Сүрүн болҕомто – ыраастааһыҥҥа, тупсарыыга
Светлана Александровна Кармадонова, Пригороднай нэһилиэгин дьаһалтатын салайааччыта:
–Биһиги кыбаартал иһинээҕи суолларбытын тупсарыыга сүрүн болҕомтобутун уурабыт. Совхознай, Озернай уулуссалар суоллара тэҥнэммитэ, кумах кутуллубута. “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” бырайыак чэрчитинэн Новай уулусса ресайклинг диэн саҥа технологиянан аспаалламмыта. Совхознай уулусса тротуара оҥоһуллуохтаах. “Сырдык киин куорат” бырагырааманан элбэх үлэ ыытылынна, инникитин былааммыт киэҥ.
Үгүс кэпсэтии, мунньах түмүгүнэн Шестаковка үрэх муостата бөҕөргөтүллүбүтэ, Пляжнай уулусса өрөмүөннэммитэ, о.д.а. боппуруостар быһаарыллыбыттара.
Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамаҕа киирэн, былырыын биэс уулуссаҕа сайыҥҥы уу ситимэ тардыллыбыта. Онон нэһилиэнньэ улахан аҥаара техническэй уунан хааччылынна.
Бөһүөлэкпитигэр ыраастааһын, тупсарыы, көҕөрдүү үлэтэ тиһигин быспакка ыытыллар. Субуотунньукка күргүөмүнэн тахсар үтүө үгэстээхпит. Санитарнай туочуканы элбэтэр сорук турар.
Былырыын, төһө да пандемия мэһэйдээбитин иһин, былааннаммыт барыта олоххо киирбитэ. Ону Олохтоох дьаһалта өйөбүлүнэн, тустаах тэрилтэлэр биир санаанан салайтаран үлэлээбиттэрин түмүгэр ситистибит диэн бэлиэтиибин.