Сүрэх-тымыр киинигэр телемедицина ситиһиилээхтик үлэлиир
Сүрэх-тымыр киинин баазатыгар үлэлиир Биир кэлим дистанционнай консультациялыыр киин төгүрүк суукканан, телемедицина көмөтүнэн сүбэлэри биэрэр, виртуальнай көрүҥүнэн ыарыһахтары көрөр-истэр диэн Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Сүрэх-тымыр киинэ бэйэтин хайысхатынан үрдүк технологиялаах медицинскэй көмөнү оҥорор. Тиһиктээх үлэ түмүгүнэн сыл иһигэр сүрэх-тымыр ыарыыларыттан өлүү 9,6% намтаата. Итиннэ улахан кылаатын Биир кэлим дистанционнай консультациялыыр киин киллэрэр.
Сүрэх-тымыр киинин дириэктэрэ Күндүл Иванов иһитиннэрбитинэн, 2022 сыл ыам ыйыттан 2023 сыл сэтинньи ыйыгар диэри телемедицина көмөтүнэн 5 275 сүбэ бэрилиннэ, итинтэн 883-һэ – сылдьарга эрэйдээх арктическай оройуоннарга. Консультация түмүгүнэн 1 827 ыарыһах Сүрэх-тымыр киинигэр эмтэнэ киирэргэ ыҥырылынна. «Кардиология» уонна «неврология» хайысхаларынан 914 «онлайн-обход» оҥоһулунна.
Биир кэлим дистанционнай консультациялыыр киин ыраахтан «телеметрияны» ыытар: «холтер» аппараатынан, итиэннэ хаан баттааһынын төгүрүк суукканан кэтээн көрүүнү, Теле-ЭКГ-ны.
Күндүл Иванов эппитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ региоҥҥа 14 тыһыынчаттан тахса Теле-ЭКГ баар. «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн, оройуон балыыһаларыгар телеэлектрокардиографтар туруоруллубуттар. Кинилэр көмөлөрүнэн суруллубут дааннайдар Сүрэх-тымыр киинин биир кэлим ситимигэр онлайн көрүҥүнэн киирэллэр.
Дистанционнай консультациялары федеральнай баазаларыгар анал үөрэҕи ааспыт үрдүк квалификациялаах исписэлиистэр – кардиологтар, неврологтар уонна сүрэх-тымыр хирургтара ыыталлар.