Сөптөөх аһылык нэдиэлэтэ хас биирдии оскуолаҕа ыытыллыаҕа
Киин куорат лиссиэйигэр (ЯГЛ) Сөптөөх аһылык нэдиэлэтэ ааһан эрэр. Сонун тэрээһини Муниципальнай үөрэх кыһаларын хааччыйар киин Үөрэх управлениетын кытта ыыталлар.
Муниципальнай үөрэх кыһаларын хааччыйар киин салайааччыта Варвара Кычкина иһитиннэрбитинэн, Сөптөөх аһылык нэдиэлэтэ мантан антах бу тэрилтэнэн итии аһылыгынан хааччыллар муниципальнай барыларыгар ыытыллар буолуоҕа.
“Оскуола аһылыгын менютун оҥорорго сөптөөх аһылык ирдэбилэ кытаанахтык тутуһуллар. Холобура, эт, балык аһы биһиги сыахпыт булгуччу пароконвектомакка бэлэмниир, тоҕо диэтэххэ паарга буспут ас битэмиинин сүтэрбэт. Оттон менюбут аныгы оҕоҕо кэрэхсэбиллээх буоларын туһугар буортута суох фастфуду оҥорон саҕалаатыбыт. Холобура, “Школьник” ПП-бургербытын оҕолор бэркэ биһирээтилэр. Инникитин эмиэ итинник, сөптөөх фишбургер, пицца, наггетс оҥорор былааннаахпыт. Ил Дархан Айсен Николаев Оҕо саас сыла оҕолорго аһылык култууратын иҥэриэхтээх диэн соругу туруорбута. Онон үөрэх тэрилтэлэрин итии аһылыгар олохтоох бородууксуйаны киллэрэр биир кэлим стандарт үлэлиэхтээх уонна бородууксуйа хаачыстыбатыгар кытаанах хонтуруол барыахтаах»,- диир Варвара Кычкина.
Сөптөөх аһылык нэдиэлэтин саҕалаабыт Куорат лиссиэйигэр бу күннэргэ үөрэнээччилэргэ фрукталаах десертэри астыырга маастар-кылаас ыытылынна, сөптөөх аһылык туһунан истиэнэ хаһыатын оҥорууга күрэх бара турар.