06.09.2020 | 16:06

Сүрүн эппиэтинэс –учаастактааҕы быраастарга

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

РФ үтүөлээх бырааһа, талааннаах онколог-хирург Юрий Павлович Степанов ыарахан туруктаах ыарыһахтары эпэрээссийэлээн олоххо төннөрөрүн сөҕөн, Саха АССР доруобуйа харыстабылын миниистэринэн үлэлээбит И.И. Местников суруйбута биллэр.

Юрий Павлович Степанов 1975 сыллаахха СГУ медицинскэй факультетын бүтэрээт, өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансерга хирург-ординаторынан үлэтин саҕалаабыта.

Сарсыарда эрдэлээн кэлэр, киэһэ хойутаан барар дьоҥҥо болҕомтолоох, амарах сыһыаннаах, киэҥ билиилээх эмчити кэллиэгэлэрэ уонна ыарыһахтар тута сөбүлээбиттэрэ. Эдэр исписэлиис уопуттаах хирурдарга ассистеннаан билиитин хаҥаппыта. Дьоҕурдаах уолга сотору бэйэтэ эпэрээссийэлэри ыытарыгар көҥүллээбиттэрэ. Үлэтин быыһыгар оччотооҕу ССРС аатырбыт Запорожье, Москва, Санкт-Петербург, Казань куораттарыгар баар институттарга идэтийии куурустарын ааспыта. Ордук элбэх билиини, сатабылы профессор Михаил Семенович Сигал (Казань) биэрбитин бэлиэтиир. Кини үөрэппит, иҥэрбит «асептическэй» методикатын, тиэхиньикэтин, тактикатын тутуһан, куртах уонна оһоҕос искэннэригэр икки тыһыынча ыарахан эпэрээссийэни оҥорбут. Олортон биир да киһи өлбөтөх, бэргээбэтэх даҕаны.

Сорох күҥҥэ иккилии уустук эпэрээссийэни куртахха оҥорорум, диэн ахтар бүгүн Юрий Павлович оччотооҕу уустук кэми. Биир күн иннинэ аан дойдуга биллэр 5 академик монографиятын ааҕан-үөрэтэн дьарыктанар эбит.

Юрий Павловичтан биһиги кэлиҥҥи сылларга Саха сиригэр искэн ыарыыта киэҥник тарҕанан эрэр биричиинэтин сурастыбыт.

– Бастатан туран, ыарыыттан сэрэтии үлэтэ мөлтөхтүк ыытыллар. Улуустарга ыарыыны булуу, үөрэтии, чинчийии ситэтэ суох. Бу искэн ыарыыта ордук 40 саастарын ааспыт дьоҥҥо үөскүүр. Онон учаастактааҕы быраастар профилактическай көрүүлэри, диспансеризацияны кэмигэр уонна олус болҕомтолоохтук ыытыахтаахтар. Өскөтүн искэн сибикитэ баар буолуон сөп диэн сэрэхэдийдэххэ, оройуоннардааҕы киин балыыһаҕа ыытан, толору диагностааһын методикатынан бэрэбиэркэ ыытыллыахтаах. Манна ВОЗ (Всемирная организация здравоохранения) «Раннее выявление рака спасает жизнь пациента» диэн лозунунан салайтарабыт.

Араас идэлээх быраастар бары аналлаах балаһыанньаларынан сирдэтинэн үлэлиэхтээхтэр, оччоҕуна эрэ ыарыыны эрдэтинэ булар кыах үөскүүр. Онон сүрүн эппиэтинэс улуустар киин балыыһаларыгар, учаастактааҕы быраастарга сүктэриллэр, - диэн Юрий Павлович аныгы быраастарга сүбэлиир.

– Юрий Павлович, “Ыарыы барыта оһоҕостон саҕаланар” диэн Гиппократ этиитин ааҕааччы өйдүүр тылынан быһаарыаҥ дуо?

– Улуу быраас, бөлүһүөк Гиппократ өр сылларга, тыһыынчанан куртах-оһоҕос ыарыылаахтары чинчийэн, кэтээн көрөн баран, олус бэргэнник эппит. Кини этиитигэр  толору сөбүлэһэбин уонна бигэргэтэбин. Бэлэс (глотка), куолай (пищевод), куртах (желудок), синньигэс оһоҕос (тонкая кишка), суон оһоҕос (толстая кишка) искэннэрэ сүрүннээн сыыһа аһааһынтан үөскүүллэр. Билиҥҥи бириэмэҕэ биирдэ симинэн кэбиспэккэ, күҥҥэ 4-5 төгүл кыра-кыратык аһыыр дьон-сэргэ сэҥээриитин ылан иһэр. Күҥҥэ 2,0-2,5 л ууну иһии доруобуйаҕа туһалааҕа билиннэ. Гиподинамия утары  скандинавскай хаамыы, араас фитнес-кулууптар, физкультурнай-спортивнай дьарыктар, гимнастикалар, чөл олох иһин охсуһуу күүскэ тэнийэр.

Ю.П. Степанов СӨ доруобуйатын харыстабылын кылаабынай хирурунан үлэлээн, үгүстүк командировкаларга сылдьан, балыыһалар материальнай-техническэй базаларын сайыннарыыга, медицинскэй аппаратуранан, таһымнаах каадырдарынан хааччыллыыларыгар сүүрэн-көтөн, нэһилиэнньэ тапталын, ытыктабылын ситиһиэн ситиһэн олорор. Дьонун-сэргэтин махталын туоһулуур үлүскэн элбэх махтал суруктан биири холобурдуохха сөп: «Ытыктабыллаах Юрий Павлович! Үйэ чиэппэрэ анараа өттүгэр сөбүлүүр хирург үлэҕин хаалларан туран, туох баар кыһамньыгын ууран, Аан дойдуга соҕотох тыйыс климаттаах дойдуҥ – Сахаҥ сирин айгыраабыт доруобуйалаах дьонугар-сэргэтигэр көмөлөһөр сыаллаах тэрийбит тэрилтэҥ кэҥээн, кыаҕыран, бар дьонуҥ, норуотуҥ үрдүк үтүө сыанабылын ыллыҥ. Бэйэҥ тула үлэһит, ыарыһах дьоҥҥо үтүө, амарах сыһыаннаах кэлэктииби түмэн, салайан үлэлэтэриҥ хайҕаллаах», - диэн Дьокуускай куорат Рихард Зорге аатынан уулуссатыгар баар Өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэри комплекснай реабилитациялыыр социальнай-чэбдигирдэр Кииҥҥэ, бу Ю.П. Степанов бэйэтэ тэрийэн, бүгүҥҥү күҥҥэ диэри салайааччынан үлэлии олорор тэрилтэтигэр эмтэммит Светлана Михайловна Абрамова махтанар.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэри комплекснай реабилитациялыыр социальнай-чэбдигирдэр Киин генеральнай дириэктэрэ, профессор, медицинскэй наука доктара, РФ үтүөлээх бырааһа, сатабыллаах салайааччы Юрий Павлович Степанов аатыгар маннык ис хоһоонноох махтал суруктар күннэтэ киирэллэр.

Мин «Искэн ыарыылара» кинигэбин бэчээккэ бэлэмниирбэр Юрий Павловичтан сүбэ-ама көрдөһө таарыйа, интервью биэрэригэр көрдөһөн турабын. Онно искэн ыарыыны утары үлэ Саха сиригэр хайдах саҕаламмытын кэпсээбитэ, аныгы быраастарга сүбэлэрин биэрбитэ:

–       Үлэлиир кэммэр оройуоннар кылаабынай терапевтарын, кылаабынай акушер-гинекологтары ыҥыран, 10-14 хонуктаах босхо үөрэтиилэри ыытарбыт. Салгыы кинилэр бэйэлэрин үлэһиттэрин – учаастактааҕы терапевтары, гинеколог-акушердары үөрэтэллэрэ. Түмүгэр миэстэтигэр саҥа ыарыылары быһааран, биһиэхэ ыыталлара. Ити умнуллубут үгэһи сөхсүтүөххэ наада. Бэйэм куртах уонна оһоҕос искэннэригэр икки тыһыынча эпэрээссийэни оҥорбутум. Олортон биир да киһи өлбөтөҕө, бэргээбэтэҕэ.

Юрий Павлович ити кэмнээҕи үлэтин туһунан Галина Михайловна Дьяконова, СӨ 3 №-дээх клиническэй (Горькай аатынан уул., 94 №-рэ) поликлиникатын үрдүк категориялаах рентген-лаборана, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна кэпсиир:

– Мин 1981 сыллаахха Дьокуускайдааҕы медучилище кэнниттэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкодиспансерга ананан, атырдьах ыйын 1 күнүгэр ис-испиттэн долгуйан үлэлии тиийбитим. Оччолорго диспансер уобаластааҕы балыыһа олбуорун иһигэр икки этээстээх мас дьиэҕэ олохсуйан үлэлиирэ. Сэбиэдиссэй Г.Е. Щербаков операционнай медсиэстэрэнэн анаабыта, бииргэ алтыһан үлэлиэхтээх үлэһиттэрбин кытта билиһиннэрбитэ.

Балыыһа техническэй базата сүрдээх мөлтөҕө. Оттон кэлэктиип наһаа үчүгэй, олус түмсүүлээх этэ. Бэйэлэрин идэлэрин толору баһылаабыт энтузиастар, ординатор хирурдар Ю.П. Степанов, К.С. Павлов, З.Д. Гуляева, Г.П. Упхолов, гинеколог-хирурдар Л.С. Ларионова, Г.П. Гуляева, А.Г. Любимова үлэлииллэрэ. Ыарыһах олус элбэҕэ. Көрүллэр былаанынан күҥҥэ түөртүү эпэрээссийэ икки операционнай остуолунан оҥоһуллара. Онно эбии суһал эпэрээссийэлэри эбэн кэбис. Уһук Илин уобаластарыттан, ордук үгүстүк Магадантан ыарахан ыарыһахтар кэлэллэрэ. Уустук эпэрээссийэлэри сүрүннээн Юрий Павловичка сүктэрэллэрэ. Мин биэс сыл устата киниэхэ сыһыарыллан үлэлээн, старшай операционнай медсиэстэрэҕэ тиийэ үүммүтүм.

Ю.П. Степанов олус билиилээх, үрдүк таһымнаах хирург, ыарыһахха амарах сыһыаннаах, эпэрээссийэлэрэ сүрдээх чэпчэкитик ааһара, эмтэнээччилэргэ улахан аптарытыаттааҕа. Дьиҥнээх «хирург от бога» диэн кини буолара. Бу сомоҕолоһуулаах кэлэктиипкэ бары даҕаны ыарахан ыарыыттан дьону босхолоору, ыарыһах үйэтин уһатаары биир санаанан салайтаран бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрбин уйадыйа ахтабын. Кинилэр ситиһиилэринэн киэн туттабын. Үлэлээбит кэрчик кэмминэн астынабын, дуоһуйабын.

Кэлиҥҥи кэмҥэ искэн ыарыылаах дьон, сыанатын кэрэйбэккэ, Корея клиникаларын ордорор буолбуттара кистэл буолбатах. «Бу ыарыыны Кэриэйэҕэ бастакы кэрдиискэ (стадия) булаллар”, - дииллэрин үгүстүк истэбит. Онон, ити Юрий Петрович этэрин курдук, сайдыылаах дойдуга диспансеризацияны кичэллээхтик, хаачыстыбалаахтык ыыталлара төһүү буолбута саарбаҕа суох. Хаан анаалыһыттан көрөн, искэн уорбаланар буоллаҕына, киһини атаҕын тыҥыраҕыттан саҕалаан мэйиитигэр тиийэ бэрэбиэркэлииллэрэ биллэр.

Григорий Михайлов-Дьулҕан

Майа, Мэҥэ Хаҥалас

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....