Саҥа дьылы иэһэ суох көрсөбүт
Сырдыкка олор, эбиитин кешбектэ ыл
«Якутскэнергосбыт» ПАУо информациятынан, Саха сиригэр сыл бүтүөр диэри 35 тыһыынчаттан тахса киһи уот төлөбүрүгэр иэстээҕин иһин уота суох хаалар кутталлаах. Бу тэрилтэ алтынньы ыйга 32 тыһыынчаттан тахса киһиэхэ уоту быһар туһунан сэрэтии суругу ыыппыт. Итини таһынан 2 тыһыынча кэриҥэ киһиэхэ сэрэтии СМС уонна электроннай почта нөҥүө тиийбит. Сэрэтиини тутан баран төлөөбөтөх 2,3 тыһыынча киһи, сокуоҥҥа олоҕуран, уоттара быһыллыбыт.
Хампаанньа филиала нэһилиэнньэни иэстэри суһаллык төлүүргэ эбэтэр реструктуризация (дуогабары уларытыы) туһунан сөбүлэҥи түһэрсэргэ ыҥырар. Маны тэҥэ, «ДЭК» ПАУо клиеннэригэр – физическэй уонна юридическай сирэйдэргэ аахсыйа биллэрдэ.
Ол курдук, 2022 сыл ахсынньы 25 күнүгэр диэри төлөөччүлэргэ пенялара барыта сотуллар. Аахсыйа усулуобуйаларын кытта сиһилии https://www.dvec.ru/yakutiya/ сайтка киирэн билсиэххэ сөп.
Аны «ДЭК» ПАУо сайтыгар тус кэбиниэттээх уонна мобильнай сыһыарыылаах гражданнар, хомунаалынай өҥө иһин «Мир» каартанан төлөөбүт буоллахтарына, ахсынньы 31 күнүгэр диэри сууматтан 1 %-наах кешбэк ылаллар.
«Якутскэнергосбыт» ПАУо куорат иһигэр 14 филиаллаах, итинтэн 6-та быстах кэмҥэ үлэлээбэт:
1. Октябрьскай уул., 25, «Тиит-Арыы» эргиэн дьиэтэ;
2. Крупская уул., 19;
3. Кеша Алексеев уул., 7, «Елочка» эргиэн киинэ;
4. Курашов уул., 8;
5. Семен Данилов уул., 3/2, «Яблоко» эргиэн киинэ;
6. Курнатовскай уул., 1/2а, «Соседи» эргиэн киинэ. Филиалларга уонна почта салаатын нөҥүө төлөбүр хамыыһыйалаах.
DVGK сайт нөҥүө ититиини хамыыһыйата суох төлүүргэ:
www.dvgk.ru/payment сайтка киирэбит;
1. Нэһилиэнньэлээх пууну талабыт;
2. Лицевой счеппут нүөмэрин суруйабыт;
3. “Салгыы” диэни баттыыбыт;
4. Төлөбүр сууматын суруйабыт;
5. Электроннай почтабыт аадырыһын суруйабыт;
6. Баан каартатынан төлүүбүт.
https://dvec.ru сайтка киирдэххэ, булгуччу региоммутун талабыт, уҥа муннукка баар «Тус кэбиниэт» түннүккэ киирэбит.
«ДЭК» ПАУо сайтыгар икки тус кэбиниэт баар:
1. Электроэнергияҕа;
2. Итии ууга уонна ититиигэ.
Итинэн көрөн ханнык наадалааҕын талабыт.
Иэскин төлөө — турбазаҕа сынньан
«Сбербаан» ПАУо Дьокуускайдааҕы салаата уонна «Платежи» ЯПК ХЭТ «Квартплатаны онлайн төлөө уонна турбазаҕа сынньалаҥы сүүй!» диэн саҥа дьыллааҕы аахсыйаны ыыталлар.
Аахсыйаҕа олох-дьаһах хомунаалынай өҥөлөрүн иһин 2022 сыл ахсынньы 18 күнүгэр диэри «Онлайн-Сбербаан» мобильнай сыһыарыы нөҥүө төлөөбүт Дьокуускай куорат олохтоохторо кытталлар. Кинилэр «Олох-дьаһах хомунаалынай өҥөлөрүн иһин тоҕо «Онлайн-Сбербаан» нөҥүө төлүүр табыгастааҕый диэн А4 формакка 1,5 сирэйтэн элбэҕэ суох кээмэйдээх өйтөн суруйууну Ypk2022@yandex.ru электроннай почтаҕа ыытыахтарын наада.
Сурукка 2022 сыл сэтинньи ыйы төлөөбүтү туоһулуур электроннай квитанцияны, хаартыскаҕытын сыһыараҕыт, араспаанньаҕытын, ааккытын, аҕаҕыт аатын, төлөпүөҥҥүт нүөмэрин ыйаҕыт. Өйтөн суруйуулары 2022 сыл ахсынньы 23 күнүгэр диэри туталлар.
Куонкурус хамыыһыйата 2022 сыл ахсынньы 26 күнүгэр кистэлэҥ куоластааһынынан 3 кыайыылааҕы сүүмэрдиир.
Кыайыылаахтарга сертификат туттарыллар:
I миэстэ —«Хрустальная» турбазаҕа дьиэ кэргэнинэн 1 сууккаҕа сынньалаҥ;
II миэстэ — «Берег легенд» Глэмпинг паарка;
III миэстэ — «Орто Дойду» экопаарка.
Итини таһынан, 5 биһирэбил бириис баар. Бириистэри 2022 сыл ахсынньы 30 күнүгэр диэри туттараллар.
Билсэр төлөпүөн: 40-20-32.
«Прощеные дни» аахсыйа
Аахсыйа усулуобуйата – 2022 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри сир арендатын сүрүн иэһэ төлөммүт буолуохтаах.
«Сир сыһыаннаһыыларын агентствота» МХТ аахсыйа чэрчитинэн муниципальнай бас билиигэ сылдьар сир учаастактарын арендатын иһин төлөбүр пенятын сотор.
Аахсыйаҕа Дьокуускай куорат территориятыгар баар сир учаастактарын арендатордара, сүрүн иэстэрин төлөөбүттэр – физическэй уонна юридическай сирэйдэр кытталлар. Пенялары эрдэ, аахсыйа саҕаланыан иннинэ төлөөбүт дьон кыттыбаттар.
Пеня сайабылыанньата суох сотуллар, болдьоҕо – 2023 сыл тохсунньу 15 күнүгэр диэри.
Аренданы төлүүр счету ылар ньымалар:
• arenda@yakadm.ru электроннай почтанан;
• «Судаарыстыбаннай өҥөлөр» интэриниэт-портал нөҥүө;
• E-yakutia.ru СӨ судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөрүн интэриниэт-порталын нөҥүө нолуогу төлөөччү тус нүөмэринэн (ИНН);
• WhatsApp ситимигэр баар «итии линия» нүөмэринэн: 8 (914) 239-49-40.
Иэскин пенята суох төлөө
«Жилкомсервис» МУТ ахсынньы 31 күнүгэр диэри физическэй сирэйдэргэ анаан «Иэскин пенята суох төлөө» аахсыйаны ыытар. Аахсыйаҕа докумуоннара суукка барбыт уонна суут быһаарыыта тахсыбыт гражданнар кыттыбаттар.
«Жилкомсервис» МУТ оҥорор өҥөтө – убаҕас бөҕү (септигы) тиэйии.
Тэрилтэ аадырыһа: 677008, Дьокуускай к., Базовай пер., 4.
Төлөпүөн нүөмэрэ: +7(4112)36-93-13, электроннай почта: mup.zhilkomservis@mail.ru
Баан реквизиттэрэ:
ИНН/КПП 1435242617/143501001
р/с 40702810508470000329
ВТБ (ПАУо) баан «Центральнай» филиала
к/с 30101810145250000411
БИК 044525411
Аахсыйаҕа кыттарга «Жилкомсервис» МУТ, «Якутскэнергосбыт» ДЭК каассаларыгар эбэтэр «Онлайн-Сбербаан», «Квартплата+» сыһыарыыларынан иэһи төлөөһүн ирдэнэр.
Пеня сотуллубута көстөр болдьоҕо – 2023 сыл тохсунньу ый.
«Аптаах ахсынньы» буолла
«Якутскэкосети» ХЭТ клиеннэригэр бэртээхэй түгэн тосхойдо – 2022 сыл ахсынньы 30 күнүгэр диэри иэһи төлүөххэ уонна реструктуризацияны (дуогабары уларытыы) туһунан сөбүлэҥи түһэрсиэххэ сөп.
«Аптаах ахсынньы» аахсыйа чэрчитинэн клиент иэһин төлүүр суолу бэйэтэ талар:
— «Обращение с ТКО» хомунаалынай өҥө иһин төлөбүр иэһин пенятын сотторуу;
— 12 ыйга диэри болдьохтоох, графигынан төлүүргэ, реструктуризация туһунан сөбүлэҥи түһэрсии.
Реструктуризация туһунан сөбүлэҥи түһэрсэргэ:
— клиент сайабылыанньата, иэһиттэн 30% төлүөхтээх;
— 2022 сыл ахсынньы 30 күнүгэр диэри сөбүлэҥҥэ илии баттыахтаах.
Пеняны сотторор усулуобуйа – клиент баар иэһин барытын төлүөхтээх, төлөөбүтүн туһунан докумуону «Якутскэкосети» ХЭТ офиһыгар тиксэриэхтээх.
«Якутскэкосети» ХЭТ офиһын аадырыһа: Дьокуускай к., Орджоникидзе уул., 50 (Октябрьскай уул. өттүттэн киириллэр). Төлөпүөн нүөмэрэ: 319-051. Үлэ эрэсиимэ: бэнидиэнньик-бээтинсэ 09:00 чаастан 18:00 чааска диэри, эбиэт – 13:00-14:00 чаас.
Нолуокпутун төлүүбүт – нус-хас утуйабыт
Баай-дуол, сир, тырааныспар иһин нолуок төлөбүрүн болдьоҕо – ахсынньы ый 1 күнэ этэ. Ахсынньы 2 күнүттэн пеня ааҕыллан барар. Ким хойутаабыт, пеня үрдүүрүн кэтэспэккэ, тута төлүүргэ тиэтэйиҥ.
Саха сирин үрдүнэн нолуогу төлүүр туһунан 385 тыһыынча иһитиннэриини, итинтэн аҥаарын электроннай көрүҥүнэн ыыппыттар.
Нолуок төлүүр туһунан иһитиннэриини туппатах буоллахха:
Нолуок уорганыгар эбэтэр МФЦ салаатыгар тиийэн чуолкайдаһыллар, бэйэҕитин кытта пааспаргытын уонна ИНН илдьэ бараҕыт;
Нолуок төлүүр физическэй сирэй тус кэбиниэтигэр киириллэр;
Арассыыйа ФНС (https://lkfl2.nalog.ru/lkfl/login) сайтыгар көрүллэр;
«Физическэй сирэйдэр нолуоктара» сыһыарыыны хачайдыыбыт.
Нолуогу онлайн көрүҥүнэн хамыыһыйата суох хайдах төлүүбүт?
Сбербаан нөҥүө төлүүр хас даҕаны суол баар:
1. Онлайн-Сбербаан систиэмэтин нөҥүө. Итиннэ киирэбит, төлөбүр уонна перевод салаатын талабыт, онно Федеральнай нолуок сулууспата диэн баар. Докумуон индексатынан төлөбүрү талабыт уонна квитанция нүөмэрин киллэрэбит. Каартанан төлөбүрү талабыт;
2. Сбербаан салаатыгар тиийэн төлүүргэ ФНС квитанциятын илдьэ барабыт. Электроннай уочаратынан операционистка квитанцияны көрдөрөн төлүүбүт;
3. Каартанан баан терминалларын нөҥүө төлөнөр. Мунаахсыйар буоллахха, менеджердэринэн сүбэлэтиэххэ сөп. Квитанция QR-кодунан төлөнүллэр, каартаны терминалга угабыт, ПИН-кодунан киирэбит, сканерга QR-коду сыһыарабыт, систиэмэ тута анаалыстыыр уонна төлөбүр туһунан дааннайдары экраҥҥа таһаарар;
4. Мобильнай сыһыарыы нөҥүө QR-кодунан төлүүбүт. Төлөбүр салаатыгар киирэбит, «QR-нан төлөбүр» диэни талабыт. Оччоҕо сканер арыллар, сканерга QR-коду сыһыарабыт уонна реквизиттэр автоматическай көрүҥүнэн туоллахтарына төлүүбүт.