18.03.2021 | 10:06

Сүрдээх да буолар эбит

Сүрдээх да буолар эбит
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьиҥнээх спорт сулустара бары өттүнэн таһыччы буолаллар. Таҥараттан ананан кэлбит курдуктар. Улан- Удэ куоракка түмүктэммит Арассыыйа көҥүл тустууга чемпионатыгар сахалар хайдах кыттыбыттарын билэн сырыттаххыт. Онтон хомойон атыттар тустууларын көрбөтүгүт да ини. Элбэх ханаалга кэлбит киирсиилэртэн чаҕылхайын историяҕа киллэрииттэн репортажпын саҕалыым.

Тиһэххэ диэри

Улан-Удэ көбүөрүгэр саамай тыҥааһыннаах тустуулар 74 кг буолалларын эрдэттэн сэрэйбиппит. Аан дойдуга, Арассыыйаҕа да бу ыйааһын хастыы даҕаны сулуһа, оннооҕор ортоку миэстэлэммиттэрэ,  түһүлгэлэр бары кэриэтэ чемпионнарыттан да чаҕылхай буолааччылар. Италияҕа олохсуйбут кубинец Франк Чамизо аан дойдуга, Европаҕа 55 киилэттэн хас да ыйааһыҥҥа тахсан дьэгэлдьитэн араастаан быраҕаттыырын ким сөхпөт буолуой? Хас да төгүллээх аан дойдуга тоҕута түһүтэлээн төкүнүтэлээбит олимпийскай чемпион американец Джордан Барроуз курдуктары икки кэнники аан дойду түһүлгэлэригэр бүтэһик сөкүүндэлэргэ кыайбыт осетин Заурбек Сидаков көрсүһүүлэрэ номнуо номоххо сылдьар.

Арассыыйа ааспыт чемпионатыгар түөрт аан дойду чемпиона кэлбитэ. Кинилэртэн Заурбек Сидаковы кыайан, үһүс миэстэҕэ үтүрүйбүт Хетаг Цаболов атын дойдуга көһөргө оҥостубут.

Сидаков, чахчы, хараактырдаах киһи эбит. Оччолорго баай кыыһын ойох ылан, урууга күннүү-күөнэхтии олордохторуна, мустубут дьоҥҥо төлөпүөннэригэр соччото суох видеолары ыыппыттарын хаһыат, тв, соцситим сотору-сотору аан дойдуга тэлэйэ тарҕаппыттара. Кыыһы ол видеонан улахан дьону “чугас” сыһыаҥҥа сынньатааччынан дьарыктанар диэбиттэр. Ити хантан кэллэ, ким оруобуна тоҕоостоох түгэҥҥэ ыытта? Хас да өттүнэн киһи төбөтүн булкуйар. Баҕар, аныгы монтаж, косметика үйэтигэр  оҕуруктаах куорҕаллааһыны олимпиадаҕа барарга суолтан үтүрүйэн, бэйэлэрин  спортсменнарын анньаары итинник нэгэй быһыыны оҥорбут буолуохтарын эмиэ сөп. Дьэ, кыыс оннугар атын “артыыс”  видеоҕа уһуллубут диэн бигэргэннэҕинэ, ити сэрииһит омуктарга өссө атын күтүрүнэн дьаалыйан туруон сөп. Биллэн турар, киһи олоҕор  биирдэ оҥоһуллар бырааһынньык аймалҕаҥҥа кубулуйан, сыбаайба тохтотуллан үрүө-тараа тарҕаһыы, суу-саа буолбута. Заурбегы дьоно уоскутаары-сынньатаары хайаҕа илдьэн саһыарбыттара. Кинини спорка тустууга соругун – олимпийскай чемпион буоларга дьарыгын салҕаттарбыттара. Ол эрээри итинник санааҕа, элбэх сурах-садьык күөдьүтүллэ турдаҕына чөлгө түһэр уустук. Оттон олимпиадаҕа барарга күн аайы өссө тугунан эрэ эбии күүһүрүөх тустааххын.  

