Үс Хатыҥҥа тиийэр суол өрөмүөнэ салҕанар
Саха сиринээҕи Массыына суолларын управлениета иһитиннэрбитинэн, Жатай бөһүөлэгэр барар суол «кольцевой» быһа охсуһуутугар, Үс Хатыҥҥа туоруур сиргэ диэри бастакы учаастакка аспаал уурулунна. Суол түөрт балаһалаах.
«Ити учаастакка хааччахтыыр бүтэй, кылгас болдьохтоох суол бэлиэтэ оҥоһуллуохтара», - диэтэ «Дороги Саха» САУо учаастагын начаалынньыга Айгылан Григорьев.
Саҥардыллар суол иккис учаастагар, Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаттан Жатай бөһүөлэгэр барар суол «кольцевой» быһа охсуһуутугар диэри массыына суола түөрт балаһалаах буолуоҕа.
Эбийиэк ити учаастагар, ыһыах кэмигэр, суолу быстах кэмҥэ уулаах полимернай блоктарынан араарыахтара.
Тэрээһин буолуор диэри массыына суолугар быылы хаптатар курдук минеральнай матырыйаал – хлористай кальций туттуллуоҕа.
Манна даҕатан эттэххэ, Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссатыттан саҕалаан Үс Хатыҥҥа тиийэ 40 км/ч түргэннээх сырыы олохтонно. Туймаада ыһыаҕын кэмигэр суолу оҥоруу, тутуу үлэлэрэ тохтуохтара.
Санатар буоллахха, «Нам» массыына суолун өрөмүөнэ «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн тэтимнээхтик барар. 7 км уһуннаах суол 2023 сылга үлэҕэ киириэхтээх, өрөмүөн хаамыыта графиктан эрдэлээн иһэр.