04.11.2022 | 13:00

Саҥа дьыл — харчылаһар кэм

Саҥа дьылбыт чугаһаан истэҕин аайы атыы-тутуу тэринэн үлэлиир-хамсыыр дьон элбиир. Сатабыллаах предпринимателлэр бырааһынньык буолуон быдан инниттэн бэлэмнэнэллэр. Онон ханнык бизнес ордугун, барыстааҕын сырдатабыт.
Саҥа дьыл — харчылаһар кэм
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Минньигэс уонна корпоративнай бэлэхтэри хомуйуу

Идиэйэтэ да, үлэтэ да судургу. Манна сүрүнэ диэн хаһан саҕалыыргын уонна хайдах үлэлииргин өйдүөххэ наада. Бастатан туран, минньигэһи кууһунан атыылаһыы уонна кыраһыабайдык суулаан, атыыга таһаарыы.

Атыылаһааччыга, биллэн турар, бэлэм бэлэҕи ылар ордук. Саҥа дьыл саҕана ким даҕаны бириэмэтэ да суох буолар.

Маннык бэлэхтэргэ оннооҕор саамай боростуой кэмпиэттэри угуохха сөп. Ол эрээри атыылаһааччылар хармааннарын учуоттуур эмиэ ирдэнэр.

Иккиһинэн, ханна батарабыт уонна рекламалыыбыт? Куорат интэриниэт-аудиториятын хабар былааннаах буоллаххытына, эрдэттэн саҕалыыргыт ордук. Онуоха табаар хайаан да элбэҕэ ирдэммэт. Хас даҕаны көрүҥ бэлэҕи көрдөрүүгэ оҥорон хаартыскаҕа түһэриҥ, онтон чопчу сакаастаатахтарына  атыылаһыаххытын сөп.

Ордук тэрилтэлэр, оҕо уһуйааннара, оскуолалар сүрүн атыылаһааччылар буолуохтара. Саамай сүрүнэ – барыстаах сыананы быһарга. Сиэри таһынан сыаналааҕы ким да атыылаһыа суоҕа.

Кытай гирляндатын атыылааһын

Сорох дьон сылтан сыл саҥа харыйаны, оонньуурдары, гирляндалары көрдүү,  ахсынньы аам-даам тымныытыгар маҕаһыыннарга ойоллор. Ол туох даҕаны куһаҕана суох. Бизнестээхтэргэ эгэ эрэ буоллаҕа.

Билигин даҕаны аан дойду аана аһаҕас турар. Сүрүнэ – барытын кэмигэр оҥоруохха уонна дьон ханна атыылаһарын уонна хайдах атыылаһыахха сөбүн туһунан билиэххэ эрэ наада.

Поставщигы көрдүүр уустуга суох. Бастатан туран, интэриниэт балаһаакка элбэх. Иккиһинэн, Кытай оҥорооччулара атыы ырыынагын көрдүүр интэриэстээхтэр. Кинилэр үксүн сакаас кээмэйин улаханнык болҕомтоҕо уурбаттар.

Табаары түргэнник батарарга интэриниэт балаһааккалар илии-атах буолуохтара. Иккиһинэн, блогердары көмөлөһүннэриэххэ биитэр судургу сайт оҥоруохха сөп.

Көннөрү сетевой маҕаһыыннар долбуурдарыгар көстүбэт моделлары атыылыыр ордук диэн сүбэлиибит. Оннук улахан интэриэһи тардыахха сөп.

Офистары, уопсастыбаннай миэстэлэри киэргэтии

Саҥа дьыл иннинэ эбийиэк барыта истиин-тастыын киэркэйэр. Атыы-эргиэн кииннэригэр маҕаһыыннар бэйэлэрин кыахтарынан симииллэр. Кинилэр декоратор өҥөтүн наадыйыахтара турдаҕа. Онуоха үрдүк үөрэхтээх, уопуттаах дизайнер ирдэнэр дии санаамаҥ.

Ордук маҕаһыыннар, рестораннар, кафелар, офистар, куорат таһынааҕы дьиэлэр, сынньалаҥ баазаларын бас билээччилэрэ маннык өҥөҕө наадыйалларын өйдөөҥ.

Килийиэннэри субу ыйтан көрдүөххэ наада. Онтон хойутуоххут – тугу да ситиһиэххит суоҕа.

Маннык түгэҥҥэ үчүгэй реклама наада. Матырыйаалы тута атыылаһар ирдэммэт. Арай уобарастары айарга кыра баартыйаны ылыахха сөп.

