«Сүлүһүннээх ыарыы» дьаҥа тохтообот
Аан дойдуну аймаабыт коронавирус дьаҥа өтөрүнэн хаптайыах чинчитэ суох. Бүтүн дойду статистикатын ылан көрдөххө, киһини уоскуппат сыыппаралар. Санаабытыгар, ыарыыбыт уҕараата дэһэбит даҕаны, атын дойдуларга “сүлүһүннээх ыарыы” тарҕаныыта тохтообот.
Дьокуускай куораппытыгар хааччахтааһын миэрэлэрэ сымнааннар, дьон-сэргэ мээнэ барбыт курдук. Уулуссаҕа сылдьан көрдөххө, мааска кэтэр киһи аҕыйаабыт.
Оннооҕор кыра оҕолоох ийэлэр мааска кэппэт буолбуттар, ыарыыттан сэрэнии-сэрбэнии суох буолбут. Балаһыанньа салгыы маннык быһыылаах буоллаҕына, өтөрүнэн бу ыарыыттан босхолонуохпут саарбах курдук. Таҥара көмөтүнэн, күннээҕи статистиканы көрдөххө, сыыппара улааппат курдук эрээри, киһи маны итэҕэйиэн сөп дуо?
Ыарыы содула ыарахан, доруобуйаҕа охсуута улахан
Бу ыарыы ыалдьыбыт киһиэхэ суола-ииһэ суох ааспат эбит. Мин чугас дьүөгэм (саха буолбатах, Орто Азияттан төрүттээх) ааспыт сайын бэс ыйыгар кэргэнин кытта иккиэн коронавирус ыарахан көрүҥүнэн ыалдьыбыттара. Сүүрбэччэ хонук балыыһаҕа киирэн эмтэнэн, арыый буолан тахсыбыттар эрээри, билигин да аматыйбакка сылдьаллар. Дьүөгэм икки өттүттэн сэбиргэхтэтэн (коронавирус), бүгүҥҥү туругунан тыҥатыгар икки өттүгэр 30 % -н сутуллуу баарын көрдөрө сылдьар. Бу компютернай томография түмүгүнэн. Эмтэнэ сатыыр да, аматыйбат. Быраастар “реабилитацияны” ааһыаххын наада дииллэр. Күн тура-тура эмп хааланар, сөтөлө ааспат. Уопсайынан, бу сыстыганнаах дьаҥҥа ылларбыт ыарыһахтар балыыһаттан тахсан баран, реабилитацияны булгуччу ааһыахтаахтар эбит. Олорор сирдэринэн, сыһыарыллыбыт поликлиникаларыгар, реабилитационнай кииҥҥэ салгыы эмтэнэргэ направление көрдүөхтэрин наада. Эбэтэр ыарыыга төһө ыараханнык сутуллубуттарыттан көрөн, эмтиир быраас бэйэтэ направление суруйуон сөп.
Бары билэрбит курдук, Саха сиригэр нэһилиэнньэҕэ коронавируһу утары маассабай вакцинация тохсунньу 18 күнүттэн саҕаламмыта. Бүгүҥҥү туругунан, быһыы икки көрүҥэ “Гам-Ковид-Вак” уонна “ЭпиВакКорона” дьоҥҥо-сэргэҕэ бэриллэр. Ыарыы туруоҕуттан үгүс тэрилтэлэр үлэһиттэрин “дистанционнай” көрүҥҥэ көһөрбүттэрэ.
Хааччахтааһыны эрдэ сымнаттылар
Ирина Иванова, куорат олохтооҕо:
- Биһиги, саастаах дьон, төһө да баҕарбатарбыт, вакцинация ылбыт киһи диэн баҕалаахпыт. Мин куоракка олоробун. Уу-хаар ууллуута, таһырдьа сылаас күннэр турдахтарына, поликлиникабар суруйтаран баран, быһыы ыла барар былааннаахпын. Биир дьүөгэм “Судаарыстыбаннай өҥөлөр” диэн ааттаах порталга суруйтаран, быһыытын ылбыт этэ. Ыарыы син биир баар, дьоннор ыалдьа тураллар эбит. Хааччахтааһыны сымнаппыттарын биир бэйэм сөбүлээбэтим. Аны сайыҥҥа диэри кытаанах хонтуруол баар буолуохтаах этэ. Төһө даҕаны муус устар бүтэһигэр диэри хааччахтааһыны уһаппыттарын иһин, култуурунай тэрээһиннэр куоракка маасабайдык ыытыллаллар быһыылаах, куйаар ситим нөҥүө көрдөххө. Онно-манна кыралаан мустуу ханна барыай... Сотору халлаан сылыйан, даачаҕа күргүөмүнэн тахсан “шашлыктааһын” саҕаланыа. Аны туран, айылҕаҕа тахсыы туһунан этэ да барбаккын. Ким сибиэһэй салгынынан тыыныан баҕарыа суоҕай... Сэрэниэххэ да баар этэ.
Наталья Саввинова, куорат олохтооҕо:
- Мин чугас дьүөгэм ааспыт сыл ахсынньытыгар бу ыарыыга хаптарбыта. Сааһа 35-һэ. Ыараханнык киирэр ыарыы эбит диэн сүрдээҕин саллыбыт. Ыалдьыан иннинэ балыыһаны өҥөйбөтөх киһи буоллаҕа. Муус доруобай этэ. Билигин сотору-сотору сылаабайдыыр буолбут. Наар төбөтө ыалдьар, атахтарын сүһүөхтэрэ эмиэ ыалдьан саҕалаабыттар, мэйиитэ эргийэр буолбутуттан дьиксинэр. Ыарыы содула киһи организмыгар ыарахан суолу-ииһи хаалларар эбит диэн сөҕө сылдьар. Онон сааһыттан тутулуга суох, ити биэрэр быһыыларын хайаан да ылыҥ диир. Дьиҥинэн, кини сааһынан эдэр буоллаҕа. Дьиэтээҕи балаһыанньатынан реабилитационнай кииҥҥэ киирэр кыаҕа суох. Коронавируһунан ыалдьыбыт дьоҥҥо анаан, медицинскэй реабилитационнай киин арыйбыттара наһаа туһалаах эбит. Бу дьаҥҥа хаптарбыт мин чугастык билэр дьонум онно киирэннэр, сөптөөх эмтэниини бараннар, доруобуйаларын туруга чөлүгэр түһэн эрэр. Наһаа үчүгэйдик көрөллөр-истэллэр, эмтииллэр диэн хайҕыыллар аҕай. Аллараа Бэстээххэ баар Абалаахтааҕы реабилитационнай отделениеҕа эмтэммиттэр. Бу уруккута бадараанынан эмтиир санаторийынан биллэр. Ыарыы туруоҕуттан манна коронавируһунан ыалдьыбыт дьону чөлүгэр түһэриигэ анаан куойкалары арыйбыттар.
Дьикти үйэ дьикти ыарыыта
Дьэ, дьикти үйэ кэллэ диэххэ эбитэ дуу... Төһөнөн олохпут сайдар, ол сиэринэн ыарыы эмиэ сайдан иһэр дииллэр.
Куһаҕантан киһи да сонньуйар. Урукку сылларга күн-дьыл туругуттан көрөн, ол эбэтэр сааскы, күһүҥҥү ыйдарга кириип сезона саҕаланааччы. Оскуола оҕолоро кириип кэмигэр үөрэхтэрэ тохтотуллар буолара. Поликлиника иһэ кирииптээбит дьонунан туолара. Онтон бу дьаҥ туруоҕуттан, кирииппит сезона биллибэт да буолла. Төһө киһи кириибинэн ыалдьыбыт статистиката иһиллибэт. Күн тура-тура, коронавируһунан төһө киһи ыалдьыбыта, онтон төһөтө үтүөрбүтэ, олохтон туораабыта күннээҕи олохпут сүрүн сонуна буолла. Маннык иһитиннэрии дьону барытын сылатта да быһыылаах. Ол иһин хааччахтааһын миэрэтэ сымнаабытыгар, уулуссаҕа мааската суох сылдьар дьону үгүстүк көрөбүт. Сыл устата дьон-сэргэ биир дьиэҕэ олорон, хаайтаран сөп буоллахтара. Билигин бары да таҥара илиитигэр сылдьабыт. Онон ханнык да түгэҥҥэ сэрэхпитин сүтэримиэҕиҥ. Ыарыы сүтэ илик, тулалыыр эйгэбитигэр баар. Ыарыыттан сэрэнэр дьаһалы тутуһуоҕуҥ, тус гигиенабытын көрүнэ сылдьыаҕыҥ.
Арассыыйаҕа:
Дойду үрдүнэн коронавируһунан ыалдьыы 2021 сыл муус устар 7 күнүнээҕи туругунан:
Ыалдьыбыт киһи ахсаана – 4 597 868
Уопсай өлүү ахсаана – 101 106
Саха сиригэр:
Өрөспүүбүлүкэбитигэр 2021 сыл муус устар 7 күнүнээҕи туругунан:
Ыалдьыбыт киһи ахсаана – 33 730
Үтүөрбүт дьон ахсаана – 32 620
Өлбүт киһи ахсаана - 562