Үс оҕолоох аҕалары хомууртан босхолууллар
Көннөрүү олоххо киирбитин туһунан Арассыыйа Сэбилэниилээх күүстэрин Генштабын салайааччыта В.Герасимов байыаннай уокуруктарга алтынньы 4 күнүгэр ыыппыт 315/2/3658дсп №-дээх суруга бигэргэтэр. Бу иннинэ түөрт оҕолоох уонна төрдүс оҕотун кэтэһэ сылдьар аҕалар эрэ босхолоноллоро, аны 16-гар диэри саастаах үс оҕолоохтору эмиэ босхолоотулар.
Судаарыстыбаннай Дуума балаҕан ыйыгар киллэрбит сокуонун бырайыагар 18-гар диэри саастаах үс оҕолоох уонна 23 сааһыгар диэри күнүскү үөрэххэ үөрэнэр устудьуон оҕолоох аҕалары босхолууру туруорсубуттара Оборона кэмитиэтин өттүттэн харданы ылбатаҕа.
Манна даҕатан эттэххэ, Судаарыстыбаннай Дуума судаарыстыбаны тутууга уонна сокуону оҥорууга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сардаана Авксентьева РФ Оборонаҕа министиэристибэтигэр үс оҕолоохтору хомууртан босхолуур туһунан суругу ыытан турар.