29.06.2024 | 12:22

Үс Хатыҥҥа Куорат баһылыгын бирииһигэр ат сүүрдүүтүн көтүтүмэҥ

Үс Хатыҥҥа Куорат баһылыгын бирииһигэр ат сүүрдүүтүн көтүтүмэҥ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн киэһэ 20.00 ч. Үс Хатыҥҥа Иннокентий Саввич Свинобоева-Тыыннаахап аатынан ипподромҥа 7 улуустан 32 быһый кыттыылаах ат сүүрдүүтэ ыытыллар.
Ол курдук, бэйэлэрин сылгыларын бу дьоһун күрэхтэһиигэ Мэҥэ Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү, Амма, Чурапчы, Нам, Сунтаар уонна Ньурба улуустара аҕаллылар.
Сүүрдүүлэр 1600, 2400, 3200 уонна 4800 м уһуҥҥа ыытыллаллар.
Улуу Туймаада хочотун аатынан сүүрдүү 4800 м уһуҥҥа уонна 1 000 000 солк. бириис пуондалаах ыытыллар. Бу уһуҥҥа саха боруодата 5 сылгы кыттар.
400 000 солк. бириис пуондалаах иккис саамай тыҥааһыннаах киирсии 3200 м күүтүллэр. Бу уһуҥҥа тупсарыллыбыт саха боруодата 9 сылгы кыттар.
Ити курдук, бу күн сүүрдүүлэр кыайыылаахтара уопсайа 2 600 000 солк. үллэстиэхтэрэ.
Күрэхтэһии генеральнай спонсордара: Мархатааҕы «Сибирь» сибиинньэ комплекса, «Туймаада» АУо Агрохолдинг, «Амурагроцентр» ХЭУо, «Альфа-Банк» АУо, «Дьокуускайдааҕы үүт собуота» ХЭУо.
Официальнай спонсор: «Комдрагметалл РС(Я)» АУо.
Партнердар: "СоюзАвто" кэммиэрсийэтэ суох тэрилтэ, «Туймаада-Нефть» АУо, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...