20.01.2024 | 14:00

Саҥа дьылтан киирбит сокуоннар

2024 сыл тохсунньутуттан олоххо киирбит сокуоннары түмэн таһаарабыт.
Саҥа дьылтан киирбит сокуоннар
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Хамнас уонна биэнсийэ эбиллэр

Тохсунньу 1 күнүттэн хамнас алын кээмэйэ 18,5 % эбилиннэ. Дойду 4,8 мөл. киһитигэр үрдээтэ.

Страховой биэнсийэ 7,5 % эбилиннэ – 32 мөл. киһи хапсыахтаах.

Олимпиада уонна паралимпиада чемпионнарын бэлэмнээбит тренердэргэ биэнсийэлэрэ социальнай биэнсийэ 250 % тэҥнээх гына эбиллэр – ыйга 12585 солк.

Кэккэ социальнай төлөбүрдэр уонна босуобуйалар индексацияланнылар – 4,5 % үрдээтилэр. Манна оҕо босуобуйата, байыаннай сулууспалаахтар, полиция, Росгвардия үлэһиттэрин  оҕолорун босуобуйалара хабыллар.

Үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабыла, социальнай хааччыйыы, култуура уонна наука үлэһиттэрин хамнаһа 9,8 % үрдүүр.

 

Социальнай уонна страховой биэнсийэ – сайаапката суох

Тулаайах хаалбыттарга, төрөппүттэрэ кимнээх буолаллара биллибэт оҕолорго социальнай уонна страховой биэнсийэ сайаапката суох ананар буолуоҕа.

 

Оҕо көрөн олоруу харчыта оннунан хаалла

Дэкириэккэ оҕотун көрөн олорор дьахтар үлэтигэр болдьоҕун иннинэ тахсар түгэнигэр, оҕо балтараатыгар диэри босуобуйата толору  төлөнөр буолла.

 

Аармыйаҕа ыҥырыллар саас уһаата

Тохсунньу 1 күнүттэн аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыы сааһа 30 сааска диэри уһаата. Бу иннинэ 27 сааска диэри этэ.

Байыаннай быраастарга

Байыаннай медперсоналга, байыаннай быраастарга, байыаннай чаастарга уонна гарнизоннарга үлэлии тиийэр медицинэ үлэһиттэригэр биирдэ бэриллэр компенсациялар олохтоннулар. Кээмэйэ – 500 тыһыынчаттан саҕалаан 2 мөл. солк. диэри.

 

Араанньа буолбут оҕолорго аналлаах төлөбүр

Арассыыйаҕа саҥа холбоспут регионнарга анал байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр эмсэҕэлээбит оҕолорго 100 тыһ. солк. төлөнөр буолла.

 ЛНР олохтоохторугар эбии төлөбүр

Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо үлэ буларга, бизнес тэринэргэ, бэйэ хаһаайыстыбатын тэринэргэ судаарыстыбаттан социальнай көмөнү ылар буоллулар. Үп федеральнай уонна региональнай бүддьүөттэртэн көрүллүөхтээх.

 

Ийэ хапытаалыгар уларыйыы

Ийэ хапытаала оҕо төрүөҕүттэн Арассыыйа гражданина буолар түгэнигэр эрэ ананар. Бу саҥа регионнарга сыһыана суох.

Ийэ хапытаалын аҕа ылар түгэнигэр, биэнсийэ мунньунар чааһыгар ыытар кыахтанна.

 

Кирэдьиит туһунан толору иһитиннэрии

Тохсунньу 21 күнүттэн бааннар кирэдьиит ылар киһиэхэ толору информацияны, кистэлэҥ төлөбүрдэри, эбии төлөбүрдэри барытын хайдах баарынан ууран биэрэр эбээһинэстэниэхтэрэ. Маны таһынан бааннар эбии өҥөлөрүттэн аккаастаныахха сөбүн туһунан хайаан да быһаараллара ирдэниэҕэ.

 

Биометрияҕа сөбүлэҥ уонна аккаастаныы

Гражданнар биометрия дааннайдарын биэриигэ хаһан баҕарар сөбүлэһэр уонна аккаастанар кыахтаннылар. Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар биометричэскэй дааннайдары биэрии, төттөрү ылыы туһунан ирдэбили ыытыахха сөп.

 

Кирэдьиит сынньалаҥа

Кирэдьиит сынньалаҥа диэн аны наар баар буолуоҕа (урут пандемия эрэ кэмигэр киирэ сылдьыбыта). Өскөтүн кирэдьиит ылбыт киһи ыалдьыбыт, үлэтиттэн сарбыллыбыт, олох үлэтэ суох хаалбыт буоллаҕына, сынньалаҥын сыл аҥаарыгар диэри болдьоххо ылыан сөп.

 

Инбэлииттэр төрөппүттэригэр көмө

Инбэлиит оҕолоох төрөппүттэр быйылгыттан толорута суох үлэ күнүгэр үлэлиэхтэрин уонна тэҥинэн социальнай төлөбүрдэри аахсан ылыахтарын сөп буолла.

 

Социальнай нолуогабай вычет үрдүүр

2024 сыл ороскуоттарыттан саҕалаан социальнай нолуогабай вычет быһыытынан 19500 солк. диэри (150 тыһыынча 13 бырыһыанын), оҕо үөрэҕэр – 14300 солк. (110 тыһ. 13 бырыһыанын) төннөрүөххэ сөп буолла. Маны таһынан кэргэнниилэртэн биирдэрэ күнүскү үөрэххэ  төлөбүрүн вычетын ылыахха сөп.

 

Волонтердарга өйөбүл

Волонтердарга көмө сокуонунан чопчуланна. Үлэлэригэр наадалаах медицинскэй өҥөлөргө, үөрэхтэргэ ороскуоттарын уйунуохтара. Түөскэ кэтиллэр бэлиэ олохтонуоҕа. Бэйэ баҕатынан үлэ хайысхата кэҥиир. Холобур, Аҕа дойдуну көмүскээччилэр ааттарын үйэтитии киириэҕэ.

Волонтердар граннары сүүйдэхтэринэ, НДФЛ нолуогуттан босхолуохтара. Күрэхтэргэ уонна да атын тэрээһиннэргэ кэлэр-барар бырайыастара төлөнүөҕэ.

 

НДФЛ-тан босхолонуу

“Төрөппүт албан аата” уонна “Герой Ийэ” уордьаннарыгар бэриллэр төлөбүртэн НДФЛ нолуога аны тутуллубат. Маны тэҥэ региональнай уонна олохтоох дьаһалта граннарыттан, бириэмийэлэриттэн, бэлэхтэриттэн нолуок тутуллубат.

 

Нотариус дэбиэринэһэ босхо

Босхо юридическэй көмө көрүллэр араҥатыгар хапсар дьонтон нотариуска бигэргэнэр дэбиэринэс иһин төлөбүр ылыллыбат. Маныаха суукка уонна да атын тэрилтэлэргэ бэрэстэбиитэл дэбиэринэһэ босхо оҥоһуллуохтаах. Босхо юридическэй көмө, холобур, кыаммат араҥаҕа киирсэр гражданнарга көрүллэр.

 

Кирэдьиит туһунан иһитиннэриилэр

Бааннар уонна микрофинансовай тэрилтэлэр гражданнарга кирэдьиит биэрэллэригэр кирэдьиит ноҕоруускатын туһунан толору информацияны иһитиннэриэхтээхтэр уонна, дохуот 50 бырыһыана кирэдьииккэ барар буоллаҕына, туохха тиэрдиэн сөбүн сиһилии кэпсиэхтээхтэр.

 

Тырааныспар нолуога

Күрэтиллибит массыына иһин тырааныспар нолуога массыына уоруллубут күнүттэн саҕалаан ааҕыллыбат буолуоҕа. Маны туоһулуур докумуоннары МФЦ нөҥүө ыытыахха сөп. Ол эрэн сайаапка ыыппатахха даҕаны, ИДьМ информациятыгар олоҕуран, нолуок ааҕыллара тохтуохтаах.

 

Уотунан хааччыйааччыларга ыстараап

Электричество уотугар счетчигы холбооботох тэрилтэлэр ыстарааптанар буолуохтара. Счетчигы кэмигэр кэтээбэтэх, уларыппатах тэрилтэ 100 тыһ. солк. диэри ыстарааптаныаҕа. Счетчик сетевой хампаанньа суотугар туруоруллуохтаах.

 

Хайыылаахтары ресоциализация

Саҥа сокуоҥҥа олоҕуран, Арассыыйаҕа хаайыыттан тахсыбыт дьону олоххо төннөрөргө көмө буолар социальнай институт баар буолар. Манна күһэлэҥ үлэҕэ уураахтаммыттар кытта хабыллаллар.

 

Маассабай спорду сайыннарыы

Азаартаах спортивнай оонньуулары тэрийээччилэр (букмекерскай хонтуоралар) дохуоттарыттан киирбит тус сыаллаах төлөбүрдэр оҕо-ыччат маассабай спордун сайыннарыыга туттуллуохтара. Туһаайыылаах төлөбүрдэр 1,5 бырыһыантан 2 бырыһыаҥҥа диэри улааттылар.

 

Тулаайахтарга босхо үөрэх

Тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор иккис оробуочай идэлэрин баһылыылларыгар босхо үөрэнэр кыахтаннылар. Манна доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор кытта хапсаллар. Үөрэх тээбиринин, кинигэлэри ылыналларыгар босуобуйа төлөнөр, үөрэнэллэрин тухары ый аайы төлөнөр босуобуйа эмиэ баар.

 

Дьиэ-уот сокуонугар уларыйыы

Бу сыл саҥатыттан гаас сулууспатын үлэһиттэрин дьиэҕэ киллэрбэтэххэ, үлэлэригэр мэһэйдэри үөскэттэххэ, 5-10 тыһ. солк. ыстараап ууруллар. Кыбартыыраҕа баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын кэһии иһин 5-15 тыһ. солк. ыстараап олохтонно.

 

Табах сыаната

Тохсунньу 31 күнүттэн саамай чэпчэки табах баачыкатын сыаната 129 солк. буолуоҕа.

 

Ийэ хапытаалын туттуллар кыаҕа кэҥиир

Тохсунньу 5 күнүттэн Ийэ хапытаалын таунхаус, дуплекс о.д.а.  тутуулаах дьиэлэри тупсарыыга, өрөмүөҥҥэ туттуохха сөп.

 

Ыарыһах сөбүлэҥэ суох

Суһал көмө биригээдэтэ аны ыарыһахтан сөбүлэҥ кумааҕыны толорторбокко эрэ көмөнү оҥорор кыахтанна. Ыарыһах бэйэтэ эбэтэр аймаҕа көмөттөн аккаастанар бырааба оннунан хаалла.

 

«Саа сокуона»

Сокуоҥҥа олоҕуран, булгуччулаах психиатрическай бэрэбиэркэни ааспатах дьон сааны-саадаҕы уонна ботуруоннары оҥорууга, тургутан көрүүгэ, харайыыга уонна атыылааһыҥҥа үлэлииллэрэ бобулунна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....