03.03.2023 | 10:00

Үс ыйдаах санитарнай ыраастаныы хаамыыта

Дьокуускай куоракка куорат баһылыга Евгений Григорьев 2023 сыл олунньу 1 күнүнээҕи 19П №-дээх дьаһалынан олунньу 1 – ыам ыйын 1 күннэригэр үс ыйдаах санитарнай ыраастаныы ыытыллар.
Үс ыйдаах санитарнай ыраастаныы хаамыыта
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Дьаһалга олоҕуран, куорат уокуруктарын уонна нэһилиэктэрин салайааччылара анал былаан оҥостон, элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр, биирдиилээн ыаллар, тэрилтэлэр тиэргэннэрин ыраастааһыны тэрийэллэр.

Биирдиилээн ыаллар олбуор хаарын «Дьокуускай куорат уокуругар тупсаҕайдык дьаһанан олоруу быраабылаларын» тутуһан тиэйэллэрин быһаарыыга, өйдөтүүгэ болҕомто ууруллуохтаах. Манна даҕатан эттэххэ, тиэргэн хаарын уулуссаҕа таһааран мунньуу иһин СӨ Кодексатын 6.25 ыстатыйатынан административнай эппиэтинэс баар.

Куоракка тупсаҕайдык дьаһанан олоруу быраабылаларын кэһээччилэри санитарнай ыраастаныы кэмигэр ыытыллар хонтуруоллуур эриэйдэлэр Киин куорат административнай хамыыһыйатын дьүүлүгэр таһаарыахтара.

Дьокуускайга 201 тыһыынча кубтан тахса хаар тиэйилиннэ

Хаһыаппыт матырыйаала бэлэмнэнэр кэмигэр, «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ информациятынан, 2023 сыл тохсунньу ыйыгар 31 116 куб. м, олунньу ый саҥатыттан 51 667 куб. м хаар полигоҥҥа тиэйилиннэ. Аҥаардас уһун өрөбүллэргэ, олунньу 23-26 күннэригэр, 12 509 куб. м хаар таһылынна.

Сезон саҕаланыаҕыттан тиэргэннэртэн уонна таһынааҕы территориялартан уокуруктарга уонна куорат кытыытыгар 40 666 куб. м хаар хомуллан тиэйилиннэ, уокуруктарынан көрдөххө:

Автодорожнай – 8 496 куб. м;

Гагаринскай – 2 800 куб. м;

Губинскай – 2 031 куб. м;

Октябрьскай – 2 214 куб. м;

Промышленнай – 6 878 куб. м;

Сайсары – 3 100 куб. м;

Строительнай – 4 110 куб. м;

Киин – 5 036 куб. м;

Пригороднай сэлиэнньэ – 332 куб. м;

Хатас – 170 куб. м;

Марха – 5 499 куб. м.

Санитарнай ыраастаныы тэтимнээхтик саҕаланна

Үс ыйдаах санитарнай ыраастаныы уокуруктарынан хайдах баран иһэрин билистибит.

Александра Зайко, Губинскай уокурук салайааччытын ОДьКХ уонна муниципальнай дьиэ-уот боппуруостарыгар солбуйааччы:

– Дьаһалга олоҕуран, бастатан туран, тупсаран оҥоруу территориятын кыраныыссатын чопчулаатыбыт. Салгыы санитарнай ыраастаныы былаанын оҥордубут, итиннэ хаары ыраастааһын, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр үрдүлэриттэн хаары түһэрии уонна полигоҥҥа тиэйии киирэр. Уу тоҕо барбыта тоҥон хаалар, ону эмиэ көйөн ыраастыахха наада. Итинэн салайар, ресурсанан хааччыйар тэрилтэлэр дьарыктаналлар. Үс ыйдаах санитарнай ыраастаныыга бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох уокурук территориятыгар баар тэрилтэлэр уонна биэдэмистибэлэр бары, ол иһигэр үөрэҕирии, култуура, доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрэ кытталлар. Территориальнай уорганнарга хаары таһыыга муниципальнай хантыраактар бааллар. Ол курдук, кинилэр бэдэрээтчиктэринэн кыбаартал иһинээҕи суоллартан хаары тастараллар. Былаан быһыытынан, Губинскай уокуруктан 9 880 куб. м хаар тиэйиллиэхтээх. Итинтэн билиҥҥи туругунан 2 031 куб. м таһылынна. Мууһу көйөн тиэйии былаана 48% туолла (былаан – 374 куб. м). Кулун тутар 5 күнүгэр диэри күүскэ үлэлээн 70-80 %-ҥа тиэрдиэхтээхпит.

Санитарнай ыраастаныыга дьэллик ыттары тутуу эмиэ киирэр. Нэдиэлэ аайы бээтинсэҕэ Ветеринария департаменын кытта эриэйдэлэри ыытабыт. Биир-икки күн буола-буола бэдэрээтчит дьуһуурустубалыыр. Быйыл сыл саҕаланыаҕыттан 15 ыт тутулунна.

Илья Борисов, Строительнай уокурук Управатын тупсаран оҥорууга сүрүннүүр исписэлииһэ:

– Биһиги 5 уулуссалаахпыт, билигин муниципальнай дворниктар онно тротуардары ыраастыыллар, хаарын күрдьэллэр. Строителлэр уулуссаларыгар барыта 3000 кв.м тротуар ыраастаныахтаах. Билигин бэдэрээтчик номнуо 4 110 куб. м хаары тиэйдэ. Салгыы чааһынай территорияларынан барыахпыт. Салайар хампаанньалар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр үрдүлэриттэн хаары түһэрэ сылдьаллар, полигоҥҥа бэйэлэрэ тиэйэллэр. Биһиги тэрилтэлэргэ уонна чааһынай дьоҥҥо хаар тиэйиитигэр талон тарҕатабыт. Улахан болҕомтону чааһынай секторга уурабыт. Итиннэ Коммунаров, Песчанай, Пекарскай, 8 Марта, Дальняй, Строителлэр, Халтурин уулуссалара киирэллэр. Кыахтаах буоллахтарына, хаардарын полигоҥҥа бэйэлэрэ тиэйэллэр. Кыаммат өттө уулуссаҕа таһааран кутуон сөп диэн быһаарбыппыт, ону кэнники бэйэбит хомуйан тиэйиэхпит.

Итини сэргэ, билигин «Якутдорстрой», «Водоканал», «Теплоэнергия»,  «ЯТЭЦ» курдук тэрилтэлэр кыһын тэстибит уу тоҥмутун (наледь) ыраастыыллар. Тэрилтэлэр уонна биэдэмистибэлэр  200-тэн тахса кубу таһаардылар, былаан – 3200 куб. м.  «Водоканал» 325 кубтан 195-н таһаарда, «Жилкомсервис» 38 куб. м  муустан 20-н тиэйдэ. Санитарнай туочукалартан билигин брикеттэри таһаараллар, итиннэ «Жилкомсервис» былаана – 1160 куб. м, билигин 682 кубун тиэйдэ.

Сыл саҕаланыаҕыттан бэдэрээтчит 60 ыты тутта, итиннэ дворниктар эмиэ көмөлөһө сатыыллар. Нэдиэлэ аайы Ветеринария департаменын кытта эриэйдэлэри ыытабыт, чааһынай секторга сылдьан ыттарын босхо сырытыннарар хаһаайыттарга боротокуол толоробут.

Петр Попов, Сайсары уокуругун салайааччытын ОДьКХ боппуруостарыгар солбуйааччы:

– Былааҥҥа хаары ыраастааһын, сарай үрдүттэн хаары түһэрии, тиэйии уонна дьэллик ыттары тутуу киирэр. Уокурукпутугар хаары ыраастааһын уонна тиэйии туһунан Салайар хампаанньаларга, тэрилтэлэргэ, ИП-ларга 193 сэрэтии суругу ыыттыбыт. Ол иһигэр 24 Салайар хампаанньа, 50 чааһынай дьиэ, 5 ресурсанан хааччыйар тэрилтэ, 45 урбаанньыт баар. Өссө даҕаны сүүсчэкэ суругу бэлэмнии сылдьабыт. Территориялары хаартан ыраастааһыҥҥа урбаанньыттарга сыһыаннаан икки административнай боротокуол толорулунна, биир аакта оҥоһуллан прокуратураҕа барда. Сэрэтии сурук болдьоҕо туолуор диэри ирдэнэр үлэ ыытыллыбатаҕына, административнай боротокуол уонна аакта ахсаана элбиэҕэ. Билиҥҥи туругунан уопсайа 3 100 куб. м хаар полигоҥҥа тиэйилиннэ. Былаан – 24 400 куб. м. Ресурсанан хааччыйар тэрилтэлэр инженернэй коммуникациялартан 890 куб. м былааннаммытыттан 440 куб. м мууһу көйөн тиэйдилэр. Ити көрдөрүү күн аайы уларыйа, эбиллэ турар. Эриэйдэлэри оҥорон бэрэбиэркэлии, хонтуруоллуу сылдьабыт. Чааһынай секторга билиҥҥи туругунан сүүс сэрэтии суругу эбии түҥэттибит. «Якутдорстрой» АУо уулуссалары ыраастыырын билэр буолан, дьон тиэргэннэрин хаарын күрдьэн таһааран уулуссаҕа куталлар. Ону социальнай ситимнэр нөҥүө итинник гынар сатаммат диэн өйдөтө, сэрэтэ сатыыбыт. Ирдэбили толорбот дьоҥҥо административнай боротокуол толоруохпутун сөп. Анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр, кырдьаҕастарга, кыаммат инбэлииттэргэ хаардарын бэйэбит тиэйэбит.   

Дьэллик ыттары тутууга уокурукпут инники күөҥҥэ сылдьар диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Быйыл сыл саҕаланыаҕыттан 76 ыт тутулунна. Ыт аҕыйаабыта харахха быраҕыллар. Былырыын сыл устата 375 ыты туппуппут. Ветеринария департаменын уонна полицияны кытта эриэйдэлэри ыытабыт.

Ярослав Миронов, Киин уокурук салайааччытын ОДьКХ боппуруостарыгар солбуйааччы:

– Хаар таһыы барыллаан былаана – 15 000 куб. м. элбэх. Муус таһыыта – 480 куб. м. Итинтэн  5 036 куб. м хаар уонна 380 куб. м муус тиэйилиннэ. Дворниктарбыт тротуардары ыраастыыллар, 600-тэн тахса куб хаары күрдьүбүттэрин «Якутдорстрой» АУо кытта полигоҥҥа тиэйэбит. Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр үрдүлэриттэн Салайар хампаанньалар хаары түһэрэ сылдьаллар, билиҥҥи туругунан дьиэ үрдүттэн 1 500 куб. м хаар түстэ.

Дьэллик ыттары тутууга бэдэрээтчиппит «Жилкомсервис». Бастаан бэдэрээтчикпит «Помоги выжить» аһымал пуондата этэ, быйыл «Жилкомсервис» тэрилтэни таллыбыт. 2023 сыл саҕаланыаҕыттан 50 ыт тутулунна. Былырыын барыта 110 ыт тутуллан, Дьэллик кыыллары быстах кэмҥэ тутар пууҥҥа тиксэриллибитэ.

Хаар уулунна даҕаны, тиэргэн территорияларыттан, уулуссалартан ууну хачайдаан барыахпыт. Уулусса лотуоктарын «Якутдорстрой» АУо, кыбаартал иһинээҕилэри Салайар хампаанньалар көрөллөр-истэллэр. Ленин проспегар саҥа оҥоһуллубут лотуоктары быйыл кэтээн көрүөхтээхпит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...