Тыыннаах харыйа

Саҥа дьыл аайы тыыннаах харыйаны атыылыыр – биир барыстаах салаа. Саха аныгы ыала экологическай өҥөнү да, табаары да олус сэҥээрэр. Онон бу бизнес олус табыгастаах. Онуоха элбэх харчы да, үп да ирдэммэт.  Ахсынньы саҥатыттан тыыннаах харыйаны хантан ыларгытын тустаах салалталартан, тэрилтэлэртэн билсиэххэ эрэ наада.

Атыы-эргиэн өттүгэр, биллэн турар, интэриниэккэ уонна сир даҕаны арыандалаан, атыы-эргиэн кииннэригэр даҕаны ханна баҕарар туруохха сөп.

Харыйаларгыт атыылаһааччылар кыахтарыгар сөп түбэһэр, ону тэҥэ хаачыстыбалаах буолуохтаахтар. Билигин араас пленкалар бааллар, киһи хайдах баҕарар суулуур кыахтаах. Оннооҕор бэйэлэрэ суулуур автоматтар бааллар.

Фотограф өҥөтө

Хаартысканан үлүһүйэр уонна онно сөп түбэһэр тиэхиньикэлээх киһи дьарыктаныан сөп. Сакаас элбэх буолара саарбаҕа суох. Иккис барыйаан – тематическай фотозоналары оҥорон хаартыска устуудьуйатын тэрийии. Кылаабынайа, барыта кыраһыабай буолара ирдэнэр.

Эбэн эттэххэ, кэлин бу бизнеһи хайдах баҕарар сайыннарар кыахтааххыт. Саҥа дьыл бүтүө, ол гынан баран хаартыскаҕа түһүөн баҕалаах ханна барыай. Атын тиэмэ хара баһаам. Дьиэ кэргэнтэн, кэлэктииптэртэн, оскуоланы бүтэрээччилэртэн, о.д.а. сайаапка хомуйан үлэлиэххэ сөп.  

Петарда уонна фейерверк

Саҥа дьыллааҕы түүн фейерверк тыаһа сарсыардааҥҥа диэри биир кэм оргуйарын бары да бэркэ билэҕит. Ол аата бу дьон сэргиир, сэҥээрэр табаардара диэн өйдүөх тустааххыт.

Биллэн турар, маннык үрдүк таһымнаах бизнескэ конкуреннар хара баһаам буолуохтара. Бачча үчүгэй барыстаах салааны уонна тоҕоостоох кэми ким мүччү тутуой? Онон сыанаҕа уонна ассортимеҥҥа болҕомто ууруохха наада. Ирдэбил улаханын эмиэ умнубаппыт, бу көрүҥүнэн атыы-эргиэн эбэһээтэлистибэлэрэ арыый да уустуктардааҕын өйдүүр буолуохтааххыт. Ол эрээри ону дохуота толуйар кыахтаах.

Оҕо утренниктара

Бу идея өссө салгыы сайдар кыахтаах уонна оҕо бырааһынньыктарын тэрийэр дьоҕус агентствоны арыныаххытын сөп. Эһиги саҥа дьылы, күнүскү бырааһынньыктары, оҕо сынньалаҥын барытын тэрийиэххитин сөп.

Бастатан туран, үчүгэй сценарий ирдэнэр. Иккиһинэн, араас таһымнаах күрэхтэр, шоу-бырагыраамалар, оҕону саататар киэргэллэр, оҥоһуктар.

Ырыынагы үчүгэйдик үөрэтиҥ. Конкуреннар бааллара саарбаҕа суох. Сыананы удамыр соҕус гыннахха, уһун өрөбүллэргэ элбэх киһи сылдьыаҕа. Манна даҕатан эттэххэ, аныгы төрөппүт оҕотун ханна эрэ илдьэн сэргэхситээри гыннаҕына, интэриниэти хасыһар, онон куйаар ситимин таба туһанан, рекламаны ыытар тоҕоостоох.

Өйдөө! Дьон үксэ бырааһынньыкка харчытын кэрэйбэт. Аны бэлэх атыылаһарын, ону көрдөөн түбүгүрэрин, күнүн-дьылын барыырын сөбүлээбэт киһи аҕыйаҕа суох.  Онон, этэргэ дылы, күөскүн эрдэттэн өрүннэххинэ, билиҥҥиттэн хамсаннаххына, сүүрдэххинэ-көттөххүнэ барыстаах кэми баттаһыаҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....