18.07.2022 | 12:42

Сөтүөһүттэр, сэрэхтээх буолуҥ!

Куйааска киһи үксэ сөрүүн уу кытылагар талаһар. Сөрүүкээн сынньанаары үгүстэр сэрэхтэрин сүтэрэллэр.
Сөтүөһүттэр, сэрэхтээх буолуҥ!
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт өрөбүлгэ Саха сиригэр 4 киһи тыына ууга былдьанна. Суорума суоллаах иэдээннэр бары анала суох сөтүөлүүр сирдэргэ таҕыстылар диэн СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрдэ. Хомойуох иһин, суорума суолламмыт дьон үгүстэрэ аһыы утах амсайан баран сөтүөлүү киирбиттэрэ бэлиэтэнэр.

СӨ Быыһыыр сулууспата уу эбийиэктэригэр сэрэтэр эриэйдэлэри ыытар, сынньанааччыларга памяткалары тарҕатар. Ууга эһиги олоххутун ким да харыстаабат, иэдээн тахсыа суоҕа диэн ким да мэктиэлиир кыаҕа суох диэн сэрэтэллэр.

Маны таһынан, билигин Өлүөнэ уонна Өлүөхүмэ эбэлэр элбэх сөҥүү түһэн ууларын таһыма аһара тахсан турар. Ол иһин уу температурата төһө эмэ намыһах, онон “дьиикэй"    пляжтарга сөтүлүүр киһи олоҕор кутталлаах.

Арыгылаан баран хаһан да сөтүөлээбэт буолуҥ! Испит киһи сэрэҕин сүтэрэр, хамсаныыта мөлтүүр, тулалыыр эйгэтигэр сатаан салайыммат. Куйааска салгыҥҥа уонна ууга температуралар араастаһыыларыгар, тымныы ууга киирэн баран иҥиирэ түүрэ тардыан сөп.

- Кытылтан ыраах харбаан барымаҥ, бэйэҕит кыаххытын билинэн сылдьыҥ. Сөтүөлүү сылдьан титириэххитигэр дылы ууга сылдьымаҥ – былчыҥнар күүрэн, тартарыаххытын сөп.

- Уу көлөлөрүгэр устан тиийимэҥ.

- Үрдүк кытылтан ууга умсумаҥ. Уу анныгар туох баара биллибэт – эчэйиини ылыаххытын сөп.

- Уу көлөтүн сүүрдээччилэр, балыксыттар быыһыыр сэлиэччиктэргитин ыларгатын умнумаҥ! Оҥочоҕо баар хас биирдии киһиэхэ быыһыыр сэлиэччик тиксиэхтээх. Сэлиэччиги кэтэн баран хатааһынын барытын хатыахтааххыт. Көрүнньэҥ эрэ гына кэтиллибит сэлиэччик киһи ууга түстэҕинэ ньылбырыс гынан хаалара дөбөҥ.

Оҕолор төрөппүт хонтуруола суох ууга сөтүөлүө суохтаахтар.

Суһал сулууспа биир кэлим нүөмэрэ: 112

Быыһыыр сулууспа оперативнай дьуһуурунайа :  (4112) 45-90-19. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...