16.10.2020 | 13:32

Саҥа эргиирдэргэ суолу ханан туоруубут?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куоракка “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн “Гимеин” суолугар уонна Петр Алексеев – Стадухин –  Пирогов уулуссалар быһа охсуһууларыгар икки эргиир баар буолла.

Сакаасчыт, “Главстрой” тэрилтэ иһитиннэрбитинэн, “Гимеин” эргииригэр, Сэргэлээх суола уонна Яков Потапов уулуссата быһа охсуһар сирдэригэр сатыы сылдьар дьон эргиири тумнан туоруур буолуохтара.

Бэҕэһээҥҥи туругунан, эбийиэк тротуарын 80 бырыһыана уурулунна, бытархай үлэ хаалла. Туоруур сирдэр Яков Потапов, Мерзлотнай уулуссаларыгар, Медкииҥҥэ уонна Сэргэлээх суолугар киирэр сирдэргэ оҥоһулуннулар. Бу туһунан “Главстрой” тэрилтэ технадзорун исписэлииһэ кэпсээтэ.

Сатыы сылдьар дьон Петр Алексеев – Стадухин –  Пирогов уулуссалар быһа охсуһууларыгар икки сиринэн туоруохтара.  Ол эбэтэр 2-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа өттүттэн Пирогов  уонна Петр Алексеев уулуссаларынан сылдьыахтара.Манна суолу туоруур сир бэлэм.      

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...