01.12.2020 | 07:23

Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри хомуйар үтүө санаа ааксыйаларыгар кыттыһыҥ

Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри хомуйар үтүө санаа ааксыйаларыгар кыттыһыҥ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саҥа дьылы кэтэһэр аптаах, алыптаах кэмҥэ үктэннибит. Дьокуускайдааҕы библиотекалар кииннэммит ситимнэрэ, “Эрэл” норуодунай үҥкүү театра уонна “Харысхал” аһымал пуондата үтүө санаа ааксыйатыгар кыттыһарга ыҥырар!

Мындыр бэлэхтэр

Дьокуускайдааҕы библиотекалар кииннэмиит ситимнэрэ “Мындыр бэлэхтэр” (“Умные подарки”) диэн 1-11 кылаас үөрэнээччилэригэр аналаах бэлэхтэри хомуйууга ааксыйаны саҕалаата. Ахсынньы 17 күнүгэр диэри оҕону сайыннарар бэлэхтэри аҕалан туттарыаххытын сөп. Бэлэхтэри 2-ис нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола-интэринээккэ ахсынньы 18 күнүгэр илдьэн туттарыахтара.

Бэлэхтэри маннык аадырыстарынан туталлар:

1. «Встреча» библиотека, Марха мкр., Советская уул., 3

2. «Ньургуhун» библиотека,  Тулагино с., Николаев уул., 34

3. «Моя библиотека», Чернышевскай уул., д. 12/1, кв. 1

4. «Березка» библиотека, Маганский тракт 2 км, 2А

5. «Три-Д» библиотека, Хабаров уул., 27/1

6. «Теплый Дом», 50 лет Советской Армии уул., 23

7. «SMART 2..3.», Ларионов уул., 12А

Аптаах саҥа дьыл

“Эрэл” норуодунай үҥкүү театра дьиэлэригэр үөрэнэ олорор инбэлиит оҕолорго бэлэхтэри хомуйар. Ааксыйа ахсынньы 25 күнүгэр диэри ыытыллар.

Баҕалаахтар саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри П.Алексеев уул., 49/1, 23 каб. аҕалан биэриэххитин сөп. Билсэр төл: 8914-300-34-60 (Сахаайа).

Бэлэхтэр “Харысхал” аһымал пуондатыгар мунньуллан баран, ахсынньы 25 күнүгэр оҕолорго тарҕатыллыахтара.

Былырыын “Харысхал” уонна “Аура” аһымал пуондалар 100-тэн тахса инбэлиит уонна тулаайах оҕоҕо, 70-ча доруобуйаларынан араас хааччахтаах оҕолорго бэлэхтэри тиксэрбиттэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Сонуннар | 01.09.2024 | 10:14
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Понедельник, 2 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Актуальное интервью 12+ 11:45 Дойдум дьоно 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30...