18.12.2019 | 14:47

САҤА ДЬЫЛГА ХАРЧЫЛАҺАН ХААЛЫАХХА

САҤА ДЬЫЛГА ХАРЧЫЛАҺАН ХААЛЫАХХА
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саҥа сыл үүнэрэ 19 хонук хаалбыт. Бу аҕыйах кэм иһигэр харчыланыаххын баҕараҕын дуо? Күндү ааҕааччыбар бырааһынньыкка харчылаһар бизнес-идиэйэлэри бэлэхтиибин. Бу дьиҥ олохтон ылыллынна, онон эһиил даҕаны суолтатын сүтэриэ суоҕа. Бүгүҥҥүттэн саҕалаатаххына, бизнесмен эбэтэр бизнесвумен буолан хаалыахха сөп.

САҤА ДЬЫЛ БИЗНЕҺИН 6 УРАТЫТА Аҕыйах бириэмэ иһигэр ороскуотун сабар;Дьон харчыны аахпат буолан, бизнеһи саҕалыырга саамай сөптөөх кэм;Бизнескин 3-4 эрэ ый үлэлэтиэххин сөп, кыахтаах буоллаххына - кэҥэтэҕин;Омуннаах, улахан суолтата суох маллар Саҥа дьылга хамаҕатык бэлэхтэнэллэр;Судаарыстыбаннай уонна чааһынай тэрилтэлэр, хампаанньалар саҥа дьыллыыр бүддьүөттэрэ ботуччу буолар. Онон харчыны тэбииртэн куттамматтар.Судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай тэрилтэ нөҥүө тендерга кыттыаххын сөп.

МИННЬИГЭС БЭЛЭХ

Ороскуотуҥ — 150 000 тыһ. солк.

Кууһунан атыы базатыгар тиийэн, кэмпиэттэри атыылас. Суутун-хаатын, киэргэтиитин кыайдаххына, табаарыҥ хамаҕатык барыа. 

Саҥа дьыл аайы ордук оскуолалар, оҕо саадтара минньигэс бэлэхтэри көрдүүллэр, ол инниттэн тендердэри кэтиир ордук.

Билигин конкуренция элбэх, онон хас биирдии бэлэххэ сюрпризтаах буоллаххына, табаарыҥ “итии бэрэски” курдук барыаҕа.

КЫТАЙ ГИРЛЯНДАТЫН САКААСТАА

Ороскуотуҥ — 100 000 тыһ. солк.

Сүрүн идиэйэҥ бизнеһиҥ аатыгар сылдьар. Манна хаачыстыбалаах табаардаах, эрэллээх уонна удамыр сыаналаах атыыһыт ирдэнэр. Гирлянда саҥа дьыл саамай кыраһыабай киэргэлэ. Хас биирдии ыал, маҕаһыын, тэрилтэ түннүгэ барыта уотунан күлүмүрдүү олоруон баҕарар. Онон гирлянда – саҥа сыл иһэрин мэктиэлиир солбуллубат бэлиэ. Бастатан туран, сыаната чэпчэки; иккиһинэн – светодиоднай лаампа кутталы үөскэппэт, умайан да хааллаҕына, киһи харыстаабат мала. Улуу Кытай атыыһыттара  эмиэ кэнэҕэһин үлэлэһэр килийиэннэри көрдүүллэр. Ол инниттэн табаар чэпчэки сыанаҕа уонна түргэнник тиксэр усулуобуйатын тэрийсэллэр. Кытайтан кэлэр табаар сыанатыгар 70-80% тиийэ эбиэххин сөп, бу барыта эн тус дохуотуҥ буолар.

КОНДИТЕР БУОЛЛАХХЫНА...

Ороскуотуҥ —  50 000 тыһ. солк.

Эн бизнеһиҥ сүрүн идиэйэтэ – саҥа дьылга сыһыаннаах минньигэс бурдук ас. Ханнык да бырааһынньык торт, капкейк, кекс уо.д.а. минньигэс аһа суох ааспат. Ыалга  барарга кытта илии тутуурдаах, өттүк харалаах буолабыт. Тортаах тиийдэххинэ, ким сириэй?! Киин куоракка, биллэн турар, асчыт элбэх, ол эрэн кинилэртэн уратыҥ диэн – сакаасчыкка дьиэтигэр аҕалан биэрэҕин. Ким даҕаны 50 кыраадыс тымныыга төттөрү-таары айанныан баҕарбат. Торт оҥорор дьон күҥҥэ 50-100 тыһ. солк. тиийэ киллэрэллэр.

САҤА ДЬЫЛЛААҔЫ БУКЕТ

Ороскуотуҥ —  50 00 тыһ.солк.

Сүрүн соругун – кэмпиэттэн уонна чэйтэн декоративнай композияны оҥоруу. Саҥа дьыллааҕы тыыннаах харыйа лабаатынан киэргэммит бэлэҕи ама ким сириэҕэй?! Бу бэлэҕи кэллиэгэлэргэ, чугас дьоҥҥо бэлэхтиир олус үчүгэй буолуо. Бу идиэйэ элбэх харчыны, мэйии үлэтин эрэйбэт. Ким баҕар дьарыктаныан сөп. Уратытык киэргэтиэххин баҕардаххына, анал куурустарга сырыт уонна видео-уруоктары көр.

ТЫМНЫЫ ОҔОННЬОР УОННА ХААРЧААНА

Ороскуотуҥ —  15 000 тыһ. солк.

Саҥа дьыл үүнэр күнүгэр кырачаан киһи сылаас дьиэтигэр Тымныы Оҕонньору уонна Хаарчаананы кэтэһэн аҕай олорор кэмигэр эмискэ таһырдьаттан бэлэх тутуурдаах остуоруйа дьоруойдара киирэн кэлиилэрэ олус күндү буолааччы.

Хас биирдии төрөппүт оҕотугар, чугас дьонугар умнуллубат ураты түгэни бэлэхтиэн баҕарар. Бу бизнескэ эйигиттэн көстүүм эрэ ирдэнэр. Саҥарар тылгын, тугу этиэхтээххин сакаасчыт бэйэтэ ыйан-кэрдэн биэриэн сөп. Анал дьиэ куортамныыр эҥин наадата суох, сакаас киирдэ эрэ, дьиэҕиттэн ойон таҕыстыҥ да – бардыҥ. Килийиэннэри социальнай ситимнэр нөҥүө көрдүүгүн.

Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана оҕону 20 мүн. аралдьытан, 1500-3000 солк. оҥоруохтарын сөп. Бэйэҥ массыыналаах, Хаарчааналаах буоллаххына, барыһыҥ уон төгүл элбээн тахсар. Саҥа дьыл күн тарыыпкын икки төгүл улаатыннарыаххын сөп. Креативнай уонна хас биирдии сакаасчыкка ураты атмосфераны хааллардаххына, эһиил эмиэ сураһыхтара. Онон көстүүмҥүн уурунан кэбиһэҕин. 

САҤА ДЬЫЛЛААҔЫ ХЕНД-МЕЙД

Ороскуотуҥ —  100 000 тыһ.солк.

Киһи илиитинэн айан-тутан оҥорбута хаһан баҕарар үрдүктүк сыаналанар. Саҥа дьыл бэлиэтин сампааны, аккырыыкканы уонна чүмэчини дьүөрэлээн, саҥа дьыллааҕы хенд-мейд оҥоруоххун сөп. Туох да улахан эбиитэ-сабыыта суох бэлэҕи дьон кэллиэгэлэригэр, чугас таабарыстарыгар атыылаһаллар. Сыаната удамыр буолан, хамаҕатык барар. Социальнай ситимҥэ аккаунт арынаҥҥын, рекламаҕын «хайа тардан” кэбиһэҕин, сакаас Cаҥа дьыл саҕана кууһунан атыылаһааччыга кытта тиийиэҕэ. Элбэх эт-тирии бараныытын эрэйбэт, арай сакаасчыкка тиэрдии ыарахаттардаах буолуон сөп.

ОФИСТАРЫ, ТЭРИЛТЭЛЭРИ КИЭРГЭТИИ

Ороскуотуҥ —  100 000 тыһ.солк.

Сөптөөх киэргэтиигэ, саҥа дьыллааҕы настарыанньаҕа хас  биирдии тэрилтэ, офис, маҕаһыын наадыйар. Онон балай эмэ конкуренциялаах бизнес. Ол эрээри, сатаатахха, туох эрэ изюминкалаах буоллаххына, харчыны кэһэтэҕин.

ДЬИЭ КЭРГЭНИ ТАҤЫННАР

Ороскуотуҥ —  5000 тыһ.солк.

Наскы, үтүлүк, саарпык, бэргэһэ, сибиитэрэ уо.д.а таҥастар саҥа дьыллааҕы бэлэххэ олус табыгастаах идиэйэ. Биһиги курдук уһун кыһыннаах дьоҥҥо сөрү-сөп. Холобура, дьиэ кэргэҥҥэ анаан саҥа дьыллааҕы сибиитирэлэри «family-look» идиэйэтинэн оҥоруохха сөп. Бары биир таҥастаах буолары аныгы дьон сэҥээрэр. Бырааһынньыктааҕы дьоро киэһэҕэ эбэтэр фотосессияҕа кэтиэхтэрин сөп. Ордук эдэр ыаллар ылыахтара, билигин дьиэнэн хаартыскаҕа түһүү муодаҕа кубулуйда. Сыанатын бэйэҥ быһаҕын, уопутуҥ суох буоллаҕына, арыый чэпчэки да буолуон сөп.

ОТУОЙКАҔА ОЛОРБОТ ИНИГИТ

Билиҥҥи кэмҥэ маҕаһыыннары, атыы-эргиэн дьиэлэрин кэрийбэккэ, табаары интэриниэтинэн атыылаһыахха сөп. Бу ыйбыт идиэйэлэрим эмиэ интэриниэти кытта сибээстээхтэр. Ол эрээри болҕомтолоох, сэрэхтээх буолуу ирдэнэр. Буолаары буолан, Саҥа дьыл бу буолаары турдаҕына. Саҥа дьылы уоруйахтар, түөкүннэр эмиэ кэтэһэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...