12.08.2021 | 18:20

Сүрүн сыал – уоту куорат территориятыгар чугаһаппат буолуу

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Билиҥҥи туругунан, куорат территориятыгар уонна Нам, Горнай улуустар кыраныыссаларыгар, куораттан 60 км сиргэ ойуур баһаара баар. Онтон саамай чугас нэһилиэнньэлээх пуун – Маҥан сэлиэнньэтэ. Суһаллык уоту баҕа өттүнэн умуруорааччылар этэрээттэрэ тэриллибит. Ол туһунан куорат баһылыга Евгений Григорьев иһитиннэрэр. 
«Баһаар булуллаатын кытта суһаллык уокуруктааҕы дьаһалта уонна биэдэмэстибэлээх тэрилтэлэрбит үлэһиттэриттэн састааптаах баҕа өттүнэн умуруорааччылар этэрээттэрин тэрийдибит. Маҥан олохтоохторун кытта миэстэтигэр тиийдибит», — диэтэ Евгений Григорьев.
Кини бүгүн лааҕыр олохтоон, уоту киллэрбэт курдук үлэ күүскэ ыытылларын туһунан эттэ. Итиннэ барыта 45 киһи, 5 тиэхиньикэ – үс тыраахтар, икки уу таһар тиэхиньикэ. Баһаары кытта охсуһааччылар ранецтарынан, респиратордарынан уонна бары наадалаах тэриллэринэн хааччыллыбыттар. 
Куорат баһылыга бэлиэтээбитинэн, уоту 60 км сиртэн бэтэрээ киллэрэр сатаммат, итиннэ чугас дьиэлэр, даачалар, оттуур ходуһалар бааллар. 
«Буруо тарҕанан, халлаан арыый ырааһырдаҕына уу кутар тэриллээх МИ-8 бөртөлүөт көмөҕө кэлэргэ бэлэм», — диир Григорьев.
Баһылык Дьокуускайга бүгүн Нам улууһун өттүттэн буруо кэлбитин, бу күннэргэ тыал хайысхата уларыйыар диэри син-биир буруолаах буолуоҕун туһунан эттэ. 
«Хомойуох иһин, нуорма хас да төгүл үрдээн турар. Ол иһин, өрөспүүбүлүкэ баһылыгын быһаарыытынан, бүгүн Уокуруктааҕы дьаһалта үлэтин күнүн кылгаттыбыт. Сарсын сатанар буоллаҕына, структурнай салааларбыт уонна биэдэмэстибэлээх тэрилтэлэрбит үлэһиттэрэ үлэлэригэр кэлбэккэ, дистанционнай көрүҥүнэн үлэлииллэрин курдук эттим. Салайар састаап урукку курдук үлэлиир», — диэн бэлиэтээтэ баһылык.
Евгений Григорьев олохтоохтору уулуссаҕа тахсаталларын аҕыйаталларыгар ыҥырда.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....