Сүдү үлэтэ — духуобунай нэһилиэстибэбит
Соторутааҕыта Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал библиотекаларын иһинэн саха олоҥхотун чинчийиигэ сүҥкэн кылааты хаалларбыт артыыс, суруйааччы Саха АССР норуодунай артыыһа, Былатыан Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Гавриил Гаврильевич Колесов төрөөбүтэ 90 сылыгар "Саха омук саарына Гавриил Колесов" кинигэ тула сэһэргэһии, ырыа-тойук күнэ буолан ааста.
Олоҥхо байҕал уутун курдук бараммат баайын, аан айылҕа курдук сиэдэрэй тылын-өһүн дьоро күн ыалдьыттара кэрэ кэпсээнинэн, ырыанан-тойугунан киэргэттилэр.
Кинигэ ааптара – Музыка уонна фольклор музейын научнай үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна Варвара Валерьевна Обоюкова:
– Саха олоҥхото аан дойду чулуу айымньыта ааттаныаҕыттан Олоҥхо уон сыла биллэриллэн, күн бүгүҥҥэ диэри үлэ салҕанан бара турар. Быйыл 15 төгүлүн Олоҥхо ыһыаҕын Үөһээ Бүлүүгэ үрдүк таһымҥа ыыттыбыт. Маны сэргэ, Гавриил Гаврильевич Колесов төрөөбүтэ 90, орто дойдуттан күрэммитэ 25 сылларыгар кини аатын үйэтитиигэ болҕомто уурабыт.
Бэйэм Гавриил Гаврильевичка үөрэммит дьоллоох киһибин. Киниэхэ муҥура суох махталым, үрдүк талааныгар сүгүрүйүүм бэлиэтинэн 1997 сыллаахтан санаам сайарынан дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдэбин.
Олоҥхо хаттаан сөргүтүллүүтүгэр, сахалыы ырыа-тойук сайдарыгар, олоҥхо ырыата дьиэрэйэригэр, хас биирдии оруола, уобарастара уратытык ылланарыгар ордук болҕомто уурбут уонна ону дьоҥҥо хаалларбыт киһибит кини буолар. Ол курдук 1968 сыллаахха Ленинград куоракка 9 пластинканы уһултарбыт сүдү үлэтэ – бу духуобунай нэһилиэстибэбит.
Билиҥҥи олоҥхону толорооччулар Гавриил Колесов пластинкаларыттан тирэх ылыналлар уонна салгыы сайыннаран, бука бары учууталларынан билинэллэр.
Гавриил Гаврильевич Колесов бэйэтин кэмигэр, ким даҕаны сахалыы ырыаны-тойугу ахсарбат бириэмэтигэр, саха классик суруйааччылара Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа, Ойуунускай айымньыларын толорон, "биир артыыс тыйаатыра" форматынан Саха сирин оройуоннарынан тарҕаппыт үлэтин бэлиэтиэххэ наада. Бу манна кини төһөлөөх ыараханы ааһан, норуокка тириэрдибитэ буолуой?! Ол сыратын түмүгэ – бу пластинкалара.
Өссө үлэм биир суолталаах түгэнинэн 1968 сыллаахха Ленинградка Былатыан Ойуунускай "Дьулуруйар Ньургун Боотур" олоҥхотун пластинкаҕа уһулбут билигин Санкт-Петербурга олорор саха олоҥхотун үйэтиппит сүдү дьоммутуттан биирдэстэрэ 84 сааһыгар сылдьар Арассыыйаҕа киэҥник биллэр звукорежиссер Геннадий Павлович Любимовы булбуппун, көрсүбүппүн, тиһигин быспакка сибээстэһэ олорорбун бэлиэтиэхпин баҕарабын. Кини саха олоҥхотун үйэтитиигэ үлэлэспит дьоммутуттан билиҥҥи кэмҥэ тыыннаах туоһубут буолар.
Саха норуотун чулуу айымньыта аан дойду таһымыгар тахсыытыгар Былатыан Ойуунускай "Дьулуруйар Ньургун Боотур" олоҥхото туохха да кэмнэммэт улахан суолталаах. Ону норуокка тириэрдиигэ Гавриил Колесов сүдү кылаатын киллэрбитэ. Кини бу сүҥкэннээх үлэни үйэтитиигэ тыыннаах куолаһынан уһуллубута билиҥҥи кэмҥэ олоҥхону толорооччуларбытыгар маҥнайгы босуобуйа быһыытынан сылдьар диэхпин баҕарабын.
Салгыы тэрээһин өрөспүүбүлүкэҕэ 7 бастыҥ иһигэр киирэн, Ил Дархан анал ыйааҕынан ый аайы истипиэндьийэ ылар үрдүк чиэскэ тиксибит Сунтаартан Михаил Михайлович Евсеев-Курааһай, олоҥхо толорооччу Валентин Гаврильевич Исаков "Дьулуруйар Ньургун Боотур " олоҥхону толорууларынан ситтэ-хотто.
Валентин Исаков Гавриил Колесовы олоҥхолуурун истибитин, ханна, хаһан көрсүбүтүн туһунан истиҥ-иһирэх ахтыы оҥордо. Оччолорго ырыаҕа-тойукка саҥа сыстан эрэр эдэр киһиэхэ Гавриил Колесов: "Олоҥхону ыһыктыбакка, инникитин дьарыктана сырыт", – диэн эппитин алгыс курдук ылынан, баччаҕа диэри илдьэ сылдьабын диэбитин ыҥырыылаах ыалдьыттар ытыс дохсун тыаһынан сэҥээрбиттэрин биллэрдилэр.
«Саха омук саарына Гавриил Колесов» кинигэ көрбөттөр анал библиотекаларын иһинэн анал шрибинэн тахсан, олоҥхо байҕал уутун курдук бараммат баайын, сиэдэрэй тылын-өһүн бэйэтин ааҕааччыларыгар тиэрдэр аналлаах.
Бу туһунан манна идэтийэн үлэлиир эдэр, кэскиллээх кэрэ киһи сэһэнин истиэҕиҥ.
– Мин аатым Сахаайа Данилова. Өлүөхүмэ улууһун Абаҕа дэриэбинэтиттэн төрүттээхпин.
Көрбөттөр анал бибилиэтикэлэрин аанын миэхэ аан маҥнай аспыт, эркиннэрин сылааһын биллэрбит киһим – аҕам Дмитрий Семенович Данилов. Ол күнү субу баардыы өйдүүбүн. Үс саастаах кыракый кыыс бэйэбэр дьэрэкээн уруһуйдаах рельефнэй графическай кинигэни аан бастаан илиибэр туппутум. Үлэһиттэр үтүө, сайаҕас сыһыаннарыттан үөрбүппүн билиҥҥэ диэри өйдөөн хаалбыппын.
Мин библиотекаҕа, бастатан туран, ааҕааччы буолабын. Манна кинигэ тула эрэ буолбакка, кэрэхсэбиллээх кэпсэтии, истиҥ сэһэргэһии умсулҕаннаах эйгэтэ хас биирдии киһини умсугутар, тардар дии саныыбын. Интэриэһинэй көрсүһүүлэртэн элбэҕи билэбин, үгүскэ үөрэнэбин.
Үлэһит быһыытынан сыалым-соругум диэн нууччалыы да, сахалыы да кинигэлэри көрбөт дьоҥҥо аналлаах брайль шрибинэн оҥорон таһаарыы уонна кэлин көрбөт буолбут дьону бу алфавикка үөрэтии буолар.
Гавриил Колесов туһунан кэпсиир кинигэ уруккуну үйэтитии уонна кэнэҕэски ыччакка тириэрдии курдук сыаналыыбын. Саха омук саарынын олоҕун, үлэтин туһунан кэпсиир, сырдатар кинигэ олус кэрэхсэбиллээх. Норуоппут киэн туттар дьоннорун туһунан, кинилэр үлэлэрин, история кэрэһиттэрин билэрбит, чахчы, олус наадалаах уонна туһалаах.
Биһиги библиотекабыт ааҕааччылара интэриэһинэй кинигэлэртэн олус үөрэллэр. Анал шрибинэн тахсар кинигэлэрбит ахсааннара аҕыйах буолан, улаханнык уочараттаан, кэтэһэн туран илиибитигэр тутан ааҕарбыт мэлдьэх буолбатах.
Ол да буоллар пуондабыт хаҥыырыгар үтүмэн үлэ барар. Библиотекабытыгар классик суруйааччыларбытыттан саҕалаан, саҥа тахсан эрэр ааптардар айымньыларыгар тиийэ үгүс кинигэ, баай матырыйаал баарыттан үөрэбит.
Дьэ бу курдук Олоҥхо күннэрин чэрчитинэн айылҕаттан ураты айдарыылаах, чаҕылхай талааннаах Гавриил Колесов сахалыы ырыа-тойук, кылыһах, олоҥхо туһунан бүччүм санааларын, аар-саарга аатырбыт “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону истэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал библиотекаларыгар биир сэргэх көрсүһүүттэн мустубут дьон санаалыын сырдаан, дууһалыын сылаанньыйан бу күнү оһуохайдаан түмүктээтилэр.