СӨМӨЛҮӨТ БИЛИЭТЭ ЧЭПЧИЭН СӨП
Уһук Илин регионугар авиа хампаанньа тэриллэригэр көрүллүөхтээх федеральнай бүддьүөттэн субсидия, регион иһинээҕи рейстэр сыаналарын аччатыаҕа диэн Ил Дархан Айсен Николаев суруналыыстары кытта көрсүһүүгэ эттэ.
РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин туруорбут соругунан, «Аврора» АХ иһинэн айанньыттары таһар Уһук Илиҥҥи авиа хампаанньа тэриллиэҕэ.
«Якутия» авиа хампаанньа 25 % аахсыйатын Уһук Илиҥҥи авиа хампаанньа бас билиитигэр көһөрөр туһунан боппуруос көтөҕүлүннэ.
Сорох регионнар Уһук Илиҥҥи таһааччыга авиацияларын барытын биэрэргэ сөбүлэспиттэр. Бу санааны көҕүлээччилэр суоттааһыннарынан, Уһук Илиҥҥи авиа хампаанньаны тэрийии регионнар икки ардыларыгар уонна истэригэр оҥоһуллар рейстэргэ федеральнай бүддьүөттэн субсидиянан туһанар кыаҕы биэриэҕэ. «Аврора» нөҥүө биһиги хампаанньабыт субсидия ылар буолуоҕа.