Саҥа арыллар арыгы туочукатын бэрэбиэркэлиэхтэрэ
Курашов уонна Поярков уулуссаларын быһа охсуһуутугар итирдэр утахтары атыылыыр маҕаһыын уонна бар арыллар. Итинтэн чугас Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия турар. Маҕаһыын уонна оскуола икки арда төһө ырааҕын исписэлиис тиийэн кээмэйдиэхтээх. Бу туһунан предпринимательство Департамена иһитиннэрдэ.
Кээмэйдээн баран исписэлиис аакта суруйуохтаах, оттон Административнай хамыыһыйа саҥа маҕаһыыҥҥа бэрэбиэркэни ыытыахтаах.
Билиҥҥи туругунан, социальнай эбийиэктэртэн итирдэр утахтары атыылыыр туочукаларга диэри төһө тэйиччитин сатыы сылдьар дьон зонатынан кээмэйдииллэр, ол эбэтэр тротуардарынан уонна уулуссаны туоруур анал сирдэринэн.
Итинник туочукалартан үөрэҕирии тэрилтэлэригэр диэри муҥутуур ырааҕа сатыы хаамар зонанан 200 м, оттон саамай чугаһа – 160 м. тэйиччи буолуохтаах.
«Уопсастыбаннай аһылык туочукалара үөрэҕирии уонна социальнай эбийиэктэргэ диэри икки ардылара арыгы атыылыыр сирдэрдээҕэр чугас буолар», – диэн быһаараллар предпринимательство Департаменыгар.
Билиҥҥи туругунан, Уокуруктааҕы дьаһалта социальнай эбийиэктэргэ диэри итинник туочукалар төһө ыраах буолуохтаахтарын быһаарар туһааннаах уураахха уларытыылары киллэрэргэ үлэлиир.