14.01.2020 | 12:10

СҮЛЛҮҮКҮН ДИЭН КИМИЙ?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сүллүүкүн – саха омук  мифологиятыгар уу анныгар олорор харамай. “Сюльльюкюн” диэн өйдөбүлү өссө В.Л.Серошевскай научнай үлэтигэр киллэрбитэ. Эбии бүрээттэргэ “шүлүкүн” диэн уу иччитэ баарын суруйбута. Славян омуктарга эмиэ дириҥ уу анныгар олохсуйар тыыннаах дууһалаах “шилукуннар” тустарынан уос номоҕо элбэх.

Сүллүүкүннэр уу анныттан, ойбонтон орто дойдуга тахсалларыгар биһиги харахпытыгар икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх киһи буолан көстөллөр. Уос номоҕор кэпсэнэринэн, кинилэр үксүн дьахтар, ардыгар эрэ эр киһи буолан кубулуналлар. Кинилэр Саҥа дьыл уонна Кириһиэнньэ быысаһар кэмнэригэр ыалдыттыыллар. Кириһиэнньэҕэ Сибэтиэй кириэс ууга угулуннаҕына куттанан төрүт үөстэриттэн араҕаллар; түүн суолларга-аартыктарга илэ хаамсаллар, оҕолорун-урууларын сыарҕалаах оҕуска тиэйэ сылдьаллар, оҕолоро-ыамнара олус элбэх буолар: ууга түһэн өлбүт киһи сүллүүкүннэр дьиэ кэргэннэригэр кыттыһар диэн номох баар.

Ол көһө сылдьан араас тыаһы-ууһу таһаараллар, ону иһиллээн биһиги инникибитин сэрэбиэйдэниэхпитин, билгэлэниэхпитин сөп. Ол туһуттан дьон түүн ырааһыйаҕа, суоллар быһа охсуһууларыгар, күөлгэ ойбоҥҥо, киһи уҥуоҕун таһыгар, иччитэх өтөхтөргө, быһата сүллүүкүттэр хорҕойуохтарын сөп сирдэригэр, тыас иһиллииллэрэ.

Кириэһинэн харыстанабыт

Тыас иһиллээччилэр үөт түрэҕинэн олорор сирдэрин төгүрүтэн ойуулууллар, бэйэ-бэйэлэригэр көхсүлэринэн буолан, өйөнсөн ыксалаһа олоруохтаахтар, суорҕанынан бүрүнэллэр. Ким таһыгар ынах мэҥириирин, тиҥсиринэрин, хаамарын истибит – баай-талым олохтонор; төбөтүн үрдүнэн чыычаах ыллаатаҕына – элбэх оҕолоох буолар; ыт үрдэҕинэ – урууга, ыал буолууга; маһы тоҥсуйар тыас – ким эрэ өлөр: истибит киһи бэйэтэ эбэтэр кини дьиэ кэргэниттэн киһи тыына быстар; “Алдьархай!” диэн хаһыы иһилиннэҕинэ – улахан иэдээн ааҥныыр.  

Сороҕор ким да тугу да истибэт, ардыгар олорооччуларыттан биир соҕотох киһи тыаһы, саҥаны истиэн сөп. Сүллүүкүн өйөх маһынан кэлэн оройго биэриэн сөп эбэтэр “Эһиги кимнээхтэргитий бу?!”  диэн ыйытар. Ол аайы соһуйбатахха, өмүрбэтэххэ, эппиэттээбэтэххэ – этэҥҥэ баран хаалар.

Сүллүүкүннэри пааранан, иккилии буолан иһиллиэхтээхпит – ордук киһини аахтахтарына ылан бараллар.

Сүллүүкүннэри көрсө түһэр туох да уустуга суох – кинилэр саһа эҥин сатаабаттар, талбыт сирдэринэн киэҥник хаамыталыыллар. Дьиэҕэ-уокка чугаһаабатынар диэн былыр суол аартыгын аайы кыра мас кириэстэри анньаллара. Билиҥҥи дьон дьиэ ааныгар, түннүгэр кириэс иилэбит. Бу эмиэ сүллүүкүҥҥэ эрэ баар бэйэтэ ураты сыһыан, көстүү – сахалар сүллүүкүнтэн ураты ханнык да абааһыттан, үөртэн кириэһинэн харыстаммыттара диэн суох, үксүгэр алгыс, тимир тыаһын, хаһыы, тыас-уус таһааран абааһылары үүрүөххэ сөп диэн өйдөбүл баар.

Сүллүүккүн харчыта, кылаата, көмүһэ...

Киэһэ, ойбонтон сүллүүкүннэр тахсыбыттарын кэннэ, уу баһар табыллыбат. Сүллүүкүн дьиҥэ оччо-бачча дьоҥҥо өстүйбэт. Ол эрэн олус дьээбэлээх уонна мэник. Сорох номохторго сүллүүкүттэр олус бэтиэхэлээх уонна илбистээх хаартыһыттар. Ол эрэн кинилэртэн сүүйэн ылбыт харчыбыт күн сырдыгар кии, быыл, муох буолан көтөн хаалар үгэстээх.  

Араас хорсун санаалаахтар, туохтан да толлубат баламат эр бэртэрэ сүллүүкүттэр кылааттарын, муспут баайдарын-дуолларын көрдүү сатыыллара. Сүллүүкүттэр харчыларын буллаххытына 7 күн иһигэр туттан бүтэриэхтээххит, бөх-сыыс буолан көтө илигинэ.

Сүллүүкүттэр орто дойду дьонун курдук оҕо-уруу тэнитэллэр, хороҕор муостааҕы таптаан иитэллэр. Сорох түөлбэлэр үһүйээннэригэр кэпсэнэринэн,  сүллүүкүттэр киһи аймахтан дьахтар төрөтөр сатабыллаах эмээхситтэри, бэйэлэрин кэргэттэрэ оҕолоноллоругар көмө оҥостоору, уоран бараллара.

Сүллүүкүн саха өйдөбүлүгэр

Сахаларга чуолаан сүллүүкүн уобараһа нууччаттан киирбит буолуохтаах. Кут-сүр  түһэ Л.А. Афанасьев – Тэрис сүллүүкүттэр тустарынан маннык эппиттээх: «Тохсунньу 7 күнүгэр маҥнай оҕо сүллүүкүннэр (уот оттооччулар) тахсаллар. Кинилэр эрдэ тахсан, эргэ өтөхтөрү сөргүтэн олоххо бэлэмнииллэр. Онтон син орто саастаах, киэҥ соҕус билиилээх-көрүүлээх сүллүүкүннэр тахсаллар. Салгыы кырдьаҕас, муударай сүллүүкүннэр кэлэллэр. Былыргы дьон сүллүүкүн тахсыбыт кэмигэр таҥаһы таһырдьа ыйаабат. Киһи кута барсыа диэн аньыыргыыллар эбит. Сүллүүкүн тахсар кэмигэр айылҕа тымныы буолара ордук. Тымныы буоллаҕына, балар наһаа ырааппакка, чугас эргин сылдьаллар. Сылаас буоллаҕына, киэҥ сиринэн дайа сылдьан, араас ыарыыны тарҕаталлар үһү. Кинилэр  харчыны олус сөбүлүүллэр. Харчыны сүгэ сылдьан хаартылаан сүүйсэллэр үһү. Сүллүүкүн харчытыгар тиксэр түгэҥҥэр, үс күн иһигэр туттан бүтэриэхтээххин. Ол кэнниттэн харчыҥ уу ньамаҕа буолан хаалар үһү. Мин эһэм сүллүүкүнү көрбүт. Саха сүллүүкүннэрэ чопчу киһи курдук быһыылаахтар-таһаалаахтар диэн кэпсиирэ. Арай баттахтара уонна хаастара эрэ суох үһү. Биллэн турар, сүллүүкүн дьон айбыт уобараһа  буолар. Биир бэйэм сүллүүкүн хаама сылдьара буолуо дии санаабаппын».

Галина Попова – педагогическай наука кандидата, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ культурология кафедратын профессора таҥха туһунан манныгы суруйар: “Кутталлаах кэпсээннэргэ, үһүйээннэргэ интэриэс киһиттэн бэйэтиттэн тахсар. Фрейд теориятынан, бу “танатос” диэҥҥэ чугас - өлүүгэ талаһыы терминэ. Киһи уйулҕатыгар бэйэтигэр өлүүгэ, анараа дойдуга интэриэс үөскүүр. Үксүн сааһынан буолар. Холобур, киһи куйахата күүрэр ынырык кэпсээннэри оҕолор бэйэ-бэйэлэригэр кэпсэһэллэр. Обургу оҕолор ынырык киинэлэри көрөллөр, бу күннээҕи кыһалҕаларыттан тэйэ түһэргэ көмөлөһөр. Онтон киһи кырдьар сааһыгар  “абааһыга” интэриэһэ өссө күүһүрэн кэлэр, бу олоҕор баар кыһалҕаны, туохтан эрэ долгуйарын намырата сатааһын буолар.

Ханнык баҕарар култуураҕа “анараа дойду”, “атын дойду” туһунан өйдөбүл баар. Ол хас биирдии омук култууратыгар араастык ойууланар. Сахалар улуу олоҥхолоругар  баар “абааһы”  дьон интэриэһин олус тардара, билиҥҥи олоҥхону истээччилэр олоҥхоһут “абааһы” уобараһыгар киирдэ да тиллэ түһэллэр.  Абааһыга, анараа дойдуга интэриэс ордук Таҥха таайтарыылаах кэмигэр күүһүрэр. Таҥхаҕа сэрэбиэйдэнии кистии-саба урут да баара, киһи аймах инникитин билиэн баҕарара оннук  күүстээх этэ”.

***

Мин кыра эрдэхпинэ ийэм сүллүүкүттэр тахсыбыт кэмнэригэр дьиэ иһигэр айдаарбат, уйгуурбат куолу диирэ. Түүн сүллүүкүн кэлэн суорҕана суох утуйа сытар киһи ойоҕоһун уҥуохтарын ааҕар үһү, онно уһуктан кэлэн соһуйдаххына, кычыкаланнаххына ылан барар диэн куттууллара. Ол иһин суорҕаҥҥын саптан сытаҕын. Сирэйгин сууммакка сыттаххына – сүллүүкүн кэлэн салыыр, остуолга кирдээх иһит хааллаҕына – абааһылар кэлэн аһыыллар, оонньуурдаргын чөкөлөөбөтөххүнэ – сүллүүкүн оҕолорун аҕалан оонньотор... Ити курдук сүллүүкүн уобараһын саха оҕону иитиигэ хото туһанар эбит диэххэ сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....