24.11.2023 | 10:00

Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук

Өрөспүүбүлүкэҕэ 2006 сылтан сэтинньи 25 күнүгэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр. Сэбиэскэй кэм саҕаттан сүдү баайбытыгар дьон болҕомтотун тардыбыт, олоҥхо уобарастарын дьүһүйбүт киһинэн СӨ норуодунай худуоһунньуга Тимофей Андреевич Степанов буолар.
Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Сэтинньи 10 - 30 күннэригэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи национальнай уус-уран музейга «Тимофей Степанов – олоҥхо аптаах эйгэтэ» быыстапка ыытыллар. Манна кини олоҥхоҕо анаабыт 28 сүрүн үлэтэ киэҥ араҥаҕа таҕыста. Сэтинньи 22 күнүгэр худуоһунньук төрөөбүтэ 80 сылын туолла.

Тимофей Андреевич олоҕун 30-ча сылын музей үлэтигэр анаабыта, айар мастарыскыайын утумнаахтык сайыннарбыта, элбэх үөрэнээччини уһуйбута, «Олоҥхо героическай эпоһа» циклын сүрүн үлэлэрин суруйбута. Кэллиэгэлэрэ кинини уһулуччу киэҥ билиилээх, историяны, олоҥхону үөрэтэр-чинчийэр уонна уус-уран, баай тыллаах киһинэн билэллэр. Ол кэмнэргэ Тимофей Степановтыын бииргэ үлэлээбит, алтыспыт, худуоһунньугу олус ытыктыыр киһинэн музей старшай научнай үлэһитэ Галина Афанасьевна Софронова буолар.

Галина Софронова, музей старшай научнай сотруднига:

Тимофей Андреевичтыын музейга бииргэ үлэлээн саҕалаабыппыт.  Кини 1977 сыллаахха үлэҕэ киирээт, реставрациялыыр мастарыскыайыгар өрөбүл күннэригэр кытта кэлэн, олоҥхо тиэмэтигэр үлэлэрин суруйара. 1983 сылтан мастарыскыай сэбиэдиссэйинэн ананан, эдэр реставратордары уһуйбута. Манна даҕатан эттэххэ, Тимофей Степанов – Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн Уһук Илиҥҥэ бастакы реставратор дипломнаах худуоһунньук. Ол курдук, бастаан Дьокуускайдааҕы художественнай училищены, салгыы Ленинградтааҕы художественнай академияны үөрэнэн бүтэрбитэ.

Сэрии саҕанааҕы оҕо буолан, олох ыарахаттарын барытын ааспыта, эрдэ тулаайах хаалан, Тойбохойдооҕу оҕо дьиэтигэр улааппыта. Оскуола кэнниттэн холкуоска хаалан ыанньыксыттаабыта, онтон оҕуһунан ууну таһааччы буолбута. Ол эрэн хаһан даҕаны дьылҕатыгар үҥсэргээбэт, хом санаабат этэ.  Тимофей Андреевич мэлдьи үөрэ-көтө сылдьар, элбэҕи билэргэ-көрөргө дьулуһар, наһаа үчүгэйдик уустаан-ураннаан кэпсиир дьоҕурдаах этэ. Аны наһаа элбэхтик ааҕара, ордук историяҕа сыһыаннаах литератураны сөбүлүүрэ. Бэйэтэ кэпсииринэн, оҕо сылдьан олоҥхо туһунан кинигэҕэ түбэһэн, умсугуйан туран хос-хос аахпыт. Билбитин-көрбүтүн өйүгэр-санаатыгар хатаан, сүрэҕэр-быарыгар иҥэринэн, олоҥхону дьүһүйэр ураты үлэлэринэн таһаарара. Биллэн турар, устудьуон сыллара үрдүк култуура сайдыбыт куоратыгар – Ленинградка ааспыта эмиэ улахан сабыдыалы оҥорбута.

Үөрэҕин бүтэрэн Дьокуускайга кэлээт, тута иитиэхтии сылдьыбыт сүрүн соругун – худуоһунньук быһыытынан олоҥхо уобарастарын хоһуйан саҕалаабыта. Дьиҥэр, олоҥхо тиэмэтигэр суруйбут атын худуоһунньуктар эмиэ бааллар эрээри, Тимофей Андреевич ити тиэмэҕэ бастакынан киирбит, үөрэппит-чинчийбит, олоҥхо эйгэтигэр төбөтүн оройунан түспүт, итинэн эрэ олорбут соҕотох худуоһунньук буолар. Атын тиэмэлэргэ эмиэ суруйара эрээри, олоҥхону дьүһүйүү олоҕун сүрүн дьыалата этэ диэххэ наада.

 Тимофей Степанов бастакы тус (персональнай) быыстапката музейбытыгар 1983 сыллаахха тэриллибитэ уонна дьон улахан болҕомтотун, сэҥээриитин ылбыта. Ахсынньы ый этэ, олус тымныы күннэр турбуттара, туман бөҕөтө, ону ол диэбэккэ наһаа элбэх киһи кэлэрэ, өр уочараттаан туран худуоһунньук ураты, уһулуччу үлэлэрин сөҕө-махтайа, астына-дуоһуйа көрөллөрө. Ити кэмҥэ Тимофей Андреевич туһунан хаһыаттарга наһаа элбэхтик суруйбуттара. Буола турар быйылгы быыстапкатыгар эмиэ элбэх киһи кэлэрэ биһиэхэ олус үөрүүлээх.

Тимофей Степанов олоҥхоҕо анаабыт үлэлэрэ киһи тылынан сатаан эппэт сөҕүмэр тыыннаахтар, этиҥ сааһынан киирэр күүстээх ньэгирдээхтэр, абылыыр күүстээхтэр. Сүүстэ истибиттээҕэр  биирдэ көрбүт ордук. Кэлиҥ, сылдьыҥ, сэргээҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...