Сүрүн сыал – норуот бырагырааматын эбэһээтэлистибэтин толоруу
«Биир Ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Регионнааҕы политическай сэбиэтин чилиэнэ, олохтоох салаа сэкиритээрэ, Дьокуускай куораттааҕы Дуума бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов «Биир Ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Бүтүн Арассыыйатааҕы съеһигэр кытынна. Бу туһунан Дьокуускай куораттааҕы Дуума пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ахсынньы 4 күнүгэр Москваҕа баартыйа үбүлүөйдээх XX съеһин үһүс түһүмэҕин пленарнай мунньаҕа ыытылынна. РФ куттал суох буолуутугар Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Медведев «Биир Ньыгыл Арассыыйа» бэрэссэдээтэлинэн биэс сыллаах болдьоххо хос талылынна.
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэлиэтээбитинэн, «Биир Ньыгыл Арассыыйа» баһылыыр баартыйа – норуот бэрэстэбиитэлистибэтин, парламент баһылыыр өттүгэр буолар толору бырааптаах.
Кини эбэн эппитинэн, «Биир Ньыгыл Арассыыйа» ситиһиитин төрдө ньиргиэрдээх луозуннар буолбатахтар, ситиһии – хампаанньа атын истиилигэр, атын сыһыаныгар. Баартыйа бырагыраамата дьону кытта көрсүһүү, бэсиэдэ, сытыы боппуруостары дьүүллэһии кэмигэр оҥоһуллар.
Хас биирдии регион нэһилиэнньэтиттэн олох хаачыстыбатын уонна таһымын үрдэтиигэ этиилэр хомуллубуттар. Норуот бырагырааматыгар киирбит этиилэргэ хамнас уонна биэнсийэ үрдээһинэ, үлэтэ суох хаалбыт дьоҥҥо судаарыстыбаннай өйөбүл миэрэлэрин тупсарыы уо.д.а. бааллар. Этиилэр NP.ER.RU сайтка уонна «Биир Ньыгыл Арассыыйа» уопсастыбаннай приемнайдарын нөҥүө хомуллубуттар.
Норуот бырагыраамата олох бары эйгэлэрин таарыйар уонна чугаһынааҕы сылларга булгуччу толоруллуохтаах.
«Генсэбиэт иһинэн сүрүн соруктарга уонна докумуоммут хайысхаларыгар сөп түбэһэр анал хамыыһыйалар тэриллибиттэрэ. Ити норуот бырагырааматын толорууну хонтуруоллуурга, миэрэлэри суһаллык оҥорорго кыах биэрэр. Бырагыраама салааларын уонна хамыыһыйа үлэтин кытта баартыйа бырайыактарын олоххо киириитин биир сүрүннүүр ирдэнэр», — диэбит Дмитрий Медведев.
Итини таһынан, съездкэ балаҕан ыйынааҕы Судаарыстыбаннай Дуумаҕа быыбар түмүктэрин таһаардылар уонна баартыйа салайар уорганнарыгар сыһыаннаах боппуруостары быһаардылар. Парламентскай быыбар түмүгүнэн «Биир Ньыгыл Арассыыйа» 49,82% куолаһы ылан кыайыыны ситиспит.
Норуот бырагырааматыгар Саха сирин олохтоохторуттан 16 тыһ. тахса этии киирбит. Ол курдук дьон Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутуутун күүтэллэр. Итини таһынан, "ыам ыйынааҕы ыйаахтарга" киирбэтэх үлэһиттэр хамнас индексациятын, биэнсийэҕэ тахсыы урукку болдьоҕун төннөрүүнү, авиабилиэттэри субсидиялааһыны туруорсаллар.
«Билигин «Биир Ньыгыл Арассыыйа» сүрүн сыала – норуот бырагырааматын эбэһээтэлистибэтин толоруу буолар» – диэбит Альберт Семенов.