29.12.2020 | 10:58 | Просмотров: 578

Үс уокурук холбоһуута куорат буддьүөтүн 30 мөл. солк. экономиялыаҕа

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга үс уокурук бииргэ холбостоҕуна куорат бүддьүөтүн экономията 30 мөл. солк. тэҥнэһиэхтээх. Бу туһунан ТАСС интервьютугар баһылык Сардана Авксентьева кэпсээбитин таһаардылар.

Санатан эттэххэ, Дьокуускай дьаһалтата Октябрьскай, Киин уонна Губинскай уокуруктары, үбү кэмчилээн туттар сыаллаах, холбуурга этии киллэрбитэ. “Куорат киин уокуруктарын бөдөҥсүтүү, 22 үлэһити эбээһинэстэриттэн босхолуоҕа, онон 30 мөл. солк. экономияланыаҕа” , - диэбит баһылык.

Бэлиэтээн эттэххэ, уокуруктар холбостохторуна олохтоохтор интэриэстэрэ уонна бырааптара күөмчүлэммэт. Бу холбооһун муниципальнай салаалары сааһылааһын, үбү-харчыны сөпкө туттар, муниципальнай салайар персоналга ороскуоту кыччатар сыаллаах ыытыллар.

Маны тэҥэ, сэтинньигэ Мээрийэ дьиэтин атыылыыр туһунан биллэриллибитэ. “Куорат салайааччылара хайаан да ыарахан сыаналаах, ороскуоттаах дьиэҕэ олоруохтаахтар диэн буолбатах, куорат бүддьүөтүн хаҥатарга араас суолу тобулабыт”, - диэн быһаарбыта Сардана Авксентьева.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.