Сүрүн сокуоммутун тупсаран биэрэбит
Айхал Габышев, Саха сирин тутааччыларын сойууһун уонна Саха сирин аҕаларын түмсүүтүн салайааччыта:
– Аан дойдуга олох тэтимэ уларыйыан уларыйда. Онон дойдубут Сүрүн сокуонун уларытарбыт бары өттүнэн табыгастаах. Бу Орто дойдуга букатын кэлбит суоҕун курдук, ханнык баҕарар сокуон эмиэ кэмэ кэллэҕинэ, уларыйыахтаах. Сүрүн сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии айылҕатын быһыытынан кэмэ кэлэн буолар. Бастатан туран, Сүрүн сокуоҥҥа дьиэ кэргэн, ыал политикатыгар улахан болҕомто ууруллубута киһи сүргэтин көтөҕөр. Ол курдук, ыал буолууну өйөөһүн, ийэ-аҕа оруолун өрө тутуу, дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитии усулуобуйатын тупсарыы, ону тэҥэ, сааһын сиппит оҕо төрөппүттэрин дьоһун саастарыгар көмөлөөх буолалларыгар ыҥырыы киирбитэ билиҥҥи кэмҥэ олус сөптөөх суол. Бу уларытыылар барыта дьон-норуот сайдыытыгар олук уураллар, уйгулаах олоҕу түстүүллэр. Ону тэҥэ, оҕо уонна ыччат бырааба Конституциянан көмүскэллээх буолла. 67-с ыстатыйа 4-с чааһыгар “Арассыыйа судаарыстыбаннай политикатын сүрүн оҥкула – оҕо» диэн киллэрии улахан суолталаах. Конституция 7-с ыстатыйата этэринэн, Российскай Федерация киһи дьоһуннаах олохтонорун туһугар уонна хас биирдии киһи көҥүл сайдыытыгар туһуламмыт политикалаах социальнай судаарыстыба буолар диэн баар. Модун Арассыыйа тэтимнээхтик сайдарын, дьон-сэргэ олоҕо өссө тупсарын туһугар Сүрүн сокуоммутун билигин тупсаран биэрэрбит сөптөөх дьаһаныы буолар!