Үс Хатыҥҥа тиийэр суол быйыл өрөмүөннэнэр буолла
Региоҥҥа «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн туристическай сирдэргэ тиийэр массыына суолларын өрөмүөннээһин салҕанар. Өрөмүөн уонна хапытаалынай өрөмүөн былааныгар быйылгы сылга олохтоохтор уонна өрөспүүбүлүкэ ыалдьыттара сөбүлээн сынньанар сирдэрэ, икки эбийиэк киирэ сылдьар – Үс Хатыҥ уонна «Еланка» турбаза. Итини сэргэ «Нам» уонна «Умнас» массыына суолларыгар үлэ ыытыллар. Бу туһунан «СӨ Управтодор» СХТ иһитиннэрдэ.
Суолу тутар сезоҥҥа «Нам» массыына суолун хапытаалынай өрөмүөнэ салҕанар. Ити суол Дьокуускайы «Үс Хатыҥ» архитектурнай-этнографическай комплексы кытта ситимниир. Быйыл итиннэ Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт үгэс буолбут норуот бырааһынньыга – Ыһыах ыытыллар. Дьиҥэр 7,2 км массыына суола үлэҕэ киирэр былааннаммыт болдьоҕо 2023 сыл, ол эрэн бэдэрээтчит болдьоҕун иннинэ быйыл оҥорон бүтэрэр былааннаах.
«Быйыл Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиибит, онон биһиги эбийиэги өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын күнүгэр – балаҕан ыйын 27 күнүгэр диэри бүтэрэн туттаран былааннаахпыт», – диир «Дороги Саха» САУо генеральнай дириэктэрэ Валерий Малышев.
Ити учаастакка суол үлэтэ былырыыҥҥыттан бара турар. Бырайыакка көрүллүбүтүнэн, суол 4 балаһаҕа диэри кэҥэтиллиэхтээх, аспаал ууруллуохтаах, барьер-хааччахтааһын туруохтаах, суол кытыытынан сырдатыы оҥоһуллуохтаах, светофор, оптуобус тохтобуллара баар буолуохтаахтар.
Хаҥалас оройуонугар «Умнас» массыына суолугар 13 км учаастак нуормаҕа эппиэттиир турукка тиэрдиллэн оҥоһуллуохтаах. Ити суол «Еланка» турбазаҕа тиийэр. Өрөмүөн чэрчитинэн суол үлэһиттэрэ суол хамсаабатын, алдьамматын курдук саҥа технологиялары туттуохтара.
Былырыын «Умнас» суолга 132-143 км өрөмүөннэммит, ол иһигэр Улахан Аан сэлиэнньэ территориятыгар аспаал ууруллубут.