоҥҥо, общественник аҕам саастаахтарбытыгар да куруук этэбит, тулалыыр дьоҥҥутун, доҕотторгутун, биир идэлээхтэргитин түмэн тэрилтэтэ тэрийиҥ диэн. НКО быһыытынан регистрациялаан, бырайыактары суруйан, граннарга кыттыахха син. Онтон тус бэйэҕит волонтер быһыытынан холонуоххутун баҕарар буоллаххытына маҥнай сайтка киирэн, электроннай волонтер киниискэтин арынаҕыт. Тус кабинекка хас сыл, ханнык тэрээһиҥҥэ үлэлээбиккит, бырайыагы олоххо киллэрбиккит барыта тиһиллэн иһэр. Онтон кумааҕы барыйаанын министиэристибэҕэ арыйтаран, толорторон, бэчээт уурдаран ылыаххытын сөп. Саамай суолталааҕа диэн, выпускниктар волонтер быһыытынан үлэлээбит чаастара мунньуллан, ааҕыллан, орто эбэтэр үрдүк үөрэххэ киирэллэригэр эбии баал биэрэр кыахтанар. Түгэнинэн туһанан ааҕааччылары оҕолоргутугар, сиэннэргитигэр маннык дьаһаныахха сөп диэн кэпсииргитигэр ыҥырабын. Сотору кэминэн электроннайтан кумааҕыга таһаарыы уонна бигэргэтии өҥөтө МФЦ «Мои документы» нөҥүө оҥоһуллар буолуоҕа. Дьиҥэ олус судургу уонна табыгастаах ньыма!

- Инникитин ханнык хайысхаҕа болҕомто уурар былааннааххытый? Кадры бэлэмнээһиҥҥэ туох санаалааххытый, солбугу үүннэрии эһиги эйгэҕитигэр хайдаҕый?

- Ордук көхтөөх дьон устудьуоннар. Онон сүрүн састаап, киин үлэтин сүрүннүүр дьоммут, 3-4 сыл буола-буола уларыйа тураллар. Ыччаттар волонтер буолар иллэҥ кэми көхтөөхтүк атаарарга, сэргэхсийэргэ табыгастаах диэччилэр. Бу сылдьан саҥа сирдэри көрөллөр, уопут мунньуналлар, билсэллэр-доҕордоһоллор. Мантан сиэттэрэн сүрүн болҕомтобутун солбугу бэлэмнииргэ ууруохпут. Кэлэр үөрэх дьылыттан Саха сиригэр үөрэнэр омук устудьуоннарын бэйэбит эйгэбитигэр сыһыарар санаалаахпыт. Кинилэр биһиги норуоттарбыт култуураларын, үгэстэрин, дьонун-сэргэтин кытта билсэллэригэр, дьүөрэ сайдалларыгар табыгастаах буолуо этэ дии саныыбын. Добровольчество диэн идиэйэ буоллаҕа дии. Киһи хаачыстыбата, өйүн-санаатын олоҕуруута. Онон реклама уонна дьон-сэргэ ортотугар кэрэхсэбиллээх имиджи оҥоруу, аныгы кэм брендыгар кубулутуу инники күөҥҥэ тахсар. Аны туран эрчимнээх, тэтимнээх үлэни көҕүлүүрбүтүгэр кэҥэс дьиэ-уот уонна массыына баара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Бу икки улахан кыһалҕа быһаарыллара буоллар… Мантан атын баҕа санаабыт да суох (күлэр). Киһи үөрэ-көтө үлэлииригэр, санаа хоту сайдарыгар усулуобуйа быһаарар оруоллаах. Салгыы кадр боппуруоһа. Государственнай таһымҥа волонтердары сүрүннүүр үлэһиттэри бэлэмниир систиэмэ диэн суох. Киин нөҥүө олус элбэх ыччат кэлэн барар. Министиэристибэ өйөбүлүнэн сэминээрдэри, форумнары тэрийэ сатыыбыт. Уопуттаахтар, тэрийэр үлэҕэ тыыппалаахтар хайысхалар координатордара, бырайыак ааптардара буолаллар. Федеральнай тэрээһиннэргэ кытталлар. Холобур, маннык биир тэрилтэ иһигэр араас таһымнары ааһан, уопутуран баран, киин аппаратыгар үлэлии хаалыахтарын син. Билигин кииммитигэр уопсайа 6 киһи үлэлиир.  

- Алена, быйылгы уустук сыл эһигини өссө бөҕө уонна уйуктаах оҥорбут буолуохтаах. Онон күннээҕи үлэҕитигэр, баҕа санааҕыт олоххо ыпсыытыгар ситиһиилэри! Аныгы кэм геройа буолар кыахтаах хорсун санаалаах, патриоттуу толкуйдаах, үтүө майгылаах Саха сирин волонтердарыгар сэргэх бырайыактары, саҥа хардыылары баҕара хаалабыт. Элбэҕи эрэнэ күүтэбит…

Геннадий Охлопков,

Саха Республикатын ыччат уонна оҕо

общественнай тэрилтэлэригэр тирэх буолар

ресурснай киин дириэктэрэ, Россия

суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...