20.05.2021 | 15:11

Саҥа IT-кииннэр арыллыахтара

Саҥа IT-кииннэр арыллыахтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2021 сылга Саха сирин оройуоннарыгар эбии 5 IT-киин тэриллиэҕэ. Өрөспүүбүлүкэ ханнык оройуоннарыгар тутуллан киириэхтээхтэрэ муус устар 29 күнүттэн ыам ыйын 29 күнүгэр диэри ыытыллар куонкурус түмүгүнэн чуолкайдык быһаарыллыаҕа.

 

Санатан эттэххэ, Саха сиригэр IT-кииннэри тэрийэр үлэ 2018 сылтан  саҕаламмыта. Билигин  10 оройуоҥҥа үлэлииллэр: Сунтаар, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Орто Халыма, Ньурба, Уус Алдан, Хаҥалас, Мииринэй, Кэбээйи уонна Чурапчы улуустарыгар. Бу кииннэр информационнай технологиялар уобаластарыгар ыйан-кэрдэн уонна информационнай эйгэни көҕүлүүргэ үлэлииллэр. Ону сэргэ олохтоох тэрилтэлэргэ технологическай көмөнү оҥороллор уонна биир улахан өҥөлөрүнэн өрөспүүбүлүкэ баараҕай бырайыактарын олоххо киллэрсэллэр.

Куонкурус быраабылатын кытта СӨ Цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникацияҕа министиэристибэтин сайтыгар билсиэххитин сөп. Онно биир сүрүн ирдэбиллэртэн биирдэстэринэн оройуон баһылыктарын өйөөһүҥҥэ  уонна IT-киин сайдыытыгар болҕомто ууруллар.

«Биһиги IT эйгэтин киин сирдэргэ эрэ буолбакка, тыа сиригэр эмиэ сайыннарарга үлэлиибит. Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ  7  IT-киин  аһыллыбыта.  2024 сылга өссө эбии 17 киини аһан үлэлэтэр соруктаах олоробут. Чопчулаан эттэххэ, кииннэри арыйыы  «Цифровая экономика» национальнай бырайыак иитинэн ыытыллар», — диэн цифровой сайдыы уонна инфокоммуникация миниистирэ Анатолий Семенов кэпсиир.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...