Онно эбии ити лаппа улахан конкуренцияны өссө сытыырҕатан саҥа сулус күөрэс гыммыта. Ол Разамбек Жамалов 2020 сылга Арассыыйа чемпионатыгар  уонна Аан дойду кубогар  21 сааһыгар бастаан, санаата көтөҕүллэн сылдьара. Киниэхэ тренерэ Адам Сайтиевтыын Хасавюрка араас албастары үөрэтэрин үгүстэр сөҕө, ымсыыра көрбүттэрэ. Разамбек атын куораттарга хонтуруоллуур хапсыһыыларга лидердэри, ол иһигэр Сидаковы кыайа тутаттыыр курдуга. Дьарык диэн атын. Күрэхтэһии эмиэ ураты. Жамалов Улан-Удэҕа тиһэххэ диэри эҥкилэ суохтук тустан испитэ. Кини тустар буолла да секундаанынан олимпийскай чемпион Адам Сайтиев, көбүөр кытыытыттан сүбэлээччинэн үс төгүллээх олимпийскай чемпион Бувайсар Сайтиев киирэллэр. Ити уолга улахан сорук туруоралларын көрдөрөр. Хапсыһыы тиһэх сөкүүндэтигэр икки өттүттэн харса суох түсүһүү. Виктор Лебедевы, кэлин  Сидаковы, ким да буоллун, кыайыа дии саныырым. Жамалов Будапешка Чамизоны эмиэ гонг тыаһыан аҕай иннинэ баал ылан чорбойбута. Дьэ, онон хайдах буолаллар? Хапсыһыы бүтэрэ  10 сөк. хаалла. Сидаков атахха анньан  ахсааны аччатта, онтон 2:2 тэҥнээтэ. Жамалов хапсыһыы бүтэрэ 2,7 сөк. хаалбытыгар атахха түһэн көбүөр кытыытыгар илдьэн истэҕинэ, Заурбек үөһэнэн өттүктээн көтүттэ. Гонг тыаһын иннинэ аҕай  Разамбек илиитэ көбүөргэ тайаммыт. Аҕыйах сөкүүндэ иннинэ аҕай итинник албас оҥоһуллубута буоллар, 5 баалынан сыаналаныа эбит. Дьэ, астык тустуу!!! 

«Итинник буоллаххына маннык»

Кэнники үс сылга тэҥнээҕин булбакка сылдьар, аан дойду икки төгүллээх чемпионун, кумык Завур Угуевы сахалар үчүгэйдик билэбит. Ол баар-суох суоттанар ыйааһыммытыгар лидеринэн да буолуо. Ону таһынан үчүгэй быраҕыыларынан умсугутар. Бары ыйааһыннартан да биир бастыҥнара. Үксүгэр партерга түһэрдэр да, утарсааччытын көхсүттэн биилгэ хатаннар эрэ, кэдэрийэн төкүнүтэлиир. Бэйэтин көмүскэниитэ сүрдээх. Былырыын коронавируска хаптаран сыппыта иһиллибитэ да, сотору чөлүгэр түһэн Будапешка аан дойду кубогар уонна бу икки кэнники Арассыыйа чемпионаттарыгар син биир иннин биэрбэтэ. Ол эрээри бу сырыыга кинини да үөһэнэн көтүтэр киһи баар буолан, сааланы сэргэхситэ сырытта.

Финалга Угуев бу күрэхтэһиигэ соргулаахтык тустубут, тывынец Наачын Монгуштуун таҕыстылар. Угуев бастакыттан кыайа-хото тутан барда. Завур биирдэ да бүдүрүйбэккэ, түөрт баалынан чорбойбутугар: “Ээ, чэ аны итиччэ уопуттаах, көмүскэнии маастара кыһыл көмүс мэтээли Кавкаһыгар илдьэ барыахтааҕын былдьатыа суоҕа”, -- дэһии буолла. Онуоха туран моонньулары убахтаһыыга тывынец иилистэ сылдьан эмискэ эриллэ түһээт, хаҥас өттүгүнэн анньан тас уораҕатынан таралыс гыннарда—дьэ-эрэ! Үгүстэр ханна да Завур итинник түөрт баалынан сыаналанар быраҕыыга “көппүтүн” истэ иликпит. 

Өр буолбата, Завур икки кулгааҕын холбуур хойуу бытыгын туппахтаан көрөөт, хабыраан хапсыһыыга киирдэ.  “Итинник буоллаххына маннык” диэбиттии харса суох анньан иһэн, утарсааччыта  көбүөр кытыытыгар үктэнимээри (оннукка баал бэриллэриттэн туора ыстанан куотаары гыммытыгар) көхсүгэр сыстаат, синньигэс биилтэн өрө баһан таһааран үөһэнэн элээртэ—биэс баал! Туран эрэ итинник албаһы көҥүл тустууга дэҥҥэ тутталлар. Гректии-римниигэ балайда бырахсаллар. Онон ити кэнники ааттаммыт тустуу албастарын урут Завур партерга туттара, аны ханнык баҕар түгэнтэн оҥорор дьоҕурдааҕын көрдөрдө.  Ол кэннэ көмүскэнии улахан сатабыллааҕын чиҥник бигэргэттэ – 9-5 кыайда. 

Оттон биһиги дьоммут?

Бу улахан түһүлгэҕэ оччо-бачча киһи кэпсиэх айылааҕын курдук тустубатылар.  Биһиэннэриттэн көбүөргэ ордук элбэхтик (алтата) кэм да аан дойдутааҕы кылаастаах маастарбыт Виктор Рассадин таҕыста. Арассыыйаҕа миэстэлэһэр татарин Ильдуз Гизатуллины 3:0, Москва осетинын Сослан Гиголаевы 8:1 кыайталаан баран, Арассыыйа призердарын буряттар эрэллэригэр Евгений Жербаевка 5-2 баһыйтарда. Жербаевы олохтоохтор түһүлгэни үөрүүлээхтик аһыы кэмигэр чемпионнаатын диэн эрдэттэн күөс өрүммүттэрэ. Тэлэбиисэринэн быһа биэриигэ  оччо мэһэйдиэ суох курдуга.  Уол бэлэмнэниитэ олус бэрт, түргэнэ-тарҕана, хамсанара -- соһуччу чемпионнуон да сөп эбит. Ол эрээри полуфиналга Чермен Валиевы кытта тустарыгар сордоотулар. Төһө эмэ кыайарын–хоторун үрдүнэн дэлби мөккүһэн сылаттылар. Ол түмүгэр финалга бэлэмэ ыһыллан таҕыста.

Рассадиммыт ити кэннэ дагестанец Азнуар Таваевы 3:9 хотторон иһэн ыраастык ууран, “һуу” гыннарда. Итиннэ элбэх күүһүн биэрэн, Арассыыйа былырыыҥҥы чемпионугар осетин Чермен Валиевтыын тэбис–тэҥ анньыһыыга 6:7 хотторон, бэһис буолла.

Кини курдук бэһис буолбут, Уйгулаан Иванов биэстэ туһунна.  Бэһис миэстэҕэ киирбиттэр аны сайыҥҥы “Ярыгин” турнирыгар диэри Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар чилиэнинэн сылдьыахтара. Онон оннук испииһэккэ сахалартан итиччэ элбэх 24 кыттааччыбытыттан икки эрэ уолбут киирдэ. Биирдии ыйааһыҥҥа дойдуга  бастакы-иккис-үһүс нүөмэрдэринэн хааччыйа сылдьыбыт оскуолалаах өрөспүүбүлүкэ уоскутунарбыт оччото суох.

57 кг. Уйгулаан Иванов  бурят Ананда Дашиевы– 7:4, тывынец  Кежик Седены  6:3 баһыйталаата.

Начын Монгуш (Тыва) тэҥ киирсиигэ 0:2 сабырыйтарда.

Уйгулаан Иванов ол кэннэ үһүс миэстэни былдьаһыыга Арассыыйа хас да төгүллээх призера осетин Азамат Тускаевка тулуспата -- 0:11.

57 кг

Айаал Белолюбскай – Рамазан Абдурахмановы (ХМАО) 5:0 кыайда, Начын Монгушка (Тыва) 4:14 хоттордо. Михаил Иванову ( Саха сирэ) 7:0 баһыйда.

Айаал Белолюбскай – Уйгулаан Иванов тэҥ киирсиибитинэн, баҕар, аҕатын тимир тириитин ылынан Азамат Тусткаевка киирбитэ буоллар хайыа эбитэ буолла, атыны көрдөрүөн сөбө дуу? Кини киниэхэ хотторбуту кыайыан сөп. Киһи барыта ураты. Хотторбут спортсмеҥҥын баһыйар киһини да кыайыаххын сөп.

Михаил Иванов – Начын Монгуш (Тыва) 6:10

Начын Монгуш сахалары туоратааччы буолла. Икки киһибитин Уйгулаантан уратыларын киһилээбэтэ.

Ол да үрдүнэн 57 кг арыый эдэрдэргэ Уйгулаан Ивановка уонна Улан-Удэҕа киирэрэ биллибэккэ сылдьан, түөртэ киирсибит Арассыыйа ыччаттарга кэнники призера Айаал Белолюбскайга болҕомто ууруох баар эбит. Айаал ол кэннэ коронавирустаан өссө күрэхтэһиигэ барбакка, эрчиллиитин тохтото сылдьыбыта. Маннык түһүлгэҕэ бастакы холонууларыгар  атыттарбытыттан, Рассадинтан уратыларга саамай элбэхтик туһуннулар. 

Атыттар үстүү-иккилии,   сорохтор биирдии-иккилии-үстүү эргиир туһуннулар. Онон оччо-бачча кэпсээбэт инибин. Онто да суох хомойон олордоххут. Чэ, хайыахпытый? Эмиэ сарсыҥҥыга эрэнэ хаалабыт. Кулун тутар 18 күнүттэн Будапешка саҕаланар түһүлгэттэн  легионердарбыт Беларусьтан Владислав Андреевпыт уонна Ньургун Скрябиммыт үчүгэйдик тустуохтара,  олимпийскай лицензиялары ылыахтара диирбитигэр тиийэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...