«Сүүс сыллаах Улуу былаантан» саҕыллан
«Сайдыы сүүс сыллаах былаана» бырайыак Саха сирин сайдыытын инники барылын торумнуурга туһуланар. Саха Автономиятын туруулаһааччы, Саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи, биллиилээх судаарыстыбаннай, политическай уонна уопсастыбаннай деятель Былатыан Ойуунускай 1927 сыллаахха «Сүүс сыллаах Улуу былаан» диэн айымньытын суруйбута. Онно 2017 сылга диэри Сахабыт сирин сайдыытын ыра санаа оҥостон олуктарынан ойуулаабыта. П.А. Ойуунускай айымньытыттан сиэттэрэн, «Сахабыт сирин сайдыытын 100 сыллаах былаанын» өрөспүүбүлүкэтээҕи барылын 34 улууска уонна Дьокуускай куоракка дьон-сэргэ ырытыһыахтаах. Тэрээһиннэр номнуо Томпоҕо, Нерюнгрига, Хаҥаласка, Намҥа уонна да атын улуустарга буолан аастылар.
Бырайыак тэрийээччилэринэн эдэр специалистар, Инновационнай менеджмент үрдүкү оскуолатын бэрэстэбиитэллэрэ, “Точка кипения” Дьокуускайдааҕы бөлөҕө, Саха сирин сайдыытын корпорацията, Бырайыактыыр управление департамена, Олохтоох бэйэни салайыныы боппуруостарыгар департамент, Дьокуускай куорат дьаһалтата, “Индустрия будущего” АНО, Эдэр экономистар ассоциациялара, Экономика министиэристибэтэ, СӨ Национальнай библиотеката, “Сахапечать”, “Кэскил” оҕо издательствота, ХИФУ, Идэлээх бэлэмнээһин киинэ, Стратегическай чинчийиилэр киинэ уонна “Якутия” технопаарка буоллулар.
Бырайыак чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэбит бары муниципальнай тэриллиилэригэр стратегическай сессиялар, улуус сайдыытын торумнуур хорутуулаах кэпсэтиилэр, улуус өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар оруолун туһунан санаа атастаһыылар буолуохтара. Стратегическай сессиялар иккилии күн устата, социальнай уонна профессиональнай уопсастыба бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах ыытыллаллар.
Хаҥалас улууһугар II-c стратегическай сессия бэс ыйын 1-2 күннэригэр Инновационнай менеджмент үрдүкү оскуолатын, Сахабыт сирин сайдыытын корпорациятын, өрөспүүбүлүкэбит Стратегическай чинчийиилэрин киинин, «Якутия» технопаарка уонна атын тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, улуус нэһилиэктэриттэн баһылыктар, тэрилтэлэр салайааччылара, ыччаттар, аҕам саастаах дьон кыттыылаах санаа үллэстиилэрэ, дьүүллэһиилэрэ бэрт сэргэхтик буолан аастылар.
Нерюнгрига икки күннээх коммуникационнай сессияҕа 40 олохтоох дьон уонна Москваттан, Дьокуускайтан модератордар кытыннылар. Холобур, аҕам саастаах дьон интэриэстэрин көмүскүүр бэрэстэбиитэллэр Зоя Гуринчук уонна Татьяна Кириллова кырдьаҕас дьон иллэҥ кэмин туһалаахтык атаарарыгар ханнык тэрээһиннэр наадаларын эттилэр. Оксана Малашенко Нерюнгри куоракка экология кыһалҕатын, доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр баар кыһалҕалары быһаарарга этиилэрин киллэрдэ. Владимир Столяров предпринимательство уонна туризм сайдыытыгар туспа көрүүлэрдээх буолла. Маннык курдук, ханнык баҕарар идеяны, төрөөбүт сиргит сайдыытыгар көрүүлэргитин хорсуннук үллэстиэххитин сөп.
Улуустарга тыыннаах кэпсэтиилэр таҕыстылар
Бастакынан Намҥа буолбут стратегическай сессияҕа улуус баһылыга Юрий Слепцов, инновация миниистирэ Анатолий Семенов, Хатырык нэһилиэгин баһылыга Юрий Дьяконов, “Индустрия будущего” АНО бэрэстэбиитэлэ Иван Степанов уонна олохтоохтор кыттыбыттара. Намнар, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсө, сыл устата улуус сайдыытын торумнуур көрсүһүүлэри, ырытыһыы үлэтин ыытыахтара. Бастакы сессияҕа түөрт хамаанданы тэрийдилэр.
Томпоҕо олохтоохтор хас да бөлөххө арахсан “Ким буруйдааҕый уонна тугу гынабыт?” диэн үйэлэри уҥуордуур актуальнай ыйытыынан сирдэтинэн, улуустарын араас кыһалҕаларын тула тыыннаах кэпсэтиини таһаардылар. Тэрээһин түмүгэр нэһилиэнньэ толкуйун сааһылаан докумуон бэлэмнэннэ.
Түгэни мүччү туппакка, көхтөөхтүк кыттыахха!
Бу бырайыак эдэр специалистар, наука үлэһиттэрэ, министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах ыытыллар буолан, бэлиэ уонна дириҥ суолталаах тэрээһин буоларын өйдүөхтээхпит. Манна кэлэн санаабытын сайа этиэххэ, тус көрүүлэрбитин үллэстиэххэ. Салалтаны, былааһы хомуруйа олорору ким баҕарар сатыан сөп, оттон дьиҥнээх ырытыһыыга санаатын сааһылаан, аһаҕастык этэр киһи ахсааннаах...
Тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ, “Конструкторы сообществ практики” (Москва) түмсүү салайааччыта, психолог, үөрэтэр бырагыраамалар модератордара уонна оҥорон таһаарааччылара Денис Коричин этэринэн, тэрээһин сүрүн соруга – киһини бэйэтин олоҕор, төрөөбүт сиригэр-уотугар хаһаайын быһыытынан уһугуннарыы. Кини этэринэн, билиҥҥи уопсастыбабытыгар салайааччы уонна дьаһайааччы өйдөбүллэрэ баһыйдылар, киһи хаһаайын быһыытынан бэйэтин билиммэт буолан хаалла.
Хаһан эрэ Ойуунускай ырааҕы ырыҥалаабытын курдук, Саха сирин олохтоохторо билигин тугу гыннахпытына, аны сүүс сылынан биһиги оҕолорбут уонна сиэннэрбит олохторун саргыта салаллыаҕай?
Психолог этэринэн, 100 сылы хабан толкуйдуур кыах киһиэхэ барытыгар баар эбит. Ол иһин кэпсэтиигэ салайааччылары, уопсастыбаннай лидердэри эрэ буолбакка, көннөрү нэһилиэнньэ бэрэстэбиитэллэрэ эмиэ кыттыахтарын наада.
***
“Сайдыы сүүс сыллаах былаана” – бу бүттүүн өрөспүүбүлүкэ дьонун санаатын, толкуйун түмэр, билиҥҥи кэмҥэ Сахабыт сирин сайдыытын ырыҥалаан көрөр ураты тэрээһин. Кэпсэтиигэ өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторун көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт. Этиилэргитин, идиэйэлэргитин улуустааҕы хаһыаттар эрэдээксийэлэригэр уонна бырайыак сайтыгар yakutia2122.ru ыытыаххытын сөп.
Бырайыак түмүгэр нэһилиэнньэ баҕа санааларыгар олоҕурар улахан докумуон бэлэмнэнэн оҥоһуллуохтаах. Официальнай сайтка киэҥ араҥаҕа тахсыаҕа уонна Бырабыыталыстыбаҕа, Судаарыстыбаннай мунньахха киллэриллиэҕэ.
«Сайдыы сүүс сыллаах былаана» Коммуникационнай сессия-бырайыак ыытыллар графига
2021 Ыам ыйын 27 күнүттэн саҕаланан баран бэс ыйын 20 күнүгэр түмүктэнэр
Стратегическай сессиялар ыам ыйын 27-28 күннэригэр Нам улууһугар, бэс ыйын бастакы нэдиэлэтигэр Горнайга, Хаҥаласка, Чурпачыга, Ньурбаҕа, Сунтаарга, Уус Майаҕа, Нерюнгрига, Аммаҕа, Кэбээйигэ, Томпоҕо буолан аастылар.
Бэс ыйын 7-10 күннэригэр Анаабырга, Өлөөҥҥө, Булуҥҥа; бэс ыйын 7-14 күннэрин диэки Эдьигээҥҥэ, Усуйаанаҕа (сөмөлүөт хайдах көтөрүттэн тутулуктаах); салгыы Дьааҥыга, Эбээн Бытантайга; бэс ыйын 9-11 күннэригэр Алдаҥҥа, Ленскэйгэ, Абыйга сессиялар ыытыллыахтара.
Бэс ыйын 14-20 күннэригэр Аллайыахаҕа; бэс ыйын 15-17 күннэригэр Мииринэйгэ; бэс ыйын 14-20 күннэригэр Муомаҕа, Өймөкөөҥҥө, Аллараа Халымаҕа, Орто Халымаҕа, Үөһээ Халымаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Өлүөхүмэҕэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Уус Алдаҥҥа сессиялар буолуохтара.
Бырайыак түмүктүүр тэрээһиннэрэ бэс ыйын 19-20 күннэригэр Дьокуускайга, Жатайга, Тааттаҕа ыытыллыахтара.