Үс Хатыҥ харабылланар буолуоҕа
Киин куорат дьаһалтата Намныыр суол 17 км баар Үс Хатыҥ ытык сирин бэс ыйыттан алтынньы ыйга диэри сэбилэниилээх харабыллааһыҥҥа муниципальнай бүддьүөттэн 1965120 солкуобай сууманы көрүөҕэ.
Онон «Култуураҕа уонна уус-уран үөрэхтээһиҥҥэ агентство» МБТ дириэктэрэ Индира Ли бэс ыйын 3 күнүгэр аукцион биллэрбитэ.
Ол ирдэбилинэн кыайыылаах эбийиэк материальнай баайын-дуолун күнүстэри-түүннэри харабыллыырга миэрэлэри ылыахтаах, пропуһунан киириини-тахсыыны тэрийиэхтээх. Тэрээһиннэри ыытар кэми киллэрэн туран, сууккаҕа 4-түү киһи харабылга туруохтаах.
Аукцион кыттыылаахтара харабыллыыр үлэҕэ болдьоҕо ааһа илик лицензиялаах, суһал бөлөххө 4-тэн итэҕэһэ суох тырааныспардаах уонна сэптээх-сэбиргэллээх буолаллара ирдэнэр.
Хантараакка илии баттаныаҕыттан харабыл өҥөтө 115 хонук, ол эбэтэр 3,5 ый оҥоһуллар.
Аукцион ыытарга уонна хантараак түһэрсэргэ сокуон ирдэбилин учуоттаан (хантараак быһа холоон бэс ыйын 25-27 күннэригэр түһэрсиллэрэ былааннанар), Үс Хатыҥ алтынньы ый ортотугар диэри харабылланар.
Манна кыттыан баҕалаах дьон сайаапкаларын бэс ыйын 11 күнүгэр диэри хомуйаллар. Аукцион бэс ыйын 15 күнүгэр ыытыллар.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



