26.09.2020 | 18:10

Саҥа дьылга диэри ырабыт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьахтар диэн таайыллыбатах таабырын эбээт. Кини санаата оһоҕуттан остуолугар диэри 40-на уларыйар, кини ырыан баҕарара хайаан да бэнидиэнньиктэн саҕаланар. Ону тэҥэ, биһиги ырабыт ыһыаҕы көрсө, Саҥа дьылы көрсө, ону таһынан дьахтар күнэ, төрөөбүт күммүт, үбүлүөйбүт, ким эрэ сыбаайбата... Ити курдук бара турар уонна хаһан да ырбаппыт. Мин манна бэйэм билэр дьоммун, дьүөгэлэрбин киллэрэбин. Кытаанах санааны ылынан ырар дьон эмиэ бааллар. Бу ыстатыйа кинилэргэ сыһыана суох. Онон эттээх-сииннээх, ырарга туруммут дьоҥҥо аныаххайыҥ.

Саҥа дьылга диэри үс ыйтан ордук кэм хаалла. Ким бу күн синньигэс бииллээх, таптыыр былаачыйатын кэтэн көрсөн баҕарыа суоҕай. Ким бу сыалы ситиһиэй? Маныаха анал исписэлиистэр биир эмит тарбахха баттыыр киһини ааттыыллар. Тоҕо? Тоҕо диэтэххэ ырарга сөбө суох ньыманы тутуһарбытыттан. Биллэн турар, 10 киилэни быраҕа охсор кыаллыбат, онон сөбүлүүр таҥаспытыгар батар гына сыал-сорук туруорунан чуолкай былаан оҥостон туохтан саҕалыыры билиэхтээхпит.

Тугу гыныа суохтаахпытый?

Кытаанах диетаҕа олоруу. Кытаанах диетаҕа олоруу тоҕо табыллыбатый? Быыкаатык, кып-кыратык аһааҥҥыт эккитигэр-хааҥҥытыгар суолталаах, туһалаах элеменнэри, битэмииннэри суох оҥороҕут. Судургутук эттэххэ, үлэлииргэ, олорорго күүскүт, эниэргийэҕит тиийбэт, быһата, Саҥа дьылга да бэлэмнэнэр кыаххыт сүтэр.

Аччыктааһын. Син биир диетаҕа олорууга тэҥнээх, онтон өссө куһаҕан. Олох олорор инниттэн киһи аһыахтаах, айылҕабыт оннук айан турар. Ыйга биирдэ аччыктыыр, чэпчэки аһы аһыыр диэн туһунан, оттон олох аһаабат – эмиэ туһунан. Саҥа дьылга ыраары ыйы быһа аһаабаккыт, онтон эмискэ бырааһынньыктааҕы остуолга түһүнэн кэбиһэҕит. Бука эккит-сииҥҥит “баһыыба” диэбэтэ буолуо.

Ырар эмтэри сиэһин. Эминэн үлүһүйүмэҥ, доруобуйаҕытын харыстааҥ. Баҕар, ыйааһыҥҥыт кыраны көрдөрүө гынан баран, бэйэҕитин сиэртибэлээмэҥ.

Туолбат сыалы туруорумаҥ. Үөһэ этэн аһарбыппыт курдук, ыйга 10-15 киилэ ырар туһунан санаан да көрүмэҥ. Бу олус судургута суох уонна кутталлаах даҕаны. Аҕыйах да киилэ аччааһына – кыра да буоллар инникигэ хардыы.

Ситиһии төрүөтэ туохханый?

Барыта олус боростуой. Ким да, ханнык да саҥа планетаны арыйбат, сиэр-туом көмөтүнэн ырарга сүбэлээбэт. Кылаабынайа, сөпкө аһааһын, спордунан дьарыктаныы, олоҕуҥ укулаатын уларытыы. Саатар биир ый устата.

Аһылыкпыт хайдах буолар?

Дьэ бу саамай ыарыылаах боппуруос буоларын бэйэм да билэбин. Туттуммат диэн баар, тулуура суох буолуу диэн баар. Дьиҥэр, билиҥҥи киһи үксэ билэр эбээт, сөптөөх аһааһын уонна спорт ырарга туһалаахтарын. Ол эрэн ону тутуһууга күүстээх санаа наада.

Барытын сиэҥ, ол эрээри кыралаан. Минньигэс да буоллун, аҕыйаҕы, эти – сыата суоҕу уонна ыһаарыламматаҕы.

Тугу сиибит: кыһыл эттээх эт (постное), индейка, куурусса, балык, оливковай арыы, үрүҥ ас, сымыыт, фрукта, оҕуруот аһа, гааһа суох утах.

Сиэниллибэт: кэнсиэрбэлэр, ыыһаммыт ас, гаастаах утахтар, арыгы, рафинированнай саахар, маҥан бурдук, кофе, хара чэй, энергетическэй утахтар, сакалаат.

Кылаабынайа, аскыт арааһынай, элбэх буолара үчүгэй. Монодиеталар куһаҕаннара диэн, күн аайы биир астартан тураллар. Нэдиэлэ курдук сиэн баран гречкаттан эбэтэр буспут кууруссаттан хал булуоххут. Төһөнөн аскыт араас да, соччонон ырарга чэпчэки буолуо.

Ханнык эрчиллиилэри талабыт?

Аһылык туһунан син билистибит. Аны саамай ыарахана – бу кэмҥэ эрчиллии, спордунан дьарыктаныы. Кыраны аһаан, диетаҕа олорон бэйэҕит да сэниэҕит суох, онно эбии эрчиллиэххэ наада. Ол да буоллар ырарга сананныгыт – иннигит диэки тохтообокко бара туруҥ!

Хастан да биири талыаххытын сөп:

1) ырарга анаммыт бөлөҕүнэн эрчиллиигэ суруйтарыы;

2) дьиэҕэр видео, ютуб көмөтүнэн эрчиллии;

Манна бэйэбиттэн биири этиэхпин баҕарабын. Соторутааҕыта Америка учуонайдара ырарга атах төбөтүгэр хаамыы туһалааҕын дакаастаан, хас да бөлөх дьону боруобалаан көрбүттэр. Хаамыы ырарга саамай туһалаах диэн этэллэр, онуоха атах төбөтүгэр хаампыт дьон көннөрү хаамар дьоннооҕор быдан ырбыттар. Онон дьиэҕитигэр саатар 5 мүнүүтэ атаххыт төбөтүгэр хаамыҥ диэн сүбэлэрин ааҕан турардаахпын